Тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбата
Тыа сирин үгэс буолбут дьарыга — ынах, сылгы, хотон, балбаах… Ол суох буоллаҕына тыа сирэ эстэр, диэн аҥардастыы көрүү-этии хайдах эрэ…
Дьиҥэр, саха киһитэ былыргыттан сүөһү, сылгы ииттэрэ – дохуоттанар «ньымата» диэххэ сөбѳ дуу. Былыр бүддьүөттэн, араас тэрилтэттэн хамнас диэн суох буоллаҕа, ол иһин сүрүн аһын-үөлүн хааччынара, дохуотун оҥосторо — сүөһүттэн уонна сылгыттан, эбии булт-балык, биирдиилээн ким туох кыахтааҕынан араас өҥөлөр, уус, иис, о.д.а…
Онно холоотоххо, билигин тыа сирин олохтооҕо дохуоттанар сүнньэ – бүддьүөттэн хамнас, араас урбаан, чааһынай өҥөлөр, от-мас, хоту эргин таба, булт-балык. Онон кини аһын-үөлүн булунар-хааччынар, олоҕун оҥостор-тэринэр. Былыргыга холоотоххо, тус сүөһүнэн, сылгынан эрэ дохуоттанар киһи аҕыйах…
Аныгы кэм ирдэбилинэн, билиҥҥи тыа сиригэр, ким эрэ бүддьүөттэн, ким эрэ урбаантан, араас өҥөнөн дохуоттанара, оттон ким эрэ сүѳһү, сылгы ииттэн дьону аһынан-үөлүнэн хааччыйыахтааҕа буолуо…
………
Судургутук санаан көрдөххө, тыа сиригэр дьон тоҕо олороруй? Сүөһү, сылгы эрэ ииттээри дуо? Бу тутах, кыараҕас соҕус көрүү буолуо…
Ис иһигэр киирдэххэ, санаабар, тыа сиригэр дьон билигин да сүнньүнэн сиргэ-уокка сыстаары, айылҕатын-дойдутун ситимин-сибээһин быһымаары, олохсуйар курдук…
Оттон сайдыы-эволюция быһыытынан, сорох «тэриллэр» эргэрэллэрин курдук, сорох «ньымалар» эмиэ эргэрэллэр, эбэтэр атын формаҕа саҥардыллан кубулуйаллар…
Арай төрүт, олохтоох сыаннас уонна өйдөбүл хайа да кэмҥэ уларыйбат курдук. Соннук, сиргэ-уокка, дойдуга-айылҕаҕа сыһыан, хайа да сир-дойду айылҕатын усулуобуйата уларыйыар диэри, уларыйбата-халбаҥнаабата буолуо. Бу мантан тахсар, сиргэ-уокка сөп түбэһэн олох-дьаһах тэринэр-оҥостор, арааһа — тыа сирин үгэс буолбут дьарыга — диэн буолара буолуо…
……….
Аны, билиҥҥээҥҥэ диэри тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, урут сэбиэскэй саҕаттан кэлбит, «валовой объем…, валовая продукция…» — «төһө кыалларынан элбэҕи» диэн сүрүннүүр сыһыан-көрүү (подход) баар…
Дьиҥэр, билиҥҥи ырыынак да кэминэн, уонна сүрүннээн биһи айылҕабыт, килиимэппит, сирбит-уоппут да усулуобуйаларынан, сүрүн көрүү-сыһыан (подход) — «рентабельность» — диэн буолуон сөп этэ, баҕар, оҥорон таһаарыы ахсаана аҕыйах да буоллун. Оттон, барыстаах буоллаҕына биирдэ эрэ, хайа баҕарар дьыала сайдара-тэнийэрэ, кыаҕырара буолуо…
……..
Киһи айылҕатынан да оннук быһыылаах, тоҕо эрэ чааһынай, бэйэ кыамтатыгар олоҕурбут сүөһү, сылгы көрүүтэ барыстаах буолан, билиҥҥээҥҥэ диэри тыабыт сиригэр өссө да баар буоллаҕа…
……….
Татарстан, Казахстан, Израиль, Кытай, Америка Холбоһуктаах Штаттара курдук атын дойдулар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар уопуттарын, ньымаларын үөрэтэн, бэйэбит киэммитигэр аныгы технологиялары туһанарбыт бары өттүнэн туһалаах. Ол гынан, кинилэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһанар сирдэрэ киэҥэ, килиимэттэрэ сылааһа-сымнаҕаһа, тыһыынчанан гаалаах сири туһанарга, тыһыынчанан сүөһүлээх ферманы көрөргө-истэргэ, кырдьык бѳдѳҥ хаһаайыстыба, улахан тэрилтэ (холдинг, хампаанньа, кэпэрэтиип) наада курдук…
Оттон, Саха сирэ килиимэтэ тыйыс, сайына кылгас, уонна тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллуон сөптөөх, ходуһа, бааһына сирбит кыараҕас, кыра, тыһыынчанан туонна бородууксуйаны биир сиртэн ылар уустук…
Аны билиҥҥи кэмҥэ технология сайдан, уруккуга холоотоххо, аныгы тиэхиньикэ оҥорон таһаарара (производительность) лаппа элбэх, киһи инчэҕэй күүһүн туттара аҕыйах…
Ол иһин, балары барытын учуоттаатахха, биһиэхэ 100-200 га сири туһанан, 30-100 төбөлөөх пиэрмэни көрөргө, аныгы технологиянан, тиэхиньикэнэн хааччыллыбыт, онон эрэ дохуоттанар, биирдии ыал чөкө хаһаайыстыбаларын тэринэр арааһа табыгастаах буолара буолуо…
………..
Аны, үөһэ этиллибит тас дойдулар килиимэттэрэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорорго сүнньүнэн маарыннаһаллар. Оттон биһиги айылҕабыт, килиимэппит, сирбит-уоппут сүнньүнэн ити дойдулартан уратылаах. Ол иһин, ханнык да саҥа-аныгы тиэхиньикэни, технологияны туһаммыппыт иһин, син биир бэйэбит, былыр-былыргыттан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит төрүт билиибитигэр, айылҕабытыгар, сирбитигэр-уоппутугар сыһыаммытыгар олоҕуруохтаахпыт буолуо…
……..
Аан дойду саамай кырдьаҕас хампаанньалара үксүлэрэ ханнык да улахан корпорациялар буолбакка, Япония чааһынай, биирдии ыал дьоҕус тэрилтэлэрэ буолаллар. Бу б.э. 700 сылларыгар тѳрүттэммит, 1300-тэн тахса сыл, 40-50 кѳлүѳнэ тухары үлэлии-хамсыы олорор тэрилтэлэр сүрүн кистэлэҥнэринэн — бэйэлэрин олохторун анаабыт дьарыктарын-дьыалаларын бачча тухары эбиллэн, дириҥээн-кэҥээн, чиҥээн-дьиппинийэн иһэр билиилэрин кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ бэриллэн иһэр удьуордуур-утумнуур үгэстэрин тутуһалларыгар – диэн чинчийээччилэр суруйаллар. Ѳссѳ биир интэриэһинэйэ диэн, бу кырдьык бары ѳттүнэн олохтоох тэрилтэлэр, тыһыынчаттан тахса сыл тухары үлэлээн буолуо, ханнык да байар-тайар корпорацияҕа санаммат муударастарыгар буолар…
Оттон биһиги былыр-былыргыттан бэйэбитигэр баар маннык курдук идэни, үлэни-хамнаһы, олоҕу-дьаһаҕы удьуордуур-утумнуур үгэспитин кыайан сѳргүтүѳхпүт дуо?…
Даҕатан эттэххэ, билиҥҥи туругунан баар бѳдѳҥ хаһаайыстыбалар тѳһѳлѳрүн оҕолоро ылсан салгыы сайыннарар кыахтаахтарый, онтон тѳһѳтѳ билиҥҥи кѳлүѳнэнэн түмүктэнэр суолга олороруй?… Дьиҥэр, тэриллибит хаһаайыстыба, кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ бэриллэн, сайдан-кэҥээн иһэрэ судаарыстыбаҕа да бары ѳттүнэн барыстаах буоллаҕа…
………….
Өссө иһирдьэ, билиҥҥи «ахсаан — элбэх» дуу, «хаачыстыба — сыаннас — ситэри-толору» дуу, диэҥҥэ киирдэххэ, биһиги тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар уопсай көрүүбүт-сыһыаммыт (подходпут) хайдаҕый?…
………
Хайа баҕарар сир-дойду айылҕата бэйэтин тыынар тыыннааҕар, тыыннаах буолан толору олохсуйар кыаҕы биэрээри, бары өттүнэн толору иҥэмтэнэн хааччыйар оту-маһы үүннэрэр, кыылы-сүөлү олохтуур. Соннук, биһиги, Саха сирин усулуобуйатыгар дьону-сэргэни биир хайысхаҕа иҥэмтэнэн хааччыйар кыылларынан саха ынаҕа уонна саха сылгыта буолаллар…
Бу кинилэр, төһө да «ахсаан» өттүнэн аҕыйах бородууксуйаны таһаардаллар, аҕыйаҕы аһатталлар-сиэттэллэр, киһиэхэ иҥэмтэ өттүнэн, бэйэлэрин өрүттэрин толору хааччыйаллар…
……….
Урут оҕонньоттор күүстээх да үлэҕэ сылдьан, эбиэккэ биир быһыы лэппиэскэ, киэһэ миини кытары биир кырбас эт сиир, онон сөп буолар этибит, диэн кэпсииллэрин: «Былыргы дьон тулуурдаахтар, бѳҕѳлѳр даҕаны, хайдах оччо кыра аһылыкка быстарбаттара буолла, муҥ саатар ас-үѳл кырыымчыга да бэрт кэмнэрэ,..” – диэн, сөҕө саныыр этим.
Аны санаатахха, баҕар, доруобуйа бөҕөтүгэр, тулуурга эбии, бэйэ бурдугун, этин, үүтүн, аһын бары өттүнэн хойуу, баай иҥэмтэлэрэ, киһи доруобуйатыгар оннук дьайара эбитэ дуу? Холобур, мин билигин, от-мас үлэтигэр сылдьан бухааҥка аҥаара килиэби, үс тэриэлкэ миини кытары үс кырбас эти мэҥиэстэн баран, ханна да барбытын билбэккэ, ол-бу диэки көрөбүн…
…………
Саха сиригэр, айылҕатын оҥоһуута оннуга дуу, кылгас сайын устатыгар от-мас барыта үѳскээн, үүнэн, чэчирээн, ситэн-хотон тѳрүүр-ууһуур кыахха тиийэр, ону ааһан, от-мас, кыыл-сүѳл барыта, тѳһѳ да сороҕо “утуйбутун” иһин, уһун кыһыны туоруур бары кыаҕын-уоҕун мунньунар оҥоһуулаах. Бу туһунан “күн активноһа улахан, үүнээйилэр, кыыллар-балыктар иҥэмтэлэрэ баай-хойуу, хотугу киһи физиологията о.д.а.” диэн араас учуонайдар үѳрэтиилэрэ туоһулуур…
………….
Бу, саха ынаҕын, сылгытын аһа-үөлэ, саха сиригэр олохсуйар-олорор киһи организмыгар дьайыытын, кини бары өрүтүгэр ситимнэрин-сибээстэрин, соннук ас-үөл хааччыллыытыгар (продовольственная безопасность), доруобуйа харыстабылыгар, салгыы балартан тахсар өй-санаа да олоҕуруутугар оруоллара, билиҥҥэ диэри ситэ үөрэтиллибэккэ турар. Маннык курдук эмиэ, бэйэбит бурдукпут, сирбит аһа, булпут-балыкпыт…
Манна даҕатан эттэххэ, саха ынаҕа төһө да аҕыйах бородууксуйаны биэрдэр, атын боруодаларга тэҥнээтэххэ, биһи усулуобуйабытыгар оруобуна сөп түбэһэн, бары өттүнэн барыстааҕын – “рентабельнайын” туһунан экэниэмикэтин ѳрүттэрэ эмиэ ситэ үөрэтиллибэккэ турар…
Дьиҥэр, бу балартан тахсыа эбитэ буолуо, Саха сиригэр, биһиги бары усулуобуйабытын учуоттуур, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, уопсай тыа сирин, Саха сирин сайдыыларын бары өттүнэн ситимнэһэр-сибээстэһэр, ситэрсэр-толорсор өрүттэрэ…
Куоста БАҺЫЛАЙАП, Уус Алдан, Бээрийэ
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан