Биир кэлим эксээмэн бэрээдэгэ уларыйда

Ааптар: 
15.02.2017
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр биир кэлим эксээмэн (БКЭ) киирбитэ 17-с сыла. Ол эрээри, оннун чопчу була илик. Сыллата туох эрэ уларыйыы, эбии-сабыы киирэ турар. Онуоха эбии, төрдүс, бэһис кылаас оҕолоругар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ киирэн, ууга-уокка түһэртиир.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын үлэһиттэрин мунньаҕын чэрчитинэн, төрөппүттэргэ уонна быйыл эксээмэн туттарар оҕолорго анаан «Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин» ГБУ “ГИА-2017 —  биир кэлим иһитиннэрэр күн” биллэрбитэ. Онон сибээстээн, төрөппүттэргэ аналлаах эксээмэн буолбута, исписэлиистэр эксээмэн тула араас ыйытыыларга хоруйдаабыттара. Быһатын эттэххэ, олус туһалаах тэрээһин ааспыта. Онтон быһа тардан, кэлин киирбит уларыйыылары, эксээмэҥҥэ, бэрэбиэркэлиир үлэҕэ сыһыаннаах сүрүн боппуруостары көрүөхпүт.

БКЭ туттарыыга 9310 сайаапка киирбит
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир кэлим эксээмэни 8150 оскуоланы бүтэрэр оҕо туттарыаҕа. Ону таһынан, ааспыт сылларга оскуоланы бүтэрбит 1129, орто анал үөрэх кыһаларыттан 31 ыччат эксээмэн туттарарын туһунан сайаапка киллэрбит.
Номнуо иккис сылын өйтөн суруйуу уонна аахпыттан суруйуу Судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа (государственная итоговая аттестация) киирэргэ быраап биэрэр. Оҕолор бу үлэлэри ахсынньы 7 уонна олунньу 1 күннэригэр суруйбуттара. Билиҥҥитэ сочуоту 97 киһи ыла илик. Ааспыт сылга бары суруйан, эксээмэҥҥэ киирбиттэр. Ити туттара илик оҕолорго билиҥҥитэ бириэмэ өссө баар.
Быйыл үһүс сылын эксээмэн буолар сирдэригэр видеокамеранан кэтээн көрүү ыытыллар. Ол курдук, 9-с кылааһы бүтэрээччилэр offline эрэсииминэн, оттон 11-с кылааһы бүтэрээччилэр offline уонна online эрэсииминэн.

«Аһаҕас аан» күннэрэ
Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин, эксээмэн туттарар оҕолорго уонна төрөппүттэргэ туһалаах буоллун диэн, араас ньымалары толкуйдуур, сонун сүүрээннэри киллэрэр. Былырыын “Аһаҕас аан күннэрин” тэрийэн ыыппыта. Быйыл Дьокуускай куораттан чугас сытар улуустарга тахсан үлэлиир былааннаахтар. Эксээмэн туттарыытыгар быһаччы сыһыаннаах, хонтуруоллуур исписэлиистэр буолан, дьон элбэҕи туһанар эбит. Ол курдук, эксээмэн ыытар учууталлары итиэннэ үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэллэр, ыйытыыларга хоруйдууллар. Үрдүк үөрэх кыһаларын хаартатын билиһиннэрбиттэр. Холобура, оҕо чопчу туттарсыан баҕалаах үөрэҕин кыһатыгар ханнык идэлэр баалларын, ханнык эксээмэннэр, онно киирэргэ кырата хас баал ирдэнэрин кэпсээбиттэр. Ааспыт сыллааҕы “Аһаҕас ааҥҥа” эксээмэннэрин 100 баалга туттарбыт оҕолору ыҥырбыттара. Кинилэр эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии кистэлэҥнэрин кэпсээбиттэр, уопуттарын үллэстибиттэрэ. Бу күн оҕолору уонна төрөппүттэри кытта тус-туспа психологтар үлэлээбиттэрэ. Итиэннэ былырыыҥҥыттан төрөппүттэргэ аналлаах мунньаҕы (чат-кэмпириэнсийэ эрэсииминэн) тэрийэн ыыталлар.

Апелляцияны икки түгэҥҥэ бэриллэр
Судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация (государственная итоговая аттестация) ыытыыга эксээмэн туттарааччы быраабын көмүскүүр сыаллаах конфликтнай хамыыһыйа үлэлиир. Хамыыһыйа икки түгэни көрөр. Бастатан туран, эксээмэн түмүгэ биллибитин кэннэ, ылбыт баалларын кытта сөпсөспөт түгэҥҥэ. Иккиһинэн, эксээмэни ыытыыга ыйыллыбыт бэрээдэги кэһии баар түгэнигэр.
Урукку сылларга оҕолор, төрөппүттэр апелляция биэрээри уһун уочаракка олорор, күннэрин-дьылларын барыыр эбит буоллахтарына, былырыыҥҥыттан ыла электроннай уочарат киирэн, үлэ быдан түргэтээбит.

БКЭ быйылгы уларыйыылара
Этэн аһарбыппыт курдук, биир кэлим эксээмэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр быйыл 17-с төгүлүн ыытыллар. Бу кэм тухары эксээмэн аата эрэ хаалла. Сыллата кэриэтэ саҥа уларыйыылар киирэ тураллар. Өссө да уларыйыа турдаҕа.
Тест садаанньата оҕоҕо билиини иҥэрбэт, ким сатабыллаах ол сөпкө таайар диэн утарар киһи элбээн, быйылгы сылга физикаҕа, биологияҕа, химияҕа бэлэм эппиэттээх тест суох буолла. Ону таһынан, биологияҕа эксээмэн уһаан биэрдэ, 3 ч 30 мүн устата толоруохтара.
9-с кылаас үөрэнээччилэрэ 2016 сылга диэри нуучча тылын уонна математиканы булгуччу итиэннэ икки биридимиэти эбии бэйэлэрэ талан туттараллара. Бу икки талбыт биридимиэттэрин сыаната  аттестат ыларга дьайбат этэ. Быйылгыттан ыла аттестат ыларга түөрт эксээмэни барытын ааһыахтарын наада. Икки биридимиэти кыайан туттарбатахтарына, эксээмэни хат туттарарга холонуохтарын сөп. Оттон үстэн элбэх эксээмэни кыайан ааспатылар да, итинник быраап бэриллибэт, кылаастарыгар иккис сылын хаалаллар уонна эһиилигэр биирдэ туттарар кыахтаналлар. Маны эрдэттэн учуоттуур ирдэнэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ
Былырыыҥҥыттан ыла 4-с уонна 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэни (Всероссийская проверочная работа) толорор буоллулар. Эбиитин төрөппүттэри куттаан, биир кэлим эксээмэҥҥэ ханыылыы үлэ диэн, ууга-уокка түһэрэллэр.
Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрэ Надежда Попова: “Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ (ВПР) биир кэлим эксээмэн буолбатах. Бу, оҕо сыл устата ылбыт билиитин бэрэбиэркэлиир үлэ. 4-с кылаас үөрэнээччилэрэ математика, нуучча тыла, тулалыыр эйгэ биридимиэттэргэ толороллор. 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ математикаҕа, нуучча тылыгар, историяҕа, биологияҕа суруйуохтара. Итини таһынан, быйылгыттан 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ физикаҕа, химияҕа, биологияҕа, географияҕа, историяҕа билиилэрин бэрэбиэркэлэниэхтэрэ. Бу бэрэбиэркэлиир үлэ садаанньата дойду үрдүнэн барыларыгар биир тэҥ. Итиэннэ аттестат ылалларыгар, кылаастарын тахсалларыгар, хайысхаларынан кылаастарга арахсалларыгар хайдах да дьайбат. Оҕо, төрөппүт сөбүлэспэт буоллаҕына, кылаас сурунаалыгар туруорумуохтарын да сөп“, — диэн быһааран биэрбитэ. Онон бэрэбиэркэлиир үлэттэн киһи куттанара суох.

Инники былааннар
Анал үөрэхтээх исписэлиистэр, аҕыйах сылтан бэттэх оҕо саҥарар дьоҕура мөлтөөбүтүн, санаатын толору сайа эппэт буолбутун бэлиэтииллэр. Ол күннээҕи олоххо даҕаны көстөр. Маныаха эксээмэннэри урукку курдук тылынан буолбакка, суругунан толороллоро дьайар диэн быһаараллар. Биир кэлим эксээмэн киириэҕиттэн ыла, учууталлар оҕону билии иҥэрэр туһугар буолбакка, эксээмэни хайдах эмэ мүччү көтөр туһугар бэлэнииллэр диэн этэллэр. Онон быһа холоон, 2018-2019 сыллартан нуучча тылыгар эксээмэни тылынан туттарар буолуохтара.
Быйыл пилотнай бырайыак быһыытынан, тылынан эксээмэни Дьокуускай куорат икки оскуолатыгар киллэрэн көрүөхтэрэ. Эспэримиэҥҥэ чопчу ханнык оскуолалар хабыллыахтара билиҥҥитэ биллибэт.
Итини сэргэ, барыллаан 2020 сылтан математиканы, нуучча тылын таһынан, эбии үһүс булгуччулаах биридимиэти – омук тылын киллэрэри былаанныыллар. Оччотугар оҕолор барыта биэс эксээмэни туттарар буолуохтара.


Туһалаах нүөмэрдэр
Эксээмэн туһунан ыйытыылаах буоллаххытына,
быһа сибээс ЕГЭ: +7(4112)42-10-46,
ОГЭ: +7(4112)42-10-48;
конфликтнай хамыыһыйа ЕГЭ: +7(4112)42-10-36, ОГЭ: +7(4112)42-10-12 нүөмэрдэринэн билсиэххитин сөп.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0