Быһылаан кэнниттэн: «Бааһынай хоромньута толору толуйуллуо»

Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат “Эдэр саас” сайтыгар биир-икки чаас анараа өттүгэр “Бүлүүгэ ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бааһынай кэбиһиилээх отун “өртөөтүлэр” диэн иһитиннэриини таһаарбыппыт. Онуоха экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев маннык ис хоһоонноох быһаарыыны ыыта оҕуста.

“Бүлүү Лөкөчөөнүгэр тахсыбыт түбэлтэнэн хамыыһыйа тэрилиннэ, — диир Сахамин Миланович. – “Якутлесресурс” САТ дириэктэрэ Вадим Новиковы миэстэтигэр балаһыанньаны сирэй билиһиннэрэ ыыттыбыт. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, буруйдаахтарга миэрэ ылыахпыт. Бааһынай хаһаайыстыбаҕа (баһылык Афанасий Харлампьев) оҥоһуллубут хоромньу толору толуйуллуо”.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0