Быйаҥныыр – ыраас түөлбэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Билигин даҕаны ыарахан дьаҥ тиийбэтэх нэһилиэктэрэ бааллар. Олор истэригэр ханнык нэһилиэк баарын ааҕыҥ. 

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгэ билиҥҥи туругунан ыраас түөлбэнэн буолар. Ол аата, уодаһыннаах хамсык манна тиийэ илик. Баҕар ыраах сыталлара, суол-иис мөлтөҕө көмөлөспүтэ буолуо.

Ол эрээри Быйаҥныыр олохтоохторун 80 бырыһыана ковид-19 утары быһыы ылбыттара. Билиҥҥи туругунан нэһилиэккэ 8 эрэ киһи ыла илик.

“Билиҥҥэ диэри дьаҥы киллэрбэккэ олордубут. Ол эрээри биир куттал баар – дьон уоппускаттан төннүүлэрэ. Бу кэми мүччү түстэрбит”, — диэн баҕалаах быһыыны ылыыга тэрийэр үлэни күүскэ ыыппыт дьаһаллаах баһылык Анастасия Большакова этэр.

Этэҥҥэ эрэ буоллуннар!

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0