Быйыл 70 нэһилиэккэ түргэн интэриниэт холбонно

Бөлөххө киир:

Цифровая экономика” национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр быйыл түргэн интэриниэккэ 70 нэһилиэнньэлээх пуун, ону тэҥэ, 1337 социальнай суолталаах эбийиэк холбонно.

2019 сылтан саҕаламмыт үлэ хайысхата түмүктэнэн, федеральнай үбүлээһинтэн барыта 1337 социальнай эбийиэк түргэн интэриниэккэ холбонно. Ол курдук, биэлсэр-акушер пууннара, баһаарынай ыстаансыйалар, оскуолалар, нэһилиэктэр дьаһалталара, о.д.а.

Аҥаардас бу сылга 3 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтир уһуннаах оптоволоконнай лиинийэни тартылар. Бүгүҥҥү туругунан, 360 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа түргэн интэриниэт баар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ 92%на түргэн интэриниэтинэн хааччыллан олорор.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0