Былаахыны көнөтүк кырыылыыр ньыма

09.12.2016
Бөлөххө киир:
SONY DSC

Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтооҕо Василий Алексеев циркуляр-станокка былаахыны, хамтаһыны көнөтүк кырыылаан таһаарар ньыманы хото туһанар эбит. Харах холооһунунан эрэ кырыылаатахха, биллэн турар, былаахы кытыылара көбүс-көнө буолбатын бары бэркэ билэбит. Арай айылҕаттан бэриһиннэрбит уус киһи көнө гына таһаарыан сөп. Ол гынан баран, дьон барыта уус буолбат.

Василий Алексеев ньыматын туһаннахха, ким баҕарар былаахыны көнө гына кырыылыан сөп. Дьэ ол туох ньыманый? Циркуляр-станок икки өттүнэн үс-түөрт м уһуннаах биэс см халыҥнаах, 14-15 см кэтиттээх былаахыны мас атахтарга туруоруллар. Бу былааҕылар икки кытыыларыгар синньигэс маһынан кылдьыы оҥорон саайдахха, киэп курдук үөскүүр. Киэп иһинэн оруобуна сөп түбэһэр көбүс-көнө былааҕыны икки өттүн устууруустаан угуллар. Бу былаахы киэп иһинэн төттөрү-таары сүүрэлиир. Бу үрдүгэр муоста былаахытын ууран, циркулярга таһаардахха көбүс-көнөтүк кырыыланыа. Кырыылыыр былаахыбыт халтарыйбатын диэн төттөрү-таары сүүрэлиэхтээх сүрүн маспытыгар төттөрү өттүнэн тоһоҕору курдат саайабыт. Тоһоҕор барбах эрэ курдаттыахтаах. Били, шипыылаах көлүөһэ киэнин курдук. Оччоҕуна кырыыланар былаахы тоһоҕо төбөлөрүгэр тирэнэн халтарыйбат.

SONY DSC

Василий Алексеев: «Бу бэрт ньыма, маны төһө баҕарар тупсаран оҥорон туһаныахха сөп», – диир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0