Быйыл бүддьүөт миэстэтэ 10 бырыһыанынан эбилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта РФ наукатын уонна үрдүк үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков Федерация Сэбиэтигэр мунньахха кыттарыгар, 2021-2022 үөрэх дьылыгар бүддьүөт миэстэтэ 10 бырыһыанынан эбиллибитин туһунан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан бүддьүөт миэстэтин биллэ эптибит. Былырыын сайын, тутар хампаанньа бара турдаҕына эбии 11 433 бүддьүөт миэстэтин көрбүппүт. Маныаха 9500 миэстэ, ол эбэтэр 84 бырыһыана эрэгийиэн үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар көрүллүбүтэ”, — диэн миниистир эттэ.

Быйыл дойду үрдүнэн 697 тыһыынча оҕо оскуоланы бүтэрэр. Онтон үрдүк үөрэх кыһаларыгар 542 тыһыынча бүддьүөт миэстэтэ аһыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ. Оччотугар, суоттаан көрдөххө, оскуоланы бүтэрээччи баһыйар үгүс ахсаана үрдүк үөрэххэ киирэр кыахтаах. Биллэн турар, бу оскуоланы бүтэрээччи сөптөөх баалы ыларыттан итиэннэ бүддьүөт миэстэтэ хото көрүллүбүт үөрэхтэригэр туттарсарыттан тутулуктаах.

Арассыыйа эрэгийиэннэригэр учууталлар, быраастар итиэннэ ИТ исписэлиистэр тиийбэттэр диэн экспиэртэр быһаараллар. Онон чуолаан бу хайысхаларга миэстэни көрөллөр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: https://tumentoday.ru/2016/01/03/tyumgu-na-2016-god-opredelil-menshe-byudzhetnyh-mest/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0