Ааспыт сылларга Саҥа дьыл буолуон иннинэ хотугу улуустарга «күөх эриэйистэр» көппөтөхтөр эбэтэр ахсынньы 31 күнүгэр тиийбиттэр диэн иһитиннэриилэрэ үгүстүк истэрбит. Билигин итинник саҥа-иҥэ сотору тохтуура буолуо.
Ол курдук, быйыл Арктика түөлбэтин улуустарыгар социальнай суолталаах бородуукта бастакы чааһын хотугу муора суолунан тиэрдиэхтэрэ. Бу иннинэ хотугу уонна Арктика улуустарыгар тустаах бородуукта тимир суолунан Аллааа Бэстээххэ кэлэн сүөкэниллэн баран, салгыы уу аалларынан өрүс суолунан тиэрдиллэрэ. Итинтэн хаалбытын төһө эмит ороскуоттааҕын үрдүнэн, кыһыҥҥы суолунан илдьэллэрэ. Манна улахан тимир көлөлөөхтөр харчылаһан хаалаллара иһиллэр, биир барыы төлөбүрэ, ортотунан, 700-800 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
Ааспыт сылга кэккэ хотугу улуустарга ыраах сытар нэһилиэктэргэ аччыгый авиацияны хото туһаммыттара, бэл, диэтэр кууллаах хортуоппуйа парашютунан тамнаан дьону соһуппуттара. «Якутоптторг» АУо былырыын ити боппуруоһу быһаарыыга күүскэ ылсан үлэлээтэ уонна сэбиэскэй кэмҥэ туһаныллыбыт хотугу муора суолун сөргүтэри тутуста. Саамай сөптөөх дьаһаныы.
Маны олоххо киллэрэр инниттэн тэрилтэ бас билэр СТК-1012 диэн суудуната аны саас Беломорcкайдааҕы-Балтийскай уонна Волгатааҕы-Донской канаалларынан супту түһэн, бэс ыйыгар Краснодарскай кыраайга сүөкэниэҕэ. Салгыы таһаҕаһы от ыйыгар хотугу муора суолунан хоту улуустарга тиэрдиэхтэрэ. Ити схеманан икки эриэйис былааннаныллыбыт. Ол курдук, хотугу муора суолунан 3 тыһ. туонна кэриҥэ таһаҕаһы Тиксиигэ уонна Черскэйгэ аҕалыахтара. Бу икки эрийиэскэ хоту улуустарга тиэрдиллиэхтээх бородууктаттан 50 %-на хабыллар.
Бу туһунан «Якутоптторг» АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сайдам Степанов төлөпүөнүгэр эрийэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.
«Аан дойду үрдүнэн сыана үрдүү турарынан, өссө былырыын СӨ Бырабыыталыстыбата кэлэр 2022 сылга Арктика улуустарыгар социальнай суолталаах бородуукта сыанатын биир тэҥник тутар уонна сылы эргиччи тохтоло суох хааччыйар сыалы-соругу туруорбута. Биһиги ити соругу олоххо киллэрэр инниттэн бэйэбит флоппутунан хотугу муора суолун исхиэмэтин тутуһарга быһаарыммыппыт. Бу, биллэн турар, тырааныспар ороскуотун лаппа аччатыаҕа. Былырыын навигация түмүктэнэрин саҕана СТК-1012 суудунабыт Ленинградскай уобалас Вознесенье бөһүөлэгин аннынан кыстаабыта. Тустаах өрөмүөнү толору ааста. «Якутоптторг» АУо социальнай суолталаах бородууктаны хотугу муора суолунан тиэйиини (СЗПТ) бу иннинэ тэрийбэтэҕэ эрээри, быйыл хайаан да олоххо киллэриэхпит. Бары бэркэ диэн билэбит, Сэбиэскэй кэмҥэ хотугу улуустарга таһаҕаһы хотугу муора суолунан тиэйэ сылдьыбыттарын», — диэн быһааран биэрдэ.
Александр Тарасов, «Саха сирэ», edersaas.ru