Сайын аайы кэриэтэ өрөспүүбүлүкэ улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарын, Дьокуускай куораты буруо сыта тунуйар. Тыынар уорганнара мөлтөхтөр эбэтэр атын да ыарыылаахтар эрэ буолбакка, доруобай да киһи ыарырҕатарын курдук ыыс-быдаан салгын турбута хаһыс да күнүгэр барда.
Маннык күннэргэ бэйэни хайдах харыстанарга СӨ Роспотребнадзора управлениета сүбэлиир.
– Олус итиигэ таһырдьа, аһаҕас халлаан анныгар сылдьаргын аҕыйат;
– Оҕолор оонньуур уонна үөрэх тэрилтэлэрин спордунан дьарыктанар былаһааккаларыгар сылдьалларын быстах кэмҥэ хааччахтаа;
– Организмы уунан хааччыйар туһуттан элбэхтик уута иһэ сырыт. Тоҕо диэтэххэ, олус куйааска көлөһүн тахсара элбиир уонна организмҥа уу аҕыйыыр;
– Организмҥа туус уонна микроэлеменнар аҕыйыылларын таһаарбат туһугар минераллаах-щелочтаах ууну, үүт-аһыы утахтары ис. Ол оннугар гаастаах утахтары иһимэ;
– Киһи куртаҕа чэпчэкитик буһарар уонна битэмииннээх бородуукталарынан аһаа;
– Эт-сиин элэйэр ноҕуруускатын аҕыйата сатаа;
– Олус күүстээх буруоҕа тыынар уорганнары харыстыыр мааскалары, респиратордары уо.д.а. туһан. Олору сөп буола-буола инчэт, түннүк уонна аан хайаҕастарын инчэҕэй тирээпкэнэн сото сырыт, кондиционеры холбоо;
– Тыынар уорганы харыстанар тэриллэри ордук кырдьаҕас дьон, тыынар уорганнара эмсэҕэлиир уонна аллергиялаах оҕолор уонна улахан дьон туһаныахтаахтар;
– Дьиэҕэ мунньуллубут буортулаах веществолары суох оҥорорго күн аайы сииктээх тирээпкэнэн сото, сууйа сырыт;
– Итии салгын охсуутуттан уонна тириигэ киһи хараҕар көстүбэт буруо иҥиититтэн сэрэнэр туһуттан күҥҥэ хаста да душтан;
– Арыгылаах утахтартан, пиибэттэн уонна табахтан аккаастан;
— Доруобуйаҥ мөлтөөбүт курдугун биллэххинэ (сэниэҥ суох, мэйииҥ эргийэр, тыынаргар ыарахан, сөтөллөр, утуйбат буоллаххына) суһаллык бырааска көрдөрүн.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru