Нойуоха Ойуун сиэнэ — Былатыан Ойуунускай  

Ааптар: 
11.11.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 127 сыла буолла. Кини сэтинньи 11 күнүгэр 1893 сыллаахха Боотурускай улууһугар Дьохсоҕон нэһилиэгэр Ойуун ууһа диэн Сэккээччи аҕатын ууһугар улуу киһи кута уһуллан, модун санаата иитиллэн тахсыахтаах сиэринэн, дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ.

Төрдө-ууһа

Сэлэпсиэп киэҥ аймах төрүт бас-көс дьонунан, Таатта сис баайдарынан биллэллэрэ. Бэйэлэрин улуу төрүттэринэн Таатта сирин иччилээбит Кээрэкээн кинээһи, Дьохсоҕон ойууну ааттыыллара. Нойуоха Тураах Ойуун диэн аар саарга аатырбыт Кээрэкээн Кинээс Дьохсоҕон Ойуун удьуор утума ойуун киһи төрөөн, Күүтүмньү Сүөдэр диэн уолу төрөппүтүттэн Слепцовтар аймах тэнийбит. Бу Нойуоха Тураах Ойуун ыччаттарыгар биллэринэн хойукка диэри кыдьыктаах дьон төрүүллэрэ. Холобур, сүүһүнэн сылларга аба-хомуһуна дьайа сыппыт Тэйэр Хайа кэтэҕэр көмүс уҥуоҕа ууруллубут ааттаммат Ытык Эдьиийдэрэ Кыһыах Кыыһа диэн удаҕан дьахтар төрөөн ааспыт. Былатыан аҕаһа араҥастаммыт сириттэн Тэйэр хайаттан кэлин да арахпата үһү. Онно олорон элбэх айымньытын суруйбута биллэр. Бүтэһиктэринэн Күүтүмньү үһүс кэргэнит­тэн төрөөбүт Савва уола Куоһайдыыр Ойуун диэн улуу кырдьаҕас өрөбөлүүссүйэ иннинэ үөскээн төннүбүт.

Дьэ ити Нойуоха Тураах Ойуун номоххо киирбит уола Күүтүмньү Сүөдэр үстэ ойохтоммутуттан, бастакыларыттан Бүөтүр диэн уол төрөөн үс уолламмыт: Нээстэр — Бас, Өлөксөй-Хоочугур, Сүөдэр-Хара. Ойуунускай аҕата Өлөксөй — Хоочугур иккис уолунан төрүүр. Бу удьуор төрүччүтүн Силэпсиэптэр чугас аймахтара учуутал идэлээх Чөркөөх кырдьаҕаһа Бас Нээстэр сиэнэ Слепцов Гаврил Дмитриевич оҥорон хаалларбыт.

Онон бу аҕа ууһугар аар саарга аатырбыт ойууттар-удаҕаттар, олоҥхоһуттар, кэпсээнньиттэр, ырыаһыттар-тойуксуттар уутуйан үөскүүллэрэ. Аҕаларын ууһун ойуун идэлээх киһи төрүттээбитин быһыытынан, “Ойуун ууһа” диэн ааттаабыттар.

Аҕалаах ийэтэ

Хоочугур Силэпсиэптэр олохторунан төрүттэрэ дуоҕа анньан түөрэх кэбиһэн олохсуйбут мааны алааһа Тохтобул эбэ хотун. Кыстыктара Таатта үрэх үрдэ Халамнаайы күөлүн атаҕа Муҥха дэлбэрийбит алааһа.

“Кыра оҕо этим, ол эрээри “кураан” диэн тылы бэккэ өйдөөбүтүм. Күһүн Аммаҕа көһүөх иннинэ (Даайа Амматыгар киирэн кыстаан тахсаллара) мин дьонум икки биэни, үс кыра сылгыны өлөрбүт­тэрэ уонна бу өлөрбүт сылгыларын этин бүтүннүү чугастааҕы ыалларыгар, “дьыл-күн көннөҕүнэ санаарыҥ” диэн баран, түҥэтэн биэрбиттэрэ. Ол уот кураан сыллартан ыла мин ийэм-аҕам өрүттүбэт түһүүлэрин таҥнары түспүт­тэрэ”, ­

— диэн суруйар Платон Алексеевич дьоно хайдах дьадайан барбыттарын туһунан. Уон оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕата Алексей Петрович Слепцов – Хоочугур Өлөксөй бастакы ойоҕуттан үс уоллааҕа (Трофим, Улахан Никита, Кыра Никита). Инники кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, иккиһин Дьүлэй нэһилиэгиттэн Унаарап Уйбаан диэн киһи Евдокия – Дьэбдьиэкэй диэн кыыһын кэргэн ылан сэттэ оҕону төрөтөр (Платон, Василий, Анна, Улахан Маарыйа, Уйбаан, Марыына уонна Кыра Маарыйа). Мин эһэм Былатыан кэнниттэн төрөөбүт Василий – Кууска Баһылай диэн киһи этэ.

“Мин аҕам тыа быстар дьадаҥыта, тойоттор ытарча хабалаларыгар хаптарбыт, сир уонна сүөһү кулута этэ. Кини наһаа тиийиммэт-түгэммэт итиэннэ элбэх иитимньилээх буолан, бэл нэһилиэк хорохоото буолар кыаҕа суоҕа”,

— диэн ахтар Былатыан.

Ийэтэ Дьэбдьиэкэй уонна эһэтэ Унаар Уйбаан кэрэ кэпсээнньит, остуоруйаһыт дьон этилэр. Эһэтигэр Дьүлэй нэһилиэгэр хоноһолуу сылдьан уолчаан улуу олоҥхоһуттары И.Н.Винокуровы–Табаахырабы, Ньукулай Маалгыны-Көтүөхэ Уолун батыһа сылдьан истэрэ, кинилэргэ уһуллар. Ону таһынан ааттаах ырыаһыттары Ырыа Ылдьааны, Миинэ Уола Дьөгүөрсэни тэллэх уопса сылдьан үтүктэрэ. Ыаллара үһүс Дьохсоҕон олоҥхоһуттарын С.А.Саввины–Куохайааны, А.Н.Харлампьевы–Кылачыыһабы, аймаҕа Мандылымыан Слепцову, абаҕата ыраас чуор куоластаах Баһылай Слепцову- Аллака Баасканы кэрэ эйгэҕэ сиэтэн киллэрбит дьонунан ааҕара. Дьэ итинник эйгэҕэ улааппыт оҕо уус-уран көрүүтэ ураты, тыла имэҥнээх-илбистээх, өйө-санаата дириҥ буолара эрдэттэн биллибитэ уонна кэлин поэт, суруйааччы буоларыгар тирэх буолбута.

Үөрэҕи ылыыта

1906 с. ыаллара М.Я.Сивцев –Лис Маппый (Суорун Омоллоон абаҕата) диэн киһи туттубут дьиэтигэр учуутал уола Матвей Матвеевич Сивцев бастакы “Тааттыныскай” диэн ааттаах түөрт сыллаах начаалынай училищены аһар. Ол оскуола тэбэн биэрэн, кэлин Слепцовтар оҕолоро нэһилиэккэ бастыҥ үөрэхтээх дьон буола улааталлар.

“Тыа биир кылаастаах оскуолатын уон аҕыспар бүтэрбитим. Икки кэнники дьыллары ыаллары кэрийэн, олоҥхолоон-остуоруйалаан аһаан үөрэммитим”,

— диэн этэрэ Былатыан. Ити икки кэнники сыл оскуола Чөркөөххө көһөн Муҥха Дэлбэрийбиттэн биэс биэрэстэ ыраатар, онон үөрэх оҕолоругар күннэтэ онно тиэс­тэллэрэ ыарыыр. Интэринээккэ чугас аатыран ылыллыбат буолан, чахчы ыалы кэрийэн хоноллоро.

Былатыан оскуоланы бүтэрэрин кытта улуус оруодаларын аҕа баһылыктара сүбэлэһэн баран, дьоҕурдаах оҕо үөрэннэҕинэ табыллар диэн, Дьокуускай куоракка үөрэттэрэ ыыталлар. 1910 с. оччолорго Дьокуускай куорат түөрт кылаастаах училищетын учуутала ыаллара, күтүөттэрэ Е.М.Егасов Былатыан уолу салгыы үөрэт­тэрээри куоракка батыһыннаран киллэрэр. Киһитэ эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, тута оскуолаҕа киирэр. Манна кини абаҕата, Таатта дуулаҕа баайа Нээстэр Платонович Слепцов ыйааһыннаах тыла улахан оруолламмыт. Нээстэр Кулуба Күүтүмньү Сүөдэр иккис ойоҕуттан төрөөбүт Былатыан диэн уолуттан төрөөбүт. Ол абаҕатын аатынан Ойуунускайы Былатыан диэбиттэр.

Былатыан үөрэнэригэр улахан оруолу убайа Никита ылбыт. “Убайым Микиитэ үлэҕэ-хамнаска киирэрин кэрэйбэккэ, тэрийэн үөрэттэрбитэ (убайбын кэлин бандьыыттар өлөрбүттэрэ, кини оччоҕо нэһилиэккэ ревком бэрэссэдээтэлэ этэ)”, — диэн ахтар кини. Никита Былатыаны олус таптыыра уонна кини хайаан да үөрэхтээх киһи буолуоҕун баҕаран уол каникулугар барарыгар-кэлэригэр атынан тиэйэн таһаарара уонна киллэрэрэ, бэйэтэ булан өйүө-тайма тэрийэрэ.

Өрөбөлүүссүйэҕэ хардыылар

Платон Алексеевич бэйэтин кэпсээниттэн биллэххэ, өһөс уолчаан бардам майгылаах абаҕатыгар Нээстэргэ өстүйэ улааппыт. Кини кыра эрдэҕиттэн атаҕастабылы, батталы, сэнэбили абааһы көрө улааппыт уонна оччолортон да утарылаһар эбит. Ол эрээри тоҕо эрэ баайгын диэбэккэ абаҕатын уолаттарын — убайдарын Михаил Нестерович Слепцову–2, Михаил Нестерович Слепцову–1, Константин Нестеровиһы олус убаастыыр, ытыктыыр этэ.

Аҕата Хоочугур Өлөксөй хомолто­лоохтук өлүүтэ уолчаан баайдарга өстүйүүтүн ордук сэтэрэтэр. Ити ыарахан олох уолчааны ылыммыт санааны ыһыктыбат буоларга ыстаал курдук буһарбыт-хатарбыт.

Архыыптан.

Елена СЛЕПЦОВА-Куорсуннаах,

прозаик, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0