Буруйу оҥоруу ханнык улуустарга аҕыйаата?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл 11 ыйыгар буруйу оҥоруу туругун туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 

edersaas.ru

Бу ыйыллар кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 537 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Итинтэн ыар уонна ураты ыар буруй ахсаана — 2078. Анаабыр улууһугар ыар буруйу оҥоруу тахсыбата.

26 улууска буруйу оҥоруу аҕыйаабыт, ол — Уус Маайаҕа (33,3 %-нан), Орто Халымаҕа (28,9 %-нан), Дьааҥыга ( 27,5 %-нан), Кэбээйигэ (23,5 %-нан). Оттон 9 улууска, ордук Аллайыахаҕа (53,6 %-нан) буруйу оҥоруу элбээбит.

Түөкүннээһин элбээбит, ордук — Дьокуускай куоракка, Томпоҕо, Хаҥаласка, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Аллайыахаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Уус Алдаҥҥа, Аллараа Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ.

Экономическай буруйдар 7,7 %-нан элбээбиттэр (476 чахчы).

Ырытыы көрдөрбүтүнэн, арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу 5,3 %-нан аҕыйаабыт (4110 чахчы). Ол эрээри, Өлөөҥҥө, Аллайыахаҕа, Горнайга уонна Эбээн Бытантайга элбээбиттэр.

Уопсастыбаннай сиргэ 3992 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Маннык буруйдар Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Өймөкөөҥҥө, Өлөөҥҥө, Эбээн Бытантайга элбээбиттэр.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0