Бүөтүр Дьэкиимэбис Хааһыҥкын — Хачый отоһут

Ааптар:  Дьөгүөр Һэрэмээт
17.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Бүөтүр Хааһыҥкыны дойдутугар-сиригэр Хачый диэн аатынан   эрэ билэр этилэр. Мин даҕаны, оҕо киһи, оннук эрэ билэр буоллаҕым. Оҕото-уруута суох, сулумах уолунан кырдьыбыт киһи этэ.

Кэлин биллэхпинэ,  1925 сыллаах төрүөх эбит. Сэриигэ 1943 сыллаахха ыһыах саҕана ыҥырыллан барбыт. Илин дьоппуон сэриитин кыттыыллааҕа, сэбиэскэй Чуумпу Акыйаан флотун  мотуруоһа. Сэриигэ араанньылаах эбит. Бука, муора десааныгар киирсэн, бааһырбыт быһыылаах. Оҕо сылдьан таах, мэнээх  Барааскап Мэхээлэ Боодьойу кытта кэпсэтэрин түбэһэн истибитим. «Кытылга нэһиилэ тиийбиппит, ким эрэ, Чурапчы киһитинээн», —  диирин. Боодьой сэриигэ сылдьан көрсүһэ түспүттэрин кэпсээн бааҕыныырын өйдүүбүн. «Хачый онно мотуруос таҥастаах этэ», —  эҥин диирин. Өссө Хачый бэйэтэ байыаннай хараабыл палубатыттан сөтүөлээри диэн ыстанан, иһин хайа түһэ сыспытын кэпсииллэрин өйдөөн хаалбыппын. Улахан кэпсээнэ суох киһи быһыылаҕа. Уонна оҕо киһини кытта кини тугу да кэпсэтиэй? Сэрии кэннэ муора авиациятыгар оружейник быһыытынан сулууспалаабыт. Дойдутугар армияттан 1949 сыллаахха кэлбит. Сэрии кэннэ, бу санаатахпына, бэтэринээр куурсугар үөрэммит быһыылаах. Сэриигэ сылдьыбыт киһи нууччалыы  эҥин билэр буоллаҕа. Ол да иһин үөрэнэн идэ ыллаҕа уонна оччотооҕуга фронтовиктары салайар соҕус үлэлэргэ таһаарар политика баар курдуга. Эйэлээх кэмҥэ холкуос, сопхуос отделениетын солбуллубат бэтэринээрэ этэ..

Мин оскуоланы бүтэриэхпэр дылы илиитин араарбакка үлэлээбитэ.

Үчүгэй бэтэринээр быһыытынан биллэр-көстөр этэ. Мин аҕам хайҕаан, “Эдэр коммунист” хаһыакка суруйбутун харатын аахпытым. Аҕам барахсан кыра ликбез үөрэхтээх киһи “петеринар” диэн суруйбутун  күлэ санаабыппын өйдүүбүн.

Хачый хойукка дылы Арыылаахха булт уопсастыбатын салайбыта.

Күһүөрү сайын этэ. Оскуолаҕа киирэ иликпин. Аҕам ыарытыйа илигэ буолуо. Миигин илдьэ барда. Уйбаныаптар дьиэлэригэр

Хачыйга тиийдибит. Киһибит хоспох аанын үрдүтүттэн  икки хаа уон иккилээх хотуобай ботуруон ылан биэрдэ. Өр  баҕайы кэпсэттилэр. Үчүгэй баҕайы кыһыл дьүһүннээх ботуруоннары туппахтыыр дьолго тиксибитим. Хотуобай ботуруон оччолорго саҥа үөдүйэн эрэр эбит. Ол да иһин, арааһа, үллэрэр эбээһинэстээҕэ буолуо эбитэ дуу, уопсастыба бэрэстээтэлэ? Мин өйдүүрбүнэн, оҕонньор дойдутугар-сиригэр кыратык чуккуйга, куобахха сааланар буолан булт уопсастыбатын салайдаҕа. Икки уостаах саатын сүгэн, чылыгырыайка сонноох, хоҥор сигиэйкэ усааҥка бэргэһэлээх Нэлэгэр диэкиттэн кэлэн ааһарын элбэхтик көрөр буоларым. Кэлин кыһыл “Рига” мопедынан чурулатан ааһар этэ. Бэһис кылааска киирдэҕим утаа, убайбын кытта Бааччахха аҕабыт хандаа быһытын сөргүтэ барса сылдьыбытым. Оччолорго оҕолорго күһүн практика диэн баар этэ. Хомустаахха хараас дьиэтин үрдүн даҥын кутар үлэттэн күрээн барсыбытым. Убайым “буоллун” диэн кээспитэ. Эгэ эрэ буоллаҕа. Бааччахтан бүтэн, кус кэрийбиппит. Барахсаанап Бээчэ баара. Кытахыйыга биир хаххырыалы күөрэтэн түһэрэн баран, туох да наһаа элбэхтик ытан салҕаабыттара. Онно, арай, эһэлээх өттүттэн “Рига” мопедынан Хачый Бүөтүр чурулатан киирэн кэллэ.

-Ы, ыы, — диэн ыҥырҕаан саҥарар идэлээх этэ.

-Ы, Кус көрдүгүт дуо? — диир. Биир үөрү көтүтэн ытарга кэпсэттилэр. Саһыл Уйалаахха түспүттэрэ буолуо диэн барбыта… соччо уһуннук кэтэспэтэхпит. Баран хаалбыппыт. Ол аата, оҕонньор ол мопедынан сылдьан кэрийэн кустуур эбит. Кырдьаҕас киһи диэтэххэ, кыра булка көхтөөх эбит.

Дьэ, оҕордук буоллун. Итинник киирии тыллаан туран, мин Хачый Бүөтүр атын айдарыылаах идэтин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини кэмигэр ол идэ-хобо өрө тутуллубат буолан, өссө улаханнык сайыннарбатах буолуохтаа . Ол да буоллар,  баардаах баара өтөн, Хачый уҥуох тутааччы, отоһут киһи этэ. Сэҥээрэр дьоҥҥо ол ону кэпсиир эбит этэ. Ол курдук, Бүөтүр эһэбин кытта былыргы отоһуттар, чуолаан, Куома Чааскын отунан эмтээһинин эҥин туһунан ыҥырҕаан, сүрдээх уһуннук кэпсэппиттэрин өйдүүбүн. Оччолорго бөһүөлэкпит оһолломмут дьонун уҥуохтарын барыларын кини туппут буолуохтаах. Ким даҕаны оройуоҥҥа түөһүллэр солото-билэтэ суох этэ, быһыыта. Суол суох, тырааныспар да кэмчи кэмэ буоллаҕа. Мин эбэм  илиитин харытын тоһуппутун туппута. Кыра да буолларбын, өйдөөн хаалбыппын, «хас саастаах да, оччо хонугунан оһор» диирин. Эбэм 90-ча саастаах этэ. Биирдэ Айанытаба Сөдүөччүйэ уонна Боппуок Бааска Хомустаахха бурҕаа суолга матасыыкылтан охтон, иккиэн хомурҕаннарын тоһуппуттарын өйдүүбүн. Өссө тостубут хомурҕаннаах Сөдүөччүйэ матасыыкылы туруора сатаабыт үһү диэни истэн күлсүү баара. Онно Хачый тутаттаабыт этэ. Уонна: «Быйыл сэттэ хомурҕан буолла. Дьылыттан ээ», — диирин бэйэм истибитим. Боппуок Бааска   Кыайыы 40 сылыгар аналлаах кэнсиэргэ, 55 саастаах киһи, пляскалаан баран, икки илиитинэн хааман, сальто оҥорон көрдөрбүтэ. Ол, арааһа, Хачый уҥуоҕу хайдах үчүгэйдик тутарын туоһута эбит диэхпин баҕарабын.

Убайым армияҕа сылдьан илиитин тоһуппута сыыһа, кэдэччи оһо сылдьарын оҕонньор Элисаарап  аппараата эрэ кыайар диэбит этэ. Ол аата, оҕонньор аныгы ньымалары истэн, төбөтүгэр буһара сатыыр эбит.

Чэ, аны, бэйэбэр сыһыардахпына, маннык.

5-с кылааһы бүтэрэн, Дулҕа сайылыкка ийэбэр көмөлөһө сылдьабын. Ыһыах саҕана  этэ. Мэһэмээн Уокча ханна эрэ бараары, күнүскү ыамы эрдэ ыары, миигин киһиргэтэн ынахтары хомуйтарда. Мин Намытаар диэн күрүҥ,саадьаҕай оҕуһу миинэн, хомуйан,түөрт ынаҕы үүрэн аҕаллым. Улахан, үрдүк баҕайы оҕус этэ. Түһэрбэр, сыыһа туттан, илиибинэн тайана түстүм. Уҥа илиим “ньир” гына түстэ, “харх” гынан ылла. Ип-итии буолла. Ыарыыбыттан мэй-тэй бардым. Уокчам илиибин көрөөт: “Балыыһаҕа сүүр!” —  диэтэ. Куттанна аҕай: “Миигин этимээр, — диир. Оҕордук, илиибин туппутунан, хас да биэрэстэлээх бөһүөлэккэ бардым. Ыарыыта сүр.

Илиим тута сүүлэ иһэн таҕыста. Балыыһаҕа тиийдим. Хатааһыннаах. Бу сатана, хата, абырыыр киһи баар диэн билэбин эбит ээ. Хачыйга тиийдим. Киһим, хата, баар эбит. Хоспоҕор олорор. Соҕотох. Мин санаабар, үөрбүт курдук сэк гына түстэ..

-Ы, ы,  тостубут… Ы, ы, тахсыбыт… — дэтэлээтэ. Онтон куһаҕан баҕайытык кунньаччы көрө сылдьар илиибин мас кыс остуолбатыгар олуйа тутан баран эмискэ тардан саайда. Саҥа эрэ аллайан хааллым. Тоҥолоҕум “пүлк” кына тыаһаат, оннугар киирэн хаалла. Дьэ, онтон, аҥар харыбар тэҥилии тутан, туппахтыы-туппахтыы:

— Ы, ы, хайдыбыт, хайдыбыт, — дэтэлээтэ. Дэлби имэрийдэ, ыарыылаах баҕайытык тардыалаата хайаата.

— Этиҥ оһуута уҥуоҕун сөпкө тутуон наада, —  диир. Дьэ уонна табаар дьааһыгын хаптаһынын биинтэнэн суулаан, илиибин чартаан кээстэ. Былаатынан моойбор ииллэ… Онтукам, хата, ааттаах үчүгэйдик оһон хаалбыта. Кэлин өр баҕайы кэтэ сылдьарбын көрөн:  “Устан кээс”, — диэбитэ… Сөтүөлээри үөрүүнү кытта устубутум. Дэлби илиим тириитэ хатырбыт этэ.

Кэлин, обургу буолбутум кэннэ, ким эрэ оһолломутун тостубут диэн туппутун,  кэлин эрэнгиэн аппараат тостубатах диэбитин, сураҕа, мөккүспүт этэ. Биэссэр Даайыс күлэр кэриэтэ: “Хачый быраас аппарааты кытта мөккүһэр”, —  диирин бэйэм истибитим.

Санаабар, оҕонньор тутуута, ыпсарыыта, бука, чахчы оһуобай буолуо диибин, билигин кэлэн.

Кэлин, оскуоланы бүтэрэн баран, куобахха пааралыы сылдьан Ыстаан Тыатын туораары, Барыыһап Бочуок матасыыкылын инниттэн тардаары, охтон, көлүөһэҕэ атаҕым сототун үктэппитим, Ыалдьыбатаҕа даҕаны, кыратык көҕөрбүт этэ.  Хас да хонон баран, кытаран, иһэн барбыта. Ыарыыта сүрдэммитин кэннэ, сатаан утуйбакка, абырыыр киһибэр Хачыйбар тиийдим.  Оҕонньорум туппахтаан баран: “Ы-ыҥ, уҥуоҕа бүтүн, ириҥэрбит. Уҥуоххар тиийдэҕинэ иэдэйэҕин, атаххын быһыахтарын сөп. Оройуоннаа,” —  диэтэ. Хата, Барааскап Бааска матасыыкылынан Чурапчыга киллэрдэ. Ыарыыта сүр. Атахпын өрө эрэ тэптэхпинэ арыый мүлүрүйэр. Тута эрэнгиэннээн көрдүлэр. Ньыыканабыс эрэнгиэммин ыйдаҥардан көрдө. Уонна хайытабыт диэтэ.Биир бааһынай курдук дьүһүннээх, үскэл, биллэр, хирург быраас баар этэ. Кини ыйылаппытынан укуоллаан кычылыннаран баран, иһэн “тыҥ” курдук буолбут сотобун хайа сотто, ириҥэтэ ыраахха дылы ыһыллынна…

Чэрэ үйэбэр хаалбыта.

Дьэ, оҕордук,  оҕонньордуун алтыһан турабын.

Бу санаатахпына, онтон кэлин Хачыйы көрбөтөх  эбиппин. Бу күҥҥэ сыһыаран өйдөөтөхпүнэ, айылҕаттан айдарыылаах, идэлээх-хоболоох кырдьаҕаһы, кини илиитин сылааһын нөҥүө былыргы идэ ситимин эппинэн-хааммынан билсиһэн, даҕайан  ылбыт курдук эбиппин. Ол да иһин, одоҥ-додоҥ ахтыы бооччойдоҕум.

Хачый Бүөтүрү ахтан-санаан ылар да киһи аҕыйаатаҕа. Оҕото-уруута,  аат ааттатара суох, чороҥ соҕотох киһи сырдык өйдөбүлэ буолуохтун диибин, бу ахтыыбын.

Дьөгүөр Һэрэмээт.

Садын сирэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0