Быйаҥныырга этэҥҥэлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ханнык хоту нэһилиэккэ дьаҥ тиийэ илигий? 

Бу ааһан эрэр сылга аан дойдуну аймаабыт ковид-19 тиийбэтэх сирэ диэн өрөспүүбүлүкэҕэ баар дуо? Олортон биирдэстэринэн Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгэ буолар. Тэйиччи сытар, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэккэ билиҥҥитэ ыарахан дьаҥ тиийэ илик. Этэҥҥэлэр эбит.

Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Анастасия Большаковаттан дьаҥнаабыт киһи баарын, суоҕун туһунан ыйыталаспыппар кини: “Билиҥҥитэ этэҥҥэ. Ыраас зонабыт”, — диэн үөртэ.

Онон тус хоту сытар Быйаҥныырга билиҥҥитэ олохтоохтор доруобуйалара кэминэн. Онуоха сэрэтэр үлэлэр көмөлөспүт буолуохтаахтар.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: баһылык тиксэрдэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0