Кулун тутар 1-4 күнннэригэр Саха сиригэр XV Дьахталлар сийиэстэрэ буола турар. 500 дэлэгээт онлайн көрүҥүнэн уонна бэйэлэрэ кэлэн, сийиэс үлэтигэр көхтөөхтүк кытталлар. Ону тэҥэ, атын эрэгийиэннэртэн ыалдьыттар бааллар. Дэлэгээттэр бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.
Наталья Карабинкова, “Бурятия дьахталлара” уопсастыбаннай түмсүү бэрэстэбиитэлэ:
— Саха сирин дьахталлара ыытар үлэлэрин-хамнастарын көрөн-истэн, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Бырабыыталыстыбаны уонна сокуону оҥорор уорганнары кытары бииргэ үлэлииллэрин хайҕаатыбыт. Биллэн турар, бу уопуту бэйэбитигэр киллэрэргэ кыһаллыахпыт.
Быйыл “Бурятия дьахталлара” уопсастыбаннай түмсүү тэриллибитэ 15 сылын туолар. Онон барыгытын ыҥырабыт. Аҕалар сэбиэттэрин кытары бииргэ үлэлиибит. Кэнники кэмҥэ федеральнай үп-харчы кэлэрэ элбээн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бары салааларга сайдыы, хамсааһын барда.
«Якутия мастеровая» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа биһиги боолдьох таҥастары аҕаллыбыт. Кулаковскай аатынан кииҥҥэ баран, көрүөххүтүн сөп. Ону тэҥэ, саха маастардарын сөҕүмэр үлэлэрин көрөн-истэн, астынныбыт, атыыластыбыт.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ бары биир сутурук курдук түмсэн, чиҥээн биэриэхтээхпит. Пандемия саҕаламмытыгар уопсастыбаннай түмсүүлэри барыларын түмэр коалицияны тэрийбиппит. Онон күүһү түмэн, үгүс дьоҥҥо көмөлөспүппүт, олорон хаалбатахпыт. Бу түмсүүбүт өссө да өр туһалыаҕа.
Биһиги, дьахталлар, ийэлэр сорукпут — төрөөбүт дойдубутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр тапталбытын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии буолар. Ханнык баҕарар кэмҥэ дьахталлар олоҕу хамсатар күүс буолаллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru