Быйаҥныырдар этэҥҥэлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьаҥ тиийэ илик нэһилиэгэ баар. Ол ханна?

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгэ мөлтөх суоллаах-иистээх, ыраах сытар нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирэр. Ковид дьаҥа туруоҕуттан нэһилиэк олохтоохторо бу ыарахан дьаҥҥа сутулла иликтэр. Нэһилиэккэ 114 киһи олорор, итинтэн улахан дьонун ахсаана – 80 киһи.

“Билиҥҥитэ этэҥҥэбит. Дьаҥ нэһилиэкпитигэр киирэ илик. Дьоммут маасканы кэтэллэр, бары ирдэбиллэри тутуһа сатыыллар. Саамай сүрүнэ – кэлэр-барар дьону хонтуруоллааһын”, — диэтэ төлөпүөнүнэн нэһилиэк баһылыга, билигин уоппускаҕа сылдьар Анастасия Большакова.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0