Быйыл фермердэри кытаанах күөн күрэс күүтэр

Бөлөххө киир:

Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, дойду тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээн ыытар “Саҥа саҕалыыр фермер” бырагырааматын куонкуруһугар быйыл кыайбыттар 3-түү мөл. солк. суумалаах граны ылыахтара.

Бу урукку сылларга тэҥнээтэххэ, икки төгүл элбэх. Ол гынан баран, көбүччү көмөҕө ынах сүөһүнү иитиигэ идэтийэн эрэр “саҥа саҕалааччылар” эрэ тиксэр дьоллонуохтара: 2 мөл. 750 тыһ. солк. харчыга сүөһү атыылаһыахтара, хотон туттуохтара, 250 тыһ. солк. дьиэлэрин-уоттарын оҥостуохтара, тупсарыахтара. Сылгыһыттар, табаһыттар, сибиинньэ, көтөр иитээччилэр, тэллэй үүннэрээччилэр уо.д.а. 1,5-лыы мөлүйүөнүнэн дуоһуйуохтара.

Көмө суумата икки төгүл улаатар буоллаҕына, үпкэ тиксээччи ахсаана биир оччонон аҕыйыахтааҕа сэрэйиллэр этэ. Ити эрээри, быйылгы кыттааччылары өссө кытаанах күрэстэһии күүтэр эбит. Санатан эттэххэ, былырыын 234 киһи 1,5-лыы мөл. солк. суумалаах граны ылбыта. Бу сыыппара биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр муҥутуур көрдөрүү быһыытынан устуоруйаҕа хаалар бадахтаах. Быйыл федеральнай министиэристибэ Саха сирэ граны 76 “саҥа саҕалааччыга” биэрэригэр быспыт эбэтэр ону атыннык «индикатор» дииллэр.

Оттон “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыы” бырагыраама көмө үбүгэр букатын даҕаны 7 эрэ хаһаайыстыба тиксэрэ сабаҕаланар. Саната таарыйа эттэххэ, былырыын маннык граны 51 хаһаайыстыба ылан турар. Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыны өйүүргэ көрүллэр үп кээмэйэ 21 мөл. 600 тыһ. солкуобайтан 30 мөл. солкуобайга диэри үрдэтилиннэ.

Ити куонкурустарга хайатыгар баҕарар кыайбыт фермер бырайыагын (бизнес-былаанын) 60 бырыһыанын судаарыстыба угар, 40 бырыһыана бэйэтин счетугар баар буолуохтаах. Холобур, «саҥа саҕалааччы» 3 мөлүйүөннээх гранын ыларгар 1 мөл. 200 тыһ. солкуобайдаах буолуохтааххын. Онон, сүөһү иитиитин салаатыгар чахчы үлэлиир уонна үптээх хаһаайыстыбалар киирсэр кыахтаахтар. Убайдарбыт этэллэригэр дылы, «халява» бүппүт, доҕоттор!

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0