Быйыл Дьокуускай куоракка барыта 13 км суол оҥоһуллуохтаах. Манна барытыгар 1,1 млрд солк. көрүллүөхтээх. Бу сылга Окружной шоссены таһынан, Кальвица, Петр Алексеев, Чернышевскай, Хабаров, Чиряев, Билибин, Автодорожнай, Жорницкай, Кулаковскай, Дежнев, Ломоносов, о.д.а. уулуссалар саҥардыллыахтара.
Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куоракка 2010 сылтан 2016 сылга диэри суол оҥоруутугар барыта 6,3 млрд солк. көрүллүбүт. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 4,6, федеральнайтан (“Азия оҕолоро” спартакиада чэрчитинэн) – 0,6, Дьокуускай куораттан – 1,1 млрд солк. барбыт. Бу алта сыл иһигэр киин куоракка барыта 72 км суол оҥоһуллубут, өрөмүөннэммит.
Ол курдук, 2010 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 394 мөл. солк. көрүллэн, Ойуунускай уулуссата, Бүлүүлүүр трасса оҥоһуллубут. 2011 с. 2,1 млрд солк. үбүлэнэн, биир улахан эбийиэкпит, Сайсары күөлүн туоруур муоста тутуллубута, ону сэргэ, Сэргэлээх шоссетыгар, Лермонтов, Ойуунускай уулуссаларыгар, Бүлүүлүүр суолга салгыы үлэ барбыта. 2012 с. 1,4 млрд солк. суумаҕа 27 км усталаах суол оҥоһуллубут, үгүс уулусса саҥардыллыбыт. Ол иһигэр Быковскай, Гагарин, Петр Алексеев, Аммосов, Киров, Октябрьскай, Семен Данилов, Октябрь 50 сыла автострада, Дзержинскэй, Можайскай уулуссалара. Манна даҕатан эттэххэ, бу сылтан саҕалаан Суол фондата тэриллэн, мантан 604 мөл. солк. көрүллүбүт. 2013 с. 661 мөл. солк. көрүллэн, 10,59 км суол оҥоһуллубута. Оттон 2014 с. 227 мөл. солк. Покровскайдыыр суол, Можайскай уулусса өрөмүөннэммиттэрэ.
2015 с. Дьокуускай куорат “Дорисс” диэн Чувашия Өрөспүүбүлүкэтин улахан хампаанньатын кытары суол оҥоруутугар 3 сыллаах дуогабардары түһэрсэн үлэлиир. Ити “Дьокуускай куорат 2015-2019 сс. социальнай-экономическэй сайдыытын туһунан” диэн Ил Дархан ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар. Дуогабардар уопсай суумалара 2,6 млрд солк. тэҥнэһэр. 2015 с. саҕалаан Дьокуускайбытыгар “дористар” Покровскай тракт, Горькай, Ярославскай, Курашов, Короленко, Котенко, Экспериментальнай, Кулаковскай, Ойуунускай, Петровскай, Поярков, Тургенев, Кузьмин, Стадухин, Дежнев, Халтурин о.д.а. уулуссалар оҥоһулуннулар. “Азия оҕолорун” чэрчитинэн, тротуардары өрөмүөннээбиттэрэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.