Быйыл “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ 1289 оҕо кыттар

Ааптар: 
09.01.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн өрөспүбүлүкэтээҕи 24-с төгүлүн ыытыллар “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ саҕаланна. Тэрээһин 12 хайысханан, 35 секциянан барар, 1289 оҕо кыттар, 414 экспиэрт үлэлиир.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Аан маҥнай “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн, 1996 сыллаахха ыытыллыбыта. Оччолорго 150 оҕо кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 1148 үлэни көмүскүөхтэрэ.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров: “Оскуола, улуус иһинээҕи сүүмэрдиир кэмпириэнсийэҕэ 10 тыһыынча кэриҥэ үлэ чинчийилиннэ. Бастыҥтан бастыҥнар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ кэллилэр. Үһүс сылын оҕолор үлэлэрин англия тылынан кэпсииллэр. Ол түмүгэр, бу кэм устата 150-ча оҕо норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытынна. Быйыл “геоинформатика, беспилотнай летательнай технология” уонна “робототехника” сиэксийэлэрэ эбиллэн биэрдилэр. Ол түмүгэр, кыттааччы ахсаана эбилиннэ уонна кэмпириэнсийэҕэ интэриэс үрдээтэ”, — диэн бэлиэтээтэ.

СӨ Аччыгый наукаларын академиятын ректора Василий Павлов Саха сиригэр социальнай-гуманитарнай хайысхалары ордук киэҥник сэҥээрэллэрин, норуот бэйэтин култууратын, үгэһин, искусствотын биһириирин, өрө тутарын этэр. Бу өттүгэр оҕолор кыра эрдэхтэриттэн дьарыктанан, бэйэлэрэ экспиэрт буолар кыахтаахтарын иһитиннэрэр. Ону таһынан, научнай-технологическай, математика, физика хайысхалара күүскэ сайдан эрэллэрин, уһун кыһын оҕону толкуйдуурга күһэйэрин ыйар. Оҕолор инникилэрин толкуйдууларын итиэннэ бу хайысхаларга ситиһиилээхтик үлэлиэхтэригэр эрэнэрин этэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Галя Павлова, Ангелина Романова: “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо тиэмэтигэр авангарднай көстүүмнэри оҥордубут. Оҕолор уобарастары бэйэлэрэ талбыттара. Маны таҥастан уонна туостан оҥордубут. Туоһу бэйэбит хастаабыппыт, бэлэмнээбиппит. Бу кэтэн турар таҥаспытын быһа холоон сыл курдук бэлэмнээтибит”, — диэн кэпсииллэр.

Салайааччылара, технология учуутала, эбии үөрэхтээһин педагога Туйаара Егорова куруһуогу үлэлэппитэ 20-чэ сыл буолбут. Араас тиэмэҕэ барытыгар үлэлээн кэлбиттэр. Иитиллээччилэрэ биир сөбүлээн дьарыктанар дьарыктара туоһунан оҥоһук буоларын этэр. “Бэйэм төрүт култуура учуутала идэлээх буолан, таҥаста тиктиэҕиҥ диэн этии киллэрбиппин биһирээбиттэрэ. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону бэйэлэрэ талбыттара. Бастатан туран, олоҥхо тиэмэтигэр таҥас тиктилэр. Иккиһинэн, итинтэн сиэттэрэн, олоҥхону бэйэлэрэ хасыһан аахтылар. Аахпакка эрэ хайдах даҕаны олоҥхо дьоруойдарын таҥаһын-сабын бэлэмниир кыаллыбат. Онон оҕо таарыйа олоҥхоҕо сыстар. Олоҥхо кинигэтэ халыҥын көрөөт даҕаны, үгүс оҕо чугаһыан  баҕарбат. Биллэн турар, олоҥхону ааҕан соһуйдулар, интэриэһинэйин биһирээтилэр. Үсүһүнэн, таарыйа иискэ сыһыаннаах араас үгэстэри кэпсиибин. Ити курдук, бары өттүттэн хабабыт”, — диэн салайааччылара Туйаара Дмитриевна санаатын үллэстэр.

“Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ түмүктүүр тэрээһинэ тохсунньу 11 күнүгэр буолуоҕа.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0