Бурятияҕа мусуой үлэһиттэрэ түмүстүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бурятияҕа Уһук Илин мусуойдарын Байкаллааҕы Ассамблеята буола турар.

Бэс ыйын 15-18 күннэригэр түмэллэргэ туһаайыллан аан бастаан ыытыллар сонун тэрээһин түһүлгэтигэр федеральнай, эрэгийиэн, муниципалитет, оскуола, кэтэх уонна биэдэмистибэннэй мусуойдар үлэһиттэрэ түмсүбүттэр.
Далааһынаах тэрээһиҥҥэ Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Григорий Куранов, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин култуураҕа уонна ускуустубаҕа сүбэһитэ Владимир Толстой, РФ Култуураҕа министиэристибэтигэр мусуойдарга уонна тас сибээскэ Департаменын начаалынньыга Елена Харламова, Уһук Илин мусуойдарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Виктор Шалай, РФ этнографическай мусуойдар Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Юлия Купина ыалдьыттыыллар.
Ассамблея «Культурный колониализм vs культурный федерализм» диэн пленарнай сиэссийэнэн саҕаламмыт.
—Маннык ураты тэрээһин аан бастаан биһиэхэ саҕаламмытынан киэн туттабыт, үөрэбит. Билиҥҥи кэмҥэ мусуойдар оруоллара сүдү суолталаах. Тоҕо диэтэххэ дьон-сэргэ түмэллэргэ сылдьан уон, сүүс сыл анараа туох буолбутун, оччолорго хайдаҕын көрөр. Онон бу тэрээһин оруола сүдү улахан уонна мусуой үлэтэ сайдарыгар бигэ олугу уурар, — диэн этэр Бурятия Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Баир Цыренов.
Тэрээһин иитинэн «төгүрүк остуоллар», сиэксийэнэн үлэлэр былааннаналлар. Тэрээһин Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа министиэристибэтин, «Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин национальнай мусуойа», Уһук Илин мусуойдарын Ассоциацията, уо.д.а. тэрийиилэринэн ыытыллар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0