Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх көмүс хостонуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 2021 сыл тоҕус ыйынааҕы туругунан, 32,8 туонна көмүс хостонуллубут. Бу ааспыт сыллааҕар 3,4 %-нан үрдүк. СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэринэн, быйылгы көрдөрүү 1970-с сыллардааҕы рекорду куоһарбыт.

«Селигдар», «Полюс Алдан»  уонна «Нерюнгри-Металлик» хампаанньалар  оҥорон таһаарыыларын улаатыннарбыттарын түмүгэр, көмүһү хостооһун үрдээтэ.  Итини ситиһэргэ оҥорон таһаарыы технологиятын, хайа-байытар үлэҕэ туһаныллар тиэхиньикэлэри саҥардан биэрбиттэрэ уонна үрдүк таһымнаах  исписэлиистэри үлэҕэ ылбыттара улахан көдьүүстээх буолла.  Бырамыысыланнай хампаанньалар  олохтоох дьону үлэҕэ ылыылара уонна тэхиньиичэскэй идэлэргэ үөрэтиилэрэ лаппа үрдээтэ», – диэн Айсен Николаев быһаарда.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ  РФ Илини сайыннарыыга министиэристибэтин  геологическай- чинчийиини бытаардар  административнай мэһэйдэри  аҕыйатар туһунан көҕүлээһинин өйөөбүтэ. Ол түмүгэр,   көмүс баайдаах сирдэр  аһыллыылара элбээбититтэн сиэттэрэн, биллэн турар, көмүһү хостооһун улааппыт. Билигин көмүһү хостуурунан дьарыктанар тэрилтэлэр тэхиньиичэскэй өттүнэн  кыаҕыралларыгар уонна бырамыысыланнай саҥа эбийиэктэри тутууга болҕомтону күүскэ ууран үлэлииллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0