Быйыл Арассыыйа бэрэсидьиэнин Анал этиитэ Федеральнай Мунньахха былааннамматаҕа, диэн РИА Новости-га Арассыыйа баһылыгын пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрдэ.
Дойду баһылыга Федеральнай Мунньахха дойдуга балаһыанньа уонна ис уонна тас бэлиитикэ сүрүн хайысхаларын туһунан анаан этээччи. Бу бырагыраама хайысхалаах бэлиитикэ-быраап докумуона Арассыыйа чугастааҕы кэмҥэ сайдыытын стратегическай хайысхаларын торумнуур. Анал этиигэ бэлиитикэ, экэниэмикэ, идеология балаһыанньалара, ону тэҥэ, парламент икки палататын сокуону оҥорор үлэтигэр этиилэр киирэллэр.
Бэрэсидьиэн, үгэс курдук, Анал этиитин Федеральнай Мунньахха сыл бүтүүтэ туһаайар, ол эрээри 2017 сыллаах Анал этии 2018 сыл кулун тутар ыйга көһөрүллүбүтэ. Онно бэрэсидьиэн социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны сэргэ сүрүн болҕомтотун сэбилэнии эйгэтигэр кэнники айан таһаарыыларга уурбута, маныаха Арассыыйа байыаннай кыаҕа кимиэхэ да суудайбат, стратегическай өттүнэн тэҥ буолууну хааччыйар диэбитэ.
Үгэс курдук, Анал этии Кремльгэ ыытыллар, ол эрээри 2018 сыл кулун тутар ыйыгар Путин Манежка тыл эппитэ. Бу былаһаакканы ыҥырыылаах дьон элбэҕинэн талбыттара, ону тэҥэ, мультимедийнэй формат туһаныллыбыта: экраҥҥа Арассыыйа саҥа сэбилэниитин көрдөрбүттэрэ.
СИА.