Сахалар бурдугу үүннэриини үчүгэйдик баһылаабыттара. Хас ыал аайы бурдук үүннэрэр бааһына баара. Бэйэ үүннэрбит бурдуга ыраас, тотоойу, минньигэс, доруобуйаҕа туһалаах буоллаҕа. Дэлэҕэ, саһарчы буспут алаадьы, арыылаах саламаат, сымнаҕас лэппиэскэ күндү ас буолуохтара дуо? Билигин ол үгэспитин умнубуппут, күннээҕи олоххо туттубат буолбуппут хомолтолоох.
Үрүҥ бурдуктан, термофильнай доруоһаттан оҥоһуллар килиэп буортутун туһунан “Саха сирэ” хаһыат сэтинньи 19 күнүнээҕи №-гэр суруллубута.
Бэйэ килиэбэ быдан минньигэс!
Ньурба улууһун Антоновкатыгар олорор, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчут Агафья Тарасова түөрт сылы быһа баҕаран, өбүгэлэр үгэстэрин сөргүтэн, быйыл бэйэтэ бурдук үүннэрэн, мэлийэн, хмельтэн аһытыы оҥорон, килиэп оҥорор буолбут.
Кини “Сир Ийэ быйаҥа” кинигэ ааптара, оҕуруот аһын олордууга элбэх сүбэ-ама биэрэр, сүрдээх үлэһит, кыайыгас-хотугас тыа дьахтара.
— Түөрт сыл тухары бурдугунан үлүһүйэ сырыттым. Онтон үһүс сылбыттан суолум аһыллан, сыыйа барыта сатанан истэ. Этэргэ дылы, үөһээҥҥилэр көмөлөспүттэрин курдук буолла. Саха дьоно син биир, бэйэбит да билбэппитинэн, чараас эйгэни кытта тутулуктаах буоллахпыт...
Онон түөрт сыллааҕы баҕа санаам туолан, түмүктэнэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үлэбин таһаардым. 2016 сылтан үс сылы быһа, куруук бурдук үүннэрбит киһи диэн саныыр буолбутум, төбөбүттэн олох тахсыбат этэ. Онтон дьэ, быйыл барыта сатанна. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, хас да сыллаах бэлэмнэниим, үлэм, баҕа санаам туолбутуттан чэпчээн, үөһээ тыынным.
Бастаан ыһан баран, хайдах үүннэрэрбин икки сылы быһа толкуйдаабытым. Ситэр дуу, сиппэт дуу, аны ситтэҕинэ илиинэн хайдах хомуллара буолла, ол хомуйан баран туорааҕын араарыы, мэлийии, ол кэннэ аска туһаҕа таһаарыы — араас боппуруоһа күөрэйэн тахса турар. Үһүс сылбар суоруна көһүннэ, олус үөрдүм. Төрдүс сылбар бурдук, онтон аны ыһарбар уһаайба көһүннэ. Балтым Оксана Афанасьевна (Харыстаана) баҕа санаабын кэпсээбиппэр көмөлөһүөм диэтэ. Ити курдук суол аһыллан, ыһыы саҕаланан, барыта ситтэ, бурдугум буста.
Былырыын Зарема Романовна Бочкаревалыын тыа сирин дьахталларын улахан сэминээрдэригэр ыҥырыллан, билсибиппит. Кини СӨ Бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын иһинэн үлэлиир тыа сирин дьахталларын лиидэрэ. Онно киниэхэ кистээбэккэ кэпсээбитим: «Олох бурдук ыһыахпын баҕарабын, түүлбэр кытта бурдук-бурдук дииллэр» диэн. «Хантан бурдук сиэмэтин булуохха сөбүй?» диэн ыйыппыппар, көмөлөһүөх буолбута. Бу саас «бурдугуҥ көһүннэ, хайдах ыллаттараҕын» диэн үөрдүбүтэ. Куораттан түргэнник аҕалтаран баран, бурдугум кэлбитигэр, мин үөрэн бөҕө.
“Хамсааһын тахсыахтаах!”
— Ыам ыйын бүтэһигэр тээпкэнэн суоллаан баран, чугас-чугас, көннөрү сиэмэ курдук, ыспытым. Элбэх үлэлээҕиттэн, уустугуттан саллан, «ээ, кэбис, сатаммат эбит” диэн баран тохтоон хаалбакка, улаханнык баҕаран, хамсааһын тахсыахтаах, дьон чааһынай уһаайбаларыгар бэйэлэрэ бурдук олордор буолуохтара диэн санаа кыайда быһыылаах.
Былыр хайдахтаах курдук үлэлээн, бурдугу үүннэрэн, мэлийэн, астанан олорбуттарын бэйэм эппинэн-хааммынан, суорунаны эргитэн биллэҕим. Билиҥҥи үйэҕэ, биллэн турар, миэлиҥсэлэр эҥин бааллара буолуо, ону булан, атыылаһан тутуннахха, арыый түргэтиэҕэ.
Мин 1,3 киилэ ыйааһыннаах бастакы бурдукпун сэттэ аҥаар чаас устата олорон тардыбытым. Хаһан суорунаны тардыбытым баарай, үөрүйэҕэ суох буоллаҕым. Онтон дьэ, үөрэнэн, икки илиибинэн билигин балтараа киилэни икки аҥаар, үс чааһынан тардар буоллум.
Суорунаҕа тардыбытым кэннэ, сиидэлиибин. Онтон хаалбыт бөдөҥ кыырпахтарын, туораахтарын үс-түөрт төгүл өссө мэлийтэрэбин.
Аһытыылаах килиэби оҥоруу
— Хмель элбэх сыллаах үүнээйи, туораахтарын хомуйан, хатаран баран, тиэстэ аһытыытын оҥорон, бэйэ килиэбин, бэрэскини да астыахха сөп. Хмель икки уопсай көрүҥэ баар, биирэ көннөрү виноград курдук, декоративнай үүнээйи, туорааҕа суох. Иккис көрүҥэ туораахтаах. Аны кини силиһинэн барар, сиэмэтин олох биэрбэт. «Дачник» маҕаһыннарыгар туораахтаах хмель баар буолааччы, ол эрээри сиэмэтэ мөлтөхтүк тахсар, элбэхтэн биир-икки тахсыан сөп.
Итинник мөлтөхтүк тахсар сиэмэлэри күһүн улахан тоҥоруу иннинэ кирээккэҕэ ыстахха, “естественнэй стратификация» баран, саас тахсыан сөп. Сыл аайы аллараа силиһэ сайдан, үүнүүтэ элбээн иһэр. Көрүүтэ-истиитэ судургу, миэнэ хортуоска бааһынатыгар олорор. Күннээх сири, ууну сөбүлүүр, ол эрээри үрдүттэн шланганан эҥин ыстарар наадата суох, туораахтара сытыйар, ол иһин уутун аллараанан кутар ордук. Туораахтара атырдьах ыйыгар тахсан, балаҕан ыйын саҥатыгар ситэр.
Хомуйан баран, хатарабын. Икки ытыс хмели көстүрүүлэҕэ уган, 1,7 лиитирэ оргуйбут итии ууну кутан баран, билиитэҕэ чаастан ордук мөлтөх уокка оргутабын. Сойутан баран, сиидэлэнэр. Онтон саахар, бурдук эбэн, аһытыы оҥоһуллар. Хомуога суох биир маасса буоларын курдук булкуйаҕын, убаҕас алаадьы тиэстэтин курдук буолуохтаах. Сотторунан сабан, хаппахтаан баран, сылаас сиргэ уурабын.
Онтон тиэстэбин охсоору, атын иһиккэ “опара” туруорарбар, аһытыыттан 4 ост. ньуосканы баһан, кутабын. Үллэн, күүгэннирэн тахсар. Ыраас ууга кыра саахары, тууһу булкуйан, тиэстэҕэ эбэн биэрэбин.
Аһытыыны 3 лиитирэлээх бааҥкаҕа кутан, салгына таҕыстын, аһыйбатын диэн хаппаҕын дьөлөн баран, халадыынньыкка ууран, килиэп буһараары гыннахпына, кыра-кыралаан ыла сылдьабын.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.