«Быһыыны биэрии тэтимирэр»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Коронавирус сыстыганнаах дьаҥын үһүс тыҥааһыннаах кэмин аһаран эрэбит.
«Уустук кэм арыый да уҕарыйыах курдук буолла», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр, тэлэбиидэнньэнэн «Быһа кэпсэтиигэ».
— Дьон кэлиитэ-барыыта үгүс куораттарыгар Алдаҥҥа, Мииринэйгэ уонна Нерюнгригэ элбэх киһи коронавирус сыстыганнаах дьаҥар хаптарда. Бу куораттарга быһыыны биэрии хампаанньатын үлэтэ кытта мөлтөөтө. Арай, Нерюнгри куоракка кэлиҥҥи кэмҥэ хамсааһын тахсан эрэр. Быһыыны хото ылбыт улуустарга дьаҥҥа хаптарыы биллэ аҕыйаҕа, бу хампаанньа сөптөөҕүн туоһута. Холобур, Муома, Эбээн Бытантай, Аллайыаха улуустарыгар нэһилиэнньэ 90 быраһыана ылла. Бу улуустарга ыарыы бэлиэтэммэтэ. Быһыыны ылыы былаанын 80 бырыһыан толорбут улуустар бааллар. Бу, биллэн турар, үөрдэр. Алта оройуон 60 бырыһыан ылбыт. Онон быһыыны ылыы тэтимирэр», — диэн эттэ Ил Дархан.
Сыл бүтүөр диэри өссө да бириэмэ баар, улуустарга быһыыны биэрии тэтимирэр ини диэн эрэнэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, Саха сирэ хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0