“Оҕуруоппар тля, кымырдаҕас баар буолбут, хайдах суох гынабын?”, “Миигин кытта бииргэ олордубут дьон помидордарын сиэн ырааппыттар, миэнэ ситэ илик, тугунан аһатабын?” Ити курдук ыйытыыны билигин үгүс эдэр хаһаайкаттан истиэххэ сөп. Маныаха анал үөрэхтээх исписэлиистэр тугу сүбэлииллэрий?
Исписэлиис көрүүтэ
Күһүн өлгөм үүнүүнү ылар туһугар, сайын оҕуруот аһын кэмигэр сөпкө аһатар, үөнү-көйүүрү кытта охсуһар ирдэнэр. Биллэн турар, бэйэ туттар ньыматын булан туһанар туһугар уонунан сыл уопута ирдэнэр. Билигин, этэргэ дылы, хас хаһаайка баар – соччо ньыма баар. Онтон исписэлиистэр тугу сүбэлииллэрин истээри, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын агрономияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Валентина Осипованы кытта кэпсэттибит.
Оҕурсуну аһатабыт
— Валентина Валентиновна, билигин оҕурсу үгэнэ эрээри, сорохтор, баҕарбыппыт курдук хото үүммэккэ турар дииллэр. Хайдах аһатыахха сөбүй?
— Уоҕурдуу икки көрүҥэ баар – силиһигэр кутуллар (корневой) уонна үүнээйи сэбирдэҕин, умнаhын ыстарыы (внекорневой). Сайын бастакы аҥаарыгар, үүнээйи саҥа улаатан эрдэҕинэ, сэбирдэҕин, умнаhын ыстарар, онтон улааппытын кэннэ силиһигэр кутар ордук.
Уопсайынан, агротехнологическай нуорманан оҕурсуга да, подмидорга даҕаны азот, фосфор, калий уоҕурдуулары туһаныахтаахпыт. Онно эбии магний, кальций курдук микро-уоҕурдуулар эбиллэллэр.
Минеральнай уоҕурдуунан олус үлүһүйбэт ордук. Химияны элбэхтик туһаннахха, оҕуруот аһыгар нитрат эҥин мунньустар. Ол иһин натуральнай уоҕурдууну туттар ордук. Тус бэйэм, холобур, химикаты туттубаппын. Үксүн доруоһаны туһанабын. Доруоһа үүнээйи улаатыытын түргэтэтэр уонна буор микроэлеменинэн байытар. 10 лиитирэ ууга 10 кыраам кураанах доруоһа, 500 мл ынах эбэтэр куурусса сааҕын, 50 кыраам саахар кутабын. Баар буоллаҕына, 500 мл күлү эбиэххэ сөп. Туруора түһэн баран хас ук аайы лиитирэ анаарын курдугу кутабыт. Уонна буору тупсарарга “Гумин” экологическай уоҕурдуу үчүгэй.
Итини таһынан, туспа тиит мас умайбыт күлүн үүнээйигэ бэйэтинэн кутан эбэтэр 5 лиитирэ ууга 10 остолобуой ньуоска күлү суурайан баран лиитирэ аҥаардыыны кутуохха сөп.
Норуот ньымаларыттан, оту илдьиритэн туһаныахха сөп. Улахан баах (20 л.) үс гыммыт иккитин сыыс оту, ньээм-ньээми да буоллун илдьиритэн кутабыт. Онно биир киилэ курдук ынах сааҕын, күл эбэбит, хаппахтыыбыт уонна биир нэдиэлэ курдук туруорабыт. 5-6 киилэ охсуллубут окко 10 остолобуой ньуоска күл кутуллар. Бу – концентрат буолар. 1 лиитирэ концентраты 10 лиитирэ ууга суурайан, уу кутуох иннинэ хас үүнээйи аайы 2 лиитирэ курдугу кутабыт. Сайын устата маннык үстэ аһатыахха сөп. Бу оҕурсуга, помидорга барсар.
Биэрэһи аһатыы
Биэрэс калийга элбэхтик наадыйар. Калийнай минеральнай уоҕурдууну, “Идеал” эҥин диэн микро уоҕурдууну уонна фосфат калия туһаныахха сөп. Оҕурсуга, помидорга анаан оҥоһуллубут концентраты биэрэскэ эмиэ кутуллар.
Ону таһынан, “Сударушка для перцев” эҥин диэн анал уоҕурдуулар бааллар, ону туһанабын.
Биэрэһи тэпилииссэҕэ олордон баран, бастакытын быһа холуйан нэдиэлэ ааспытын кэннэ аһатыллар, иккиһин – сибэккилии турдаҕына, үсүһүн – астана турар кэмигэр. Уопсайа, үстэ аһаттахха сөп буолар.
Ыарыыны, үөнү-көйүүрү эмтээһин
— Аны, үүнээйибит мөлтөөтө, саһарда эҥин диэн элбэхтик истэбит. Хайдах гынан көмөлөһөбүт, оҕуруоппутун быыһыыбыт?
— Помидор үксүн фитофторозунан ыалдьар. Бу саамай тарҕаммыт, грибоктан үөскүүр көһө сылдьар ыарыы. Манна эмиэ химическэй буолбакка, биологическай препараттары тутта сатыахха наада. Саамай тарҕаммыт “Фитоспорин” баар. Ону тэҥэ, “Алирины” туһаналлар. Ханнык баҕарар оҕуруот маҕаһыыныгар атыыланар. Ханнык үүнээйигэ, төһөнү кутар туһунан ыйынньыгар (инструкция) сурулла сылдьар. Итиэннэ “Байкал – ЭМ1” диэн биологическай препарат баар. Манан үүнээйини бэйэтин ыстарыллар. Бу барыта биологическай көрүҥнэр.
Оҕурсуну эмтиибит
Онтон оҕурсуга саамай кутталлаах, тарҕаммыт буортулааччынан тля буолар. Тляны норуот ньыматынан – хаһаайыстыбаннай мыыланан түргэнник өлөрөр кыаллар. Биир лиитирэ ууга 10 кыраам хаһаайыстыбаннай эбэтэр дьүөкэттээх (дегтярнай) мыыланы ылан булкуйуллар, губканан сэбирдэҕин икки өттүттэн сууйуллар. Тля үксүн сэбирдэх аллара өттүгэр мустар. Ол кэнниттэн кыаллыбатаҕына, 10 лиитирэ сылаас ууга 50 кыраам соданы суурайыллар, хаһаайыстыбаннай мыыланы, сыстарын курдук кыратык арыы кутуохха сөп. Уонна үүнээйибит сэбирдэҕин барытын үөһэттэн аллара ыстарабыт.
Тус бэйэм эриэппэ луук хаҕын хото туһанабын. Сууйар эҥин ирдэммэт. 5 лиитирэ итии ууга 250-300 кыраам луук хаҕын кутан баран суукка устата туруорабыт. Онтон ылан үүнээйибитин барытын ыстарабыт. Бу норуот ньымата тля, паутиннай клещ утары туһаныллар. Уопсайынан, луук хаҕа туһалаах. Сорохтор луук хаҕын оннугар чеснок хаҕынан настой оҥорон ыстараллар.
Химическэй препарат
— Химическэй эмтэри туттуохха сөп дуо?
— Химическэй препарат арааһа баар. Ордук киэҥник тарҕаммыт эмтэртэн “Интавиры” туттуохха сөп. Тляны эҥин барытын өлөрөр.
Уопсайынан, оҕурсу ыарыыта балай да элбэх. Ордук мучнистай роса буолар, сэбирдэҕэр бурдугу куппут курдук маҥан чараас бүрүөһүн (налет) үөскүүр. Бу ыарыы тастан киирэр. Оҕуруотчуттар бэйэлэрэ атахтарын таҥаһын кытта тастан киллэриэхтэрин сөп. Маны утары “Бордосская жидкость” диэн химическэй препарат туһаныллар. Хайдах, төһөнү сурайыллара суруллар.
Аны оҕурсуну буулуур өссө биир үөнүнэн паутиннай клещ буолар. Маныаха “Триходермин” диэн химическэй препарат барсар.
Кымырдаҕаһы утары
— Сорох учаастакка кымырдаҕас сөбүлээн үөскүүр. Маны хайдах суох оҥоробут?
— Тля баар сиригэр кымырдаҕас хайаан даҕаны мустар, бу бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр үөннэр буолаллар. Тля минньигэс убаҕаһы таһаарар медвяная роса диэн ааттанар, ону кымырдаҕас сөбүлээн сиир. Кымырдаҕас тэпилииссэ буорун аhытар, үүнээйи үчүгэйдик улааппат, сайдыбат.
Кымырдаҕас утары мэҥиэ (приманка) оҥоруохха сөп. Ыстакааҥҥа 2 остолобуой ньуоска сылаас уу кутабыт, чаайнай ньуоска 1/3 борнай кислота уонна 1 остолобуой ньуоска саахар кутабыт. Итиннэ 1 ньуоска барыанньа эбэтэр мүөт эбиллэр уонна кыра бүлүүһэҕэ кутан баран кымырдаҕас уйатын аттыгар ууруллар.
Кымырдаҕас уйатын күһүн уонна саас хаһа-хаһа итии уунан саба ыһыллар. Кымырдаҕаһы утары “Интавир от муравьев” туттуохха сөп. Кымырдаҕас утары эмиэ араас химикаттар бааллар, маҕаһыыҥҥа дэлэй атыыланар, ыксаабыт дьон ону атыылаһыан сөп.
Отонноох үүнээйини, хортуоппуйу эмтээһин
— Моонньоҕону, отонноох үүнээйини эмиэ үөннэр буулууллар. Манна тугу туһанабыт?
— Моонньоҕону күһүн буорун “Фитоспоринынан” ыстарыахха сөп, саас почката үллэ илигинэ эмиэ ыстарыллар. Номнуо ыалдьыбыт буоллаҕына, луук хаҕын туттабын.
— Аны хортуоппуйу хайдах эмтиибит?
— Хортуоппуй помидору кытта уруулуу үүнээйилэр. Ол иһин биир ыарыыга сутуллаллар. Саас хортуоппуйу олордорго үчүгэй, доруобай сиэмэ хортуоппуйу талан олордор ирдэнэр. Күһүн ыарыылааҕа билиннэҕинэ, угун бааһынаҕа хаалларбакка, таһыгар таһааран уматар наада. Фитоспорины туһаныахха сөп. Олордуох иннинэ хортуоппуйу ыстарыллар. Билигин биологическай препарат арааһа баар, онон ыстарар ордук. Оччоҕо ыарыылартан, үөннэртэн тулуйумтуо буолар.
Кэпсэттэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ogorodsadovod.com