Быһаарыылаах күн

Ааптар: 
19.03.2020
Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Төрүт Сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыны ыытыы туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.

БАСТАКЫ УОЧАРАТ — ДЬОН ДОРУОБУЙАТА

Кулун тутар 17 күнүгэр дойду Аҕа баһылыга “РФ Төрүт Сокуонугар көннөрүүлэри киллэрэри биһирээһин боппуруоһугар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыны анааһын туһунан” Ыйаахха илии баттаабыта. Докумуон ис хоһооно маннык:

“Аһаҕас (публичнай) былаас үлэтин тэрийии сорох боппуруостарын сүрүннээһини тупсарар туһунан” Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар көннөрүүлэр тустарынан Арассыыйа Федерациятын Сокуонун 2 ыстатыйатын 2 уонна 3 чаастарыгар сөп түбэһиннэрэн, уурабын:

1. “Аһаҕас (публичнай) былаас үлэтин тэрийии сорох боппуруостарын сүрүннээһини тупсарар туһунан” Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар көннөрүүлэр тустарынан Арассыыйа Федерациятын Сокуонун 1 ыстатыйатыгар көрүллүбүт 2020 сыл муус устар 22 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар уларытыылары биһирээһин боппуруоһугар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыны ыытарга.

2. Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа маннык боппуруоһу туруорарга: “Эн Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар уларытыылары өйүүгүн дуо?”.
Владимир Владимирович, Ыйаах тустаах болдьохтоох диэн быһаарбыта. Сокуон этэринэн, куоластааһын Ыйаах тахсыбытын кэннэ биир ый буолан эрэ баран ыытыллыахтаах. Ол эрэн, хойутуу ыытыллыан эмиэ сөп. «Хойутуу хаһан ыытыллыахтааҕа сокуоҥҥа чопчу суруллубатах”, — диэн кини бэлиэтээн эппитэ.

Владимир Путин Киин быыбардыыр хамыыһыйа салайааччыта Элла Памфилованы кытта көрсүһүүтүгэр: “Куоластааһын коронавируһунан сылтаан дойдуга балаһыанньа хайдаҕыттан көрөн буолуоҕа. Дойду олохтоохторун доруобуйаларыттан уонна олохторуттан улахан суолталаах туох да суох”, — диэн тоһоҕолоон эппитэ.

Куоластааһын киллэриллибит көннөрүүлэр дьылҕаларын быһаарар: дойду олохтоохторо өйөөтөхтөрүнэ – олоххо киирэр, өйөөбөтөхтөрүнэ – киирбэт.

КОНСТИТУЦИОННАЙ СУУТ ДЬҮҮЛҮГЭР

Кулун тутар 14 күнүгэр Федерация Сэбиэтэ эрэги­йиэннэр парламеннара Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрэр сокуону өйөөбүттэрин билинии туһунан быһаарыы таһаарбыта. Ол кэнниттэн бу сокуону Владимир Путин Конституционнай суукка киллэрбитэ.

Госдуума судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Сүрүн сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии туһунан этиилэри бэлэмниир бөлөх салайааччыта Павел Крашенинников маннык быһаарбыта:

— Бастаан Конституционнай Суут Сокуону РФ Конституциятын сүрүн балаһыанньаларыгар сөп түбэһэрин бэрэбиэркэлиэҕэ – 1 баһыгар — “Конституционнай тутул төрүттэрэ”, 2 баһыгар – “Киһи уонна гражданин бырааба уонна көҥүлэ” уонна 9 баһыгар – “Конституцияҕа көннөрүүлэр уонна Конституцияны хаттаан көрүү”. Сөбүлэһэр ис хоһоонноох түмүгү оҥордохторуна, уларыйыылары Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа таһаарыахтара уонна гражданнар өйөөтөхтөрүнэ, дьэ, күүһүгэр киириэҕэ. Өскөтүн Конституционнай суут Сокуон балаһыанньаларыгар Конституция төрүт бастара сөп түбэспэтин көрдөҕүнэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын ыытыллыа уонна Конституцияҕа көннөрүү күүһүгэр киириэ суоҕа. Бары ыытыллыбыт үлэ быраап устуоруйатыгар өйдөбүнньүк эрэ буолан хаалыаҕа.

Оттон Конституционнай суут сөптөөх диэн бигэргэттэҕинэ, Бэрэсидьиэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыны ыытар туһунан ыйааҕы таһаарыахтаах. Ол кэнниттэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа куоластааһыҥҥа бэлэмнэниини саҕалыаҕа. Таарыйа аҕыннахха, Бэрэсидьиэн ыйааҕар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа туруоруллар боппуруос баар буолуохтаах. Ол боппуруос маннык ис хоһоонноох буолуохтаах: эн Конституцияҕа уларыйыылары өйүүгүн дуо? Гражданнар бүлүтүөҥҥэ “сөп”, биитэр “суох” диэн бэлиэ туруораллар.

Куоластааһын түмүгүнэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа түмүгү таһаарар уонна гражданнар өйөөтөхтөрүнэ, Конституцияҕа уларыйыылар тустарынан дьиҥ таһымнаахтык бэчээттэннэҕинэ, күүһүгэр киирэллэр.

БЭРЭСИДЬИЭН БОЛДЬОҔУН КОНСТИТУЦИОННАЙ СУУТ БИГЭРГЭТТЭ

Валентин Зорькин салайар суута бэрэси­дьиэн Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрэри көҕүлээбитин со­­куоннайынан билиннэ – ол иһигэр, Владимир Владимировичка бэйэтин бэрэсидьиэнниир болдьоҕун өссө уһатан биэрэр кыаҕы биэрэн туран. Уопсайа 52 сирэйгэ суруллубут түмүктээһин суут саайтыгар кулун тутар 16 күнүгэр тахсыбыта. Докумуоҥҥа олоҕуран, маны суут билигин үлэлиир 15 судьуйатыттан 14-дэ кыттыылаах ылыммыта.

Бэрэсидьиэн боломуочуйатын болдьохторун муҥутуур ахсаанын туһунан боппуруоһу быһаарыы Конституция сыаннастарын балаансатыгар олоҕурар. Конституция сокуонун торумнааччы орто сүрүнүн (балаансаны) көрдүүр, ол иһигэр тугу сүтэриэххэ сөбүн уонна билиҥҥи кэм ыҥырыыларын киллэрэн туран, устуоруйа чопчу чахчыларыгар олоҕурар.
Бу кэм устата биир сирэй (киһи) бэрэсидьиэн дуоһунаһын толоруон сөбүгэр болдьох ахсаанын туһунан боппуруос араастык быһаарыллыан сөп. Ол иһигэр, “көннөрүү туһунан сокуоҥҥа” курдук. Конституция 1, 2 уонна 9 бастарыгар этиллэр көннөрүүлэри олоххо киллэрэр кыаҕы биэрбэт балаһыанньалар суохтар. Судаарыстыба Конституциятын сүрүн оҥкуллара итинтэн эмсэҕэлиэ суохтаахтар.

Бэрэсидьиэн болдьоҕор туһааннаах хааччахтааһыннар көрүллүбэттэрин туһунан быһаарыы ханнык баҕарар түгэҥҥэ атын институциональнай мэктиэлэринэн арыалланыахтаах. Манныктарга, туох-ханнык иннинэ, сайдыы­лаах парламентаризм, дьиҥнээхтик элбэх баартыйа баар буолуута, бэлиитикэҕэ күрэстэһии киирэллэр. Ону сэргэ, ханнык эмэ дьайыыттан тутар уонна утары ыйааһын буолар тиһигинэн хааччыллыбыт былааһы тыырыы көдьүүстээх ньымата, ону тэҥэ, Конституционнай сууту киллэрэн туран, тутулуга суох правосудиенан быраабы уонна көҥүлү хааччыйыы буолуохтарын сөп.

Конституцияҕа уларытыылары Арассыыйа олохтоохторо өйүөхтээхтэр, оччоҕуна эрэ бэрэсидьиэн икки болдьохтон таһынан бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар олорор кыахтаах. Бу быһаарыыга конституционнай легитимность (норуот бы­­лааһы кытта сөбүлэһиитин) эбии кыаҕы биэрэр. Оччоҕуна ханнык баҕарар түгэҥҥэ судаарыстыба баһылыга саҥа болдьоххо талылыннаҕына, күрэстэһиилээх быыбарга гражданнар өйөбүллэрин ылыахтаах.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — regnum.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0