Быһыт тоҕо барбытын туһунан иһитиннэрии оруна суоҕунан ааҕылынна

26.11.2018
Бөлөххө киир:

2018 сыл сэтинньи 23 күнүгэр “АЛРОСА” АХ  быһыта алдьаммытын туһунан иһитиннэрии оруна суох, диэн СИА-ҕа СӨ ЫБММ кылаабынай управлениетыттан иһитиннэрдилэр. Бу иннинэ социальнай тиһиктэринэн Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетыгар сигэнэн,“АЛРОСА” АХ  быһыта алдьаммытын туһунан иһитиннэрии тарҕаммыта.

Сэтинньи 25 күнүгэр  бу тэрилтэ Ыксаллаах балаһыанньаларга киинин ыстаарсай оперативнай дьуһуурунайын ирдэбилинэн, “АЛРОСА” хампаанньа бары эбийиэктэрэ туох да кэһиитэ суох үлэлии олороллорун, сэтинньи 23 күнүттэн сэтинньи 25 күнүгэр диэри туох да быһылаан тахсыбатаҕын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Мирнэйдээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччытын э.т. Айаал Барахов 2018 сыл сэтинньи 23 күнүгэр кэмитиэт 1 №-дээх даамбатыттан 2 км тэйиччи сытар Иирэлээх төрдүгэр акваторияны чинчийии ыытыллыбытын уонна быһыт алдьамматаҕын туһунан иһитиннэрбитэ. “АЛРОСА” АХ  пресс-сулууспатын иһитиннэриитинэн, бары эбийиэктэр туох да алдьаныыта-кээһэниитэ суох үлэлии тураллар. «АЛРОСА» эбийиэктэриттэн технологическай, кирдээх ууну быраҕыы ыытыллыбатах. “Иирэлээх сир баайдаах сиригэр сууйуу сезона түмүктэннэ, Иирэлээх бириискэтин 201 уонна 202 дыраагалара кыһыҥҥы өрөмүөҥҥэ турдулар, омуһахтарга муус турда”, — диэн хампаанньа иһитиннэрдэ.

СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0