Быйыл 5 тыһыынча киһи социальнай хантыраагы ылла

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтэ суох, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах социальнай хантыраак бырагыраамата 2016 сылтан үлэлиир. Үлэни көрдөнүүгэ, бэйэ дьыалатын сайыннарыыга, чааһынай хаһаайыстыбаны тэриниигэ бэриллэр. 2021 сылга 5 тыһыынча кэриҥэ киһи 500 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумаҕа социальнай хантыраактары түһэристилэр.

Тыа сиригэр, үлэ суох сиригэр бу маннык көмө көдьүүстээх. Үгүстэр урбаанньыт, бэйэ дьарыктаах буоланнар, олорор нэһилиэктэрин сайыннараллар, оҥорон таһаарыыны тэрийэллэр, үүнээйини олордоллор, сүөһүнү, сылгыны да көрөллөр.

Оттон “үлэни көрдөнүү” хайысхатыгар социальнай хантыраагы саҥа идэ ыларга үөрэх төлөбүрүгэр ыытыахха сөп. Бу саҥа киирбит хайысха.

Кэнники үс сылга социальнай хантыраак үбүлээһинэ 3 төгүл улаатта. Ил Дархан Айсен Николаев эһиил үбүлээһини 600 мөлүйүөн солкуобайга диэри өссө улаатыннарарга сорудахтаабыта.

СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова этэринэн, социальнай хантыраак инникитин кыаммат ыалларга судаарыстыбаннай көмө быһыытынан бэриллэр буолуоҕа. Холобур, бу сылга дьон кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга көмө кээмэйин улаатыннарары туруорсаллар. Ил Дархан Туһаайыытыгар этиллэринэн, кэтэх хаһаайыстыбаларга көмө кээмэйин 2 төгүл, 200 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарар сорук турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0