Буруо Дьокуускайга икки улуус баһаарыттан кэлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспата иһитиннэрэринэн, Нам, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка буруо Уус Алдан уонна Чурапчы улууһугар баар баһаартан кэлэр.

edersaas.ru

Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи уонна киһи мээнэ тиийбэт сиригэр бааллар. Баһаар хонтуруолга ылыллан, дьон-сэргэ олорор сиригэр, экэниэмикэҕэ куттал суоһаабат диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

«Күһүҥҥү кэмҥэ дьон-сэргэ айылҕаҕа тахсара элбээн, сир аһын хомуйуу, булка тахсан, уоту туттуу быраабылаларын кэһии түмүгэр күһүҥҥү баһаардар элбииллэр», — диэн айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ этэллэр.

Экология министиэристибэтэ баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэспит дьон административнай уонна холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп диэн сэрэтэр.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0