Быйыл ХИФУга саҥа идэлэр аһыллаллар

Ааптар: 
23.02.2022
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка быйыл 14 саҥа исписээлинэс аһыллан эрэр. Ол туһунан, “Эдэр саас” саайтка университет киин тутар хамыыһыйата иһитиннэрдэ.

2022-2023 үөрэх дьылыгар бакалавриакка уонна специалитекка 14 үөрэх саҥа бырагыраама аһыллан эрэр. Ол курдук, автодорожнай факультекка, естественнэй наукалар институттарыгар, тас дойду филологията уонна регионоведение институтугар, психология институтугар, хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар, физика-тиэхиньиическэй институкка, үп-экэниэмикэ институтугар, Нерюнгритааҕы тиэхиньиическэй институкка (филиал) аһыллыахтара.

Быйыл ХИФУга бакалавриакка уонна специалитекка филиаллары киллэрэн туран күнүскү үөрэххэ 3195 миэстэ көрүлүннэ, итинтэн 2644 миэстэ бүддьүөккэ. Күнүскү-кэтэхтэн үөрэххэ 155 миэстэ (бүддьүөккэ — 15), кэтэхтэн үөрэххэ 626 миэстэ (бүддьүөккэ — 410)”, — диэн киин тутар хамыыһыйа исписэлииһэ Петр Кычкин этэр.

Маннык саҥа исписээлинэстэр бааллар:

  1. Наземные транспортно-технологические комплексы (Подъемно-транспортные, строительные, дорожные машины и оборудование (совместная программа двух дипломов СВФУ с Хэйлунцзянским восточным университетом (КНР)) – математика, физика/информатика уонна ИКТ, нуучча тыла;
  2. Профессиональное обучение (по отраслям) (Безопасность дорожного движения и транспорт) – математика, физика/информатика уонна ИКТ, нуучча тыла;
  3. Техносферная безопасность (Инженерная защита окружающей среды) – математика, физика/химия, нуучча тыла;
  4. Филология (Японский язык в информационно-образовательной деятельности) – омук тыла, нуучча тыла, литэрэтиирэ;
  5. Клиническая психология (Клинико-психологическая помощь в социальной сфере) – биология, математика/обществознание, нуучча тыла;
  6. Гостиничное дело (Технологии и организация гостиничной и ресторанной деятельности) – обществознание, нуучча тыла, омук тыла/история;
  7. Педагогическое образование (с двумя профилями подготовки) (Родной язык (якутский) и литература и Тьюторство в сфере образования)) – обществознание, нуучча тыла, профессиональнай тургутуу — 34 б.;
  8. Педагогическое образование (с двумя профилями подготовки) (Родной язык (якутский) и литература и Дополнительное образование) – обществознание, нуучча тыла, профессиональнай тургутуу — 34 б.;
  9. Культурология (Культура массовых коммуникаций) – обществознание, нуучча тыла, история/омук тыла;
  10. Народная художественная культура (Руководство этнокультурным центром) – литэрэтиирэ, нуучча тыла, айар (творческай) тургутуу — 34 б.;
  11. Радиотехника (Мобильные и робототехнические системы и программирование) – математика, физика/информатика уонна ИКТ, нуучча тыла;
  12. Электроэнергетика и электротехника (Электроснабжение; Цифровые энергосистемы, организация и экономика) – математика, физика/информатика уонна ИКТ, нуучча тыла;
  13. Управление персоналом (Управление персоналом организации) – математика, сэһэргэһии (собеседование) — 50 б., нуучча тыла;
  14. Экономика (Экономика труда) – математика, нуучча тыла, сэһэргэһии (собеседование) — 50 б..

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньаттан көрөн, абитуриеннартан докумуону олоҕурбут көрүҥүнэн тутар былааннаахтар. Ону таһынан, суударыстыбаннай өҥө порталынан (Госуслуги), ХИФУ сайтын нөҥүө, Арассыыйа буочтатынан ылыахтара. Докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыахтара.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хартыына: tvoyaparallel.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0