Бүгүн Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгэр “Полярные авиалинии” бөртөлүөтэ тиийиэҕэ. Ол туһунан нэһилиэк баһылыга Анастасия Большакова маннык иһитиннэрдэ:
— Бүгүн биһиэхэ дотацияламмыт рейси толоро Орто Халыматтан бөртөлүөт кэлэрин кэтэһэн олоробут. Дьиҥэ, балаҕан ыйын 12 күнүгэр кэлиэхтээҕэ. Билигин, анарааттан, арааһа, көттө быһыылаах. Быйаҥныыртан бу рейсинэн Чокуурдаахха 19 киһи бараары күүтэн олорор. Бу – дьахталлар, кырдьаҕастар, оскуола оҕолоро. Улуус киинигэр эр дьоммут наадаларыгар уу суолунан бара сатыыллар. Айаннара олус эрэйдээх уонна тырааныспарбыт да суох диэххэ сөп. Онон бөртөлүөт кэлиитэ биһиэхэ күүтүүлээх, абыраллаах уонна күндү.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
СИА хаартыската.
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1