Быйылгы эксээмэҥҥэ туох уларыйда?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл кэнниттэн оскуоланы бүтэрээччилэр эксээмэҥҥэ хорутуулаахтык, ыкса ылсан бэлэмнэммитинэн бараллар. Сыллата оскуоланы да, тохсус кылааһы даҕаны бүтэрээччилэр эксээмэннэригэр уларыйыылар киирэллэр. Ол сонун буолбатах. Дьэ, быйыл туох уларыйыылар киирбиттэрин наардаан көрүөҕүҥ.

edersaas.ru

Математика: “базовай” эбэтэр “профильнай”

Быйылгы биир кэлим эксээмэҥҥэ сүрүн уларыйыы математикаҕа киирдэ. Ол курдук, урукку сылларга профильнай математиканы (уустук) талар оҕолор базовай математика (судургу) эксээмэни эмиэ туттараллара көҥүллэнэрэ. 2019 сылтан итини тохтоттулар. Оскуоланы бүтэрээччи математика уустук өттүн талбыт буоллаҕына, судургутун туттарбат. Профильнай математика тустаах биридимиэт ирдэнэр үрдүк үөрэҕэр туттарсарга наада. Рособрнадзор көрүүтүнэн, уустук математиканы талбыт оҕо судургутун чэпчэкитик туттарар эбит. Оттон эксээмэни кыа­йан ааспатаҕына, судургутун талан, атын күннэргэ хаттаан холонуон сөп диэн этэллэр. Оччотугар күһүн аттестат ылар кыахтанар.

Аны оскуоланы урукку сылларга бүтэрбит дьон, биир кэлим эксээмэн туттарар туһунан сайабылыанньаларын биэрэллэригэр, урукку курдук аттестаты бэйэтин буолбакка, бигэргэммит куоппу­йатын эмиэ биэриэхтэрин сөп эбит.

Кытай тыла эбилиннэ

Иккис сүрүн уларыйыы омук тылыгар киирдэ. Ол курдук, бу иннинэ англия, француз, ньиэмэс, испания тылын туттарар эбит ­буоллахтарына, быйылгыттан кытай тыла эбилиннэ. Маныаха Саха сиригэр кытай тылыгар биир кэлим эксээмэн хамыыһыйата тэриллиэҕин туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ иһитиннэрэн тураллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр кытай тылын үөрэтэр оскуола сыллата эбиллэн иһэр ­итиэннэ аан дойдуга даҕаны киэҥник тарҕанна. Онон оҕолор кытай тылын талаллара өйдөнөр суол.

Информатиканы — көмпүүтэринэн

Үһүс уларыйыы информатикаҕа киирдэ. Бу иннинэ тустаах эксээмэни туттаралларыгар кумааҕы былааҥкатын туһанар эбит буоллахтарына, быйылгыттан көмпүүтэринэн ньыманы киллэрдилэр. Ол эрээри, бу билиҥҥитэ боруобалаан көрүү эрэ буолар, толору 2022 сылтан көһөр былааннаахтар. Оттон Саха сиригэр урукку курдук туттарыахтара диэн быһаараллар. Тоҕо диэтэххэ, тустаах уларыйыы интэри­ниэттэн быһаччы тутулук­таах, барыларыгар тэҥ услуобуйаны олохтуур ирдэнэр. Оттон би­­һиэхэ сорох уһук нэһилиэктэргэ интэриниэт мөлтөҕүн бэйэҕит билэҕит.

9-с кылаастар тургутуулара

Аны тохсус кылааһы бүтэрээччилэргэ туох уларыйыы киирбитин көрүөҕүҥ. Быйылгыттан ыла нуучча тылыгар сэһэргэһии (собеседование) бары биридимиэт эксээмэннэригэр киирэргэ быраабы биэрэр буолла. Нууччалыы саҥара үөрүйэх оҕолор кэм уопуттаах буолан уустуктары көрсүөхтэрэ суоҕа диэн сорох учууталлар этэллэр. Сэһэргэһии Арассыыйа үрдүнэн олунньу 13 күнүгэр ыытыллыаҕа. Тургутууну ааспатахтар кулун тутар 13, ыам ыйын 6 күннэригэр эбии болдьоххо туттарыахтарын сөп. Маныаха сыана туруорбаттар, “зачет”, “незачет” диэн бэлиэтэнэр.

Түмүк

Биир кэлим эксээмэни оскуоланы бүтэрээччи барыта булгуччу туттарар буолбута лоп курдук 10 сыл буолла. Ол иннинэ, эспэримиэн быһыытынан 2001 сыллаахха киирбитэ. Эспэримиэҥҥэ маҥнайгынан Чувашия, Марий Эл, Самарскай уонна Ростовскай уобаластар, Саха сирэ кыттыбыттара. Тустаах эксээмэни сорохтор си­­рэллэр, атыттар хайгыыллар – дьон санаата араас. Ол эрээри, кэлиҥҥи чахчылар көрдөрөллөрүнэн, киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар Арассыыйа субъектарыттан туттарсар оҕо ахсаана 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Саха сирэ даҕаны итинтэн хаалсыбат.

Аттестат ыларга эмиэ урукку курдук математика (базовай) уонна нуучча тылын эксээ­мэннэрин туттарар ирдэнэр. Итиннэ саҥаны киллэрии суох. Арай, 2022 сылга омук тылын булгуччулаах эксээмэн быһыытынан киллэриэхтэрэ диэн этэллэр. Оскуоланы бүтэрээччилэр исто­рияны билиилэрин таһыма мөлтөх диэн, эмиэ булгуччу туттаралларын ирдиэххэ диэн кэпсэтэллэр. Ити билиҥҥитэ чопчу биллэ илик. Кэм-кэрдии көрдөрөн иһээ ини.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска  интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0