Быйылгы Чугуновскай ааҕыылар

25.03.2020
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 12 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, академик Афанасий Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар Уус Маайа, Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас  улуустарын агрооскуолаларын үөрэнээччилэрэ эрэгийиэннээҕи Чугуновскай ааҕыыларга кытыннылар.

edersaas.ru

Ыалдьыттар бастаан оскуолаҕа, Мэҥэбил аатынан олох сэһэнин  киинигэр, саха олоҕун, үөрэҕирии устуоруйатын, академик Афанасий Чугунов олоҕун билиһиннэрэр түмэлгэ, мэлдьи күөҕүнэн чэлгийэр оранжереяҕа экскурсияҕа сырыттылар.

Бу ааҕыыга 16 оскуола кыттыыны ылла. Эдэр чинчийээччилэр 9  секцияҕа арахсан, бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. 126 дакылаат ааҕылынна. Дьүүллүүр  сүбэ 54  үлэни  дипломнарынан бэлиэтээтэ. Улуу  Кыайыы 75 сылын көрсө ырыа, хоһоон, үҥкүү түһүлгэтэ тэрилиннэ.

Ааҕыы кыайыылаахтара дипломнарынан бэлиэтэннилэр. Оттон Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн уоттаах сэриигэ кыттыбыт, тыылга үлэлээбит ытык дьоннорун аатын үйэтитэн, кинилэр ыччаттара кыайыылаахтарга анал бириистэрин туттардылар.

Оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитин Кыыдаана  Боярова уруһуйдарын быыстапката дьон болҕомтотун тарта. Кыыдаана Афанасий Чугунов мэтириэтин уруһуйдаан, бэлэх уунна.

Ааҕыыларга кыттыбыт оҕолорго сиэксийэлэринэн дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ инники үлэҕэ сүбэлэри биэрдилэр. Кэлэр сылга Чугуновскай  ааҕыыга  өссө элбэх чинчийиилээх кэлэллэригэр эрэнэллэрин биллэрдилэр.

                                         Надежда Андросова,

                                              Мэлдьэхси

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0