Быйыл 495 эдэр ыал дьиэ атыылаһалларыгар судаарыстыбаттан көмө ылыахтара
11.02.2019
«Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы», «РФ олохтоохторун сөбүгэр сыаналаах уонна табыгастаах дьиэнэн хааччыйыы» судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн, эдэр ыалларга социальнай төлөбүр биэрэргэ 2019 сылга федеральнай бүддьүөттэн субсидия көрүллүөҕэ. Ол туһунан РФ Тутууга министиэристибэтэ, ОДьКХ уонна СӨ бырабыыталыстыбата 250 мөлүйүөн солкуобай суумалаах сөбүлэһии түһэристилэр. Онтон 230 мөлүйүөнэ федеральнай бүддьүөттэн киириэҕэ, 20 мөлүйүөнүн өрөспүүбүлүкэ уйунуоҕа.
edersaas.ru
2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл элбэх үп көрүлүннэ. Былырыын 425 дьиэ кэргэн социальнай төлөбүр ылан, олорор усулуобуйаларын тупсарбыттара. Уопсайа ити сыалга 185,9 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.
2019 сылга 495 дьиэ кэргэн дьиэлэрин сыанатын 35% судаарыстыба төлөөн, тустаах көмө оҥоруоҕа. Өссө 210, 4 мөлүйүөн солкуобайы муниципальнай тэриллиилэр эбии көрүөхтэрэ. Ол туһунан СӨ Тутуутун министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1