Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнэ — тыйаатыр эйгэтин үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара. Бу күнү 1961 сыллаахха ЮНЕСКО иһинэн тыйаатыр норуоттар икки ардыларынааҕы институтун IX кэнгириэһин кыттааччылара олохтообуттар.
Тыйаатыр күнүн артыыстар, режиссердар эрэ буолбакка, туох баар тыйаатыр үлэһиттэрэ бэлиэтиир күннэрэ – сыананы сырдатааччылартан саҕалаан гардероб үлэһиттэригэр тиийэ. Бу өйдөнөр – тыйаатыр улуу режиссера Константин Станиславскай 1933 сыллаахха МХАТ гардеробугар үлэлиир бөлөххө туһаайан суруйбут суругар этэн турардаах:
«…испэктээк тыйаатыр киирэр ааныттан саҕаланар. Эһиги, көрөөччүнү көрсөр тыйаатыр бастакы үлэһиттэрэ буолаҕыт…” Бу этии сомоҕо домоххо кубулуйан аныгы тыйаатырдарга барыларыгар тутуһуллар быраабыла буолбута.
Саха сирэ — дьиҥ чахчы тыйаатыр тыыннаах дойду. Түҥ былыргыттан биир киһи толорор “моноспектакль” көрүҥэ – олоҥхо, сахалыы саҥалаах дьону аптаах эйгэҕэ угуйара. Ааспыт үйэ саҕаланыытыттан тыйаатыр ускуустубата биир күн тохтообокко сайда-үүнэ турар. Саха сирин артыыстара аан дойдуга аатырыахтарын аатыраллар, элбэх идэ бастыҥ бириистэрин хомуйан аҕалаллар. Биһиги олорбут үйэбитин сыдьааннарбыт “Олоҥхо кэпсэнэр тойуктан оонньонор көстүүгэ кубулуйбут кэм” диэн ааттыахтара буолуо. Ону таһынан, тыйаатыртан Саха сирин билиҥҥи улахан ситиһиитэ, сахалыы киинэ үөскээбитэ.
“Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибэ Саха сирин тыйаатырдарын үлэһиттэригэр Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэтин тиэрдэр!