Быйыл 4800 оҕону үлэнэн хааччыйыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оскуола оҕолоругар сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаланан, улахан саастаахтар кыра да буоллар харчылаһар, дьарыктаах буолар интэриэстээхтэр. Быйыл сайын үөрэнээччилэри үлэнэн хааччыйыы туһунан быһа сибээс кэмигэр киирбит ыйытыыга СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин хоруйдаата.

edersaas.ru

Билиҥҥи кэмҥэ суолталааах ыйытыы. Биһиги ыытар үлэбит хайысхатын биир бырагыраамата буолар. Быйыл 4800 оҕону үлэнэн хаачыйыахпыт. От ыйыгар дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ уһулларыгар эрэнэбит. Онон от ыйыгар, атырдьах ыйыгар үлэлиэхтэрэ диэн былаанныыбыт. Хамнаһа ортотунан 6 тыһыынча солкуобай. РФ Үлэ кодексынан оҕо 16 сааһыгар диэри күҥҥэ 4 чаас, 18 сааһыгар диэри 7 чаас үлэлиэн сөп”, — диэн быһаарда.

Онон быйыл даҕаны оҕону үлэнэн хааччыйар былааннаахтар. Дьарыктаах буолуу киинин иһитиннэрэр эйгэлэриттэн билиэххитин сөп диэтэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: VPRAVDA.RU

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0