«Хас биирдии киһиттэн эппиэтинэстээх буолуу ирдэнэр»

Ааптар: 
25.03.2020
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» быһа биэриигэ тахсан ыйытыыларга хоруйдаата.

Коронавирус куттала үөскээбитинэн, 65-тэн үөһээ саастаахтар дьиэҕэ хааччахтанан олороллоругар кимнээх уонна хайдах көмөлөһөллөрүн туһунан ыйытыыга Ил Дархан пенсионнай пуонда Саха сиринээҕи салаата, социальнай сулууспалар,  өрөспүүбүлүкэ, улуус былаастара хонтуруолу тута, үлэни салгыы тэрийэ олороллорун, бу үлэҕэ волонтердар туруммуттарын бэлиэтээтэ. Маны сэргэ, аҕам саастаах киһи чугас дьоно, оҕолоро-уруулара болҕомтолоох буолаллара наадатын ыйда.

—Киһи бэйэтин хонтуруолланыахтаах. Кылаабынайа — доруобуйа. Онон өйдөөн эппиэтинэстээх буолаллара ирдэнэр, — диэтэ Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0