Быйыл тупсаран оҥорууга 650 мөл. солк көрүллүөҕэ

23.01.2017
Бөлөххө киир:

    Ааспыт нэдиэлэҕэ улуус, нэһилиэк баһылыктара Дьокуускайга бырабыыталыстыбаны, Ил Дарханы кытары көрсөн, туох кыһалҕалаахтарын иһитиннэрбиттэрэ, туох үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ.

   Бу чэрчитинэн ыытыллыбыт семинар-мунньахха СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирэ Гаврил Левин баһылыктарга судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһиҥҥэ, тупсаран оҥорууга, элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннээһиҥҥэ, энергияны кэмчилээн туһаныыга болҕомтону күүскэ ууралларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.

Төһө даҕаны Тупсарыы сыла түмүктэммитин үрдүнэн, бу боппуруос муниципальнай тэриллиилэргэ сытыытык турар. Быйыл бу хайысхаҕа 650 мөл. солк көрүллүөҕэ. Ол курдук, дьоһун суолталаах «Формирование комфортной городской среды» бырайыакка федеральнай бүддьүөттэн 200 мөл. солк уонна тупсаран оҥоруу үс сыллаах былаанын олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 450 мөл. солк. тыырыллыаҕа.

Гаврил Левин, СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирэ:

«Формирование комфортной городской среды» бырайыак икки сүрүн хайысхалаах: тэлгэһэни тупсарыы уонна уопсастыбаннай сирдэри оҥоруу. Бырайыакка кыттыан баҕалаах муниципальнай тэриллиилэр 2017 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри анал бырагырааманы оҥорон, Уопсастыбаннай истиини тэрийэн, ону ыам ыйын 25 күнүгэр диэри бигэргэтиэхтэрин наада. Итини тэҥэ, тэлгэһэни тупсарыыга уонна уопсастыбаннай сирдэри оҥорууга анал дизайн-бырайыак сиһилии оҥоһуллуохтаах. Бырайыак балаҕан ыйын ортотугар диэри олоххо киириэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0