Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу туруга хайдаҕын уонна ис дьыала уорганнарын үлэтин туһунан СӨ Ис дьыала министиэристибэтин киэҥ ыҥырыылаах коллегиятыгар ырытыстылар.
Сүрүн дакылааты оҥорбут кылаабынай полицейскай, генерал-майор Владимир Прокопенко иһитиннэрбитинэн, 2017 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 12399 буруй оҥоһуллубут. 25 улууска уонна куораттарга буруйу оҥоруу балачча аҕыйаабыт, ол — Уус Маайаҕа (108-тан 74-кэ диэри, 31,5 %-нан), Ньурбаҕа (453-тэн 324-кэ диэри, 28,5 %-нан), Кэбээйигэ (120-тэн 91-гэ диэри, 24,2 %-нан), Дьааҥыга (176-тан 134-кэ диэри, 23,9 %-нан), Сунтаарга (237-тэн 184-кэ диэри, 22,4 %-нан) уо.д.а.
Оттон 11 улууска, төттөрүтүн, элбээбит, ол — Аллайыахаҕа, Абыйга, Өлөөҥҥө, Өймөкөөҥҥө уо.д.а.
Төһө да ыар уонна ураты ыар буруй ахсаана аҕыйыы быһыытыйбытын иһин, ааспыт сылга буруйу оҥоруу түмүгэр 332 киһи тыына быстыбыт. Ураты ыар буруй Анаабыр улууһугар эрэ тахсыбатах.
Буоларын курдук, буруй баһыйар ахсаанын киһи тус баайыгар-малыгар суудайыы ылар – 6354 чахчы (4127 уоруу, 411 халааһын, 49 талааһын, 25 түүрэйдээн ылыы, 1069 түөкүннээһин).
Маны таһынан, экономическай хайысхалаах 498 буруй, хоруупсуйаҕа сыһыаннаах 138 буруй булуллубуттар.
Силиэстийэлэммит дьыалалартан көрдөххө, арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу ахсаана 4536 буолбута (2016 сыллааҕыттан 6 %-нан аҕыйах). Оттон наркотиктан туймаарыйа сылдьан буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ 34,5 %-нан аччаабыт. Маны тэҥэ, уопсастыбаннай сиргэ буруйу оҥоруу эмиэ аҕыйаабыт.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу арыйыы үрдүк — 67,2%, маныаха өлөрүүнү арыйыы — 95,2%, киһини ыараханнык эчэтэн өлүүгэ тиэрдиини — 96,6%, доруобуйаҕа чэпчэки эмсэҕэлээһини оҥорууну — 91,1%, уорууну арыйыы — 51,8%, талааһыны — 89,5% уонна күүһүлээһини арыйыы — 100%.
Маныаха миниистир биллиилээх спортсмен Иннокентий Макаровы өлөрүүнү, «Алмазэргиэнбаан» банкоматтарыттан уорууну, Уус Маайаҕа көмүһү уоруунан дьарыктаммыт бөлөҕү уодьуганнааһыны о.д.а. айдааннаах дьыалалары арыйыыны ааттаталаата.
2017 сыл түмүгүнэн, үлэлэригэр үчүгэй көрдөрүүлээх Ис дьыала отделларынан Ньурба, Булун уонна Өймөкөөн буолбуттар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата.