КЭПСЭЭН: Тамалдьыйа уонна Бурҕаа

Ааптар:  Уйбаан СИЛИГИ
02.11.2023
Бөлөххө киир:
Photo by form PxHere

Бурҕаачаан эрэйдээх, уоһаҕыҥ да куурбакка сылдьан биирдэ тулаайахсыйа түһэн, халыҥ тыа быыһыгар, сир-халлаан икки ардыгар ардай аһыылаах, дэгиэ тыҥырахтаах, томороон тумустаах аһылыга буолар дьылҕаланан чороҥ соҕотох туран хаалаахтаабыккын бэйэҥ да билээхтээбэккин…

Ийэ сүрэҕэ үөрүүнэн туолла. Күөх солко сэбирдэх суугунас сипсиэрин быыһыгар, хабаххай дабаххайынан аллыбыт бэрдьикэ, ньалаха титирик сөп-сөрүүн күлүгэр сымнаҕас муох тэллэх үрдүгэр биирдэ ньылбырыйан түһэн кэлбит бэйэлээх бэйэтин оҕото, сүрэҕин-быарын тооромоһо, итии хаанын тыыннаах бөлүөҕэ түүрүллэн, инчэҕэй, салахайдаах этин-тириитин аан бастаан аһаҕас салгын таарыйан ибигирии сытаахтыыр. Тыыннаах тыыннаах курдук. Кэрээнэ суох саба түһэр бэс кумаардарыттан сапсынан тары-таллаҕар кулгаахчааннара биир кэм үрүмэччи кынатын курдуктар. Ып-ыраас хап-харанан чөҕулуччу көрөн, туох эрэ олус наадалааҕы көрдүүрдүү олоотоон, тартаҕар таныытынан тулатын сытырҕалаан, минньигэһи эмэрдии сиикэй уостарынан салгыны соппойтолоон ылар.

“Оо, Аар Хара тыам, айгыр-силик айылҕам, дурда-хахха буолар дьиэм-уотум, күн сырдыгын көрбүт өссө биир оҕоҕун араҥаччылаа. Буутун этэ бустаҕына, сиһин этэ ситтэҕинэ, халыҥ систэри быһыталаан ханна да тиийдин, мүөттээх сүмэһиҥҥинэн үссэннэрэн күүс-сэниэ киллэрэн, кылыгырас үрэхтэриҥ, сир хараҕа чүөмпэлэриҥ, сыккыстыыр тымырдарыҥ уутунан угуттаан утаҕын ханнаран, өйөөн-убаан илдьэ сырыт”, — диэн дьоллоох ийэ барахсан сүрэҕэ “мөл-мөл” тэбэн ыллыыр, алгыыр, ааттаһар.

Сылаас, хатыылаах тылынан будьуруйбут сүүһүттэн, сыҥааҕыттан саҕалаан, ыҥаахчаан ньуолдаҕай быһыытын-таһаатын имитэн-хомутан хаанын эргиирин эрчимирдэ, кэнчээрилээн бытыгыраабыт ньаассын от курдук түүтүн-өҥүн куурда, сымнаҕас муннунан, ньолбуһах хоҥуруутунан үтэн-анньан эргичиҥнэтэн салаан ньалҕаарыта сытта. Ис-иһиттэн иэйэн-сылаанньыйан, балайда бодьуустаста. Тиэрэ эргитэн иһин түгэҕин, быттыктарын сыгынньах кэриэтэ чап-чараас тириитин хатыылааҕынан таарыйан, ыҥаахчаан кычыгыламмыт уоҕар түүрүллэ түһэн, туйахчааннарын сыыһынан ийэтин моонньуга тибиргэтэлээтэ.

Дьоллоох ийэ барахсан иттэннэри түһэн оҕотугар хам сыстан, биир кэм салгыны хабыалыыр оппойбут уостарыгар үүт аллыбыт сымнаҕас, сылаас эмиийдэрин үҥүлүттэ. Кырачаана ону эрэ кэтэспиттии, күн сырдыгын көрүөҕүттэн көрдөөбүтүн дьэ булбуттуу, минньигэстэн-минньигэс өлбөт мэҥэ үүтүн күүс-сэниэ киллэрэр илгэлээх таммахтарын тылчааныгар түһэрэн туймаарыйа амтаһыйан, “аны сүтэрэн кэбиһиэм” диэбиттии өрүскэлэһэн хаба тардан ылан, эмэн, оборон соппойбутунан барда. Дьабадьытынан күүгэн аллара-аллара саккыратан, аан бастаан астына, тото-хана аһаата. Ис-иһиттэн сылаанньыйан, силиилэринэн сылаас хаан сүүрэн сэниэлэнэн, тобуктаан, үнүөхтээн, устунан тыраадыспыт уһун атахтарынан сатала суохтук тэбинэн, үктэнэн иэҕэҥнии, түөрэҥэлии турда. Бу Күн сиригэр өссө биир айылҕа оҕото эбилиннэ, атаҕар турда!

Тамалдьыйа бүгүн этэҥҥэ быыһаммыт сириттэн халбарыйбакка сананна. Оҕото күөх халлаан анныгар, күөх сирэм быыһыгар куйаас күҥҥэ сыламныа. Чуумпу, бүччүм сиргэ сэбидэх-мутукча дыргылынан дуоһуйа тыыныа, сытыа-туруо, ийэтин хойуу үүтүнэн тото-хана эмсэхтэниэ. Ийэ тапталыгар куустаран оҕотун сыллыа, ньалбыа- салыа, бэйэтин сылааһынан угуттуо, үөнтэн-көйүүртэн хаххалыа. Инникитин уһун, дьоллоох олоҕор ыраах араас ыырдарынан тамайа сүүрүөхтээх төрөөбүт сиригэр сэниэлээхтик үктэннэриэхтээх.

Тамалдьыйа… Тамалдьыйам барахсан… Эрэллээх доҕоро, дурдата-хаххата Бурҕаата итинник таптаан ааттыыра. Барахсаным, баара буоллар төһө эрэ үөрэр-көтөр, көрөн-истэн дьэргэлдьитэн, күөнүнэн оонньоон кынтаарыҥныыр этэ… Былырыын баччаларга, бэйэтиттэн аҕа атыырдыын миигин былдьаһан тутуһан көрбүттэрэ алдьархайыан… Анарааҥы намыһах, лаппыһах, силиргэх курдук бэйэтэ, алталыы лабаалаах адаарыйбыт, модьу-таҕа муостарын утары тутан, орулуу-орулуу, көөҕүнүү-көөҕүнүү суптурута түһүөлээн, Бурҕааны бүдүрүтэ, ыксата сылдьыбыта. Тула мутук-лабаа барчаланан, титирик-бэрдьикэ имири тэпсиллэн, туос-хатырык сулланан, хойуу отон уга, көпсөккөй лабыкта үллүктээх, талах-сэппэрээк былаастаах сэндэҥэ сир сытыы туйахтар үлтү хоруйан хара буорунан көрбүтэ.

Аҕа аҕа курдук, күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар алталаах лөкөй, хааннааҕынан дьүккүччү көрбүтүнэн, көрүөх түгэнигэр уһун өттүктээх, дыраччы тэбинэн турар өстөөҕүн адаарыйбыт муостарынан иһин түгэҕиттэн баһан таһааран үрдүнэн элиппитэ ойоҕоһунан чөҥөчөккө сааллан ыарыыланан, дөйүөрэн балайда тура сатыы, үнүөхтүү сытта. Хата, дьолго, эмэх чөҥөчөк буолан абыраабыта. Бурҕаам өсөһө дэлэ дуо, уонна эдэр буолан кыанан, тыын быһаҕаһынан да тыыннар, кэннин тииккэ анньан, лөкөй диэки түөртүү лабаалаах хороҕор муостарын туһаайан “дьэ эрэ, хайдах этэй” диэн хаанынан тыбыыра-тыбыыра баһын булкуйа, сири-буору табыйталыы турда. Анарааҥҥыта да, бүтүн түөртээх кыылы үрдүнэн элитэригэр эстэн, күүһэ-уоҕа өһүллэн эмиэ муоһун тоһуйан байааттаҥныы турда.

Ити курдук утарыта кынчыаттаһан, киҥнэрэ-наардара холлон, тыыннара-быардара ыгыллан турбахтаан баран, туораттан хамаанда бэриллэрин кэтэспит курдук, оруласпытынан муостарынан түһүстүлэр. Лабаалар саайсар, хабырыйсар тыастара лаһыгырыы түстэ. Биир кэм тиэритэ анньыһан, умсарыта тардыһан холоруктана сырыттылар. Муостарынан арахсыбаттыы иилистэн балайда соһустулар. Чирэстэһэн, дьирээлэһэн илин-иннилэрин ылсыбакка, турар сирдэригэр омуна суох тобуктарыгар диэри батарыта үктэннилэр, ыстаҥалаһан, тэбиэлэһэн адаарыҥнастылар. Саастааҕа көхсө күрдүргээн, тобуктаан, олорон ылара үксээтэ. Биирдэрэ тэлэкэчийэрэ эрчимирбиккэ дылы. Сүнньүн күүрдэн, эрийэн-мускуйан утарылаһааччытын уҥа-хаҥас балааскайдатара элбээтэ. Ол сылдьан, Бурҕаа барахсан чыпчылыйар түгэҥҥэ түүрүллэ түһээт, лөкөйү баһынан аарыма тиит мутуктаах-чоохуралаах модун төрдүгэр ыбылы саайда. “Харк-тас” гынар тыас иһилиннэ. Лөкөй аҥаар муоһа тостон, мутук батары киирэн, уҥа хараҕа оронон тахсан быатыттан ыйанан тэйгэҥниирэ, оҥойо хараарар хараҕын оннуттан быстыбыт тымырдара хаанынан тыбыыраллара көрүөххэ ынырык этэ.

Бэтэрээнэн ыырданан, тэйиччинэн тэлэкэчийэн уулаах хараҕы утары көрдөрбөтөх Бас-көс Атыыр аатыра сылдьыбыт лөкөй тэҥҥэ тэбиэлэһэр, ордук охсуһар эдэр атыырга хотторон, таптыы көрбүт тыһытын былдьатан, муоһа тостон, аҥаар хараҕыттан мэлийэн, былааһа самнан аны бу сиргэ эргиллибэттии үнүөхтүү, байааттаҥныы тураахтаабыта.

Оо, Бурҕаа хап-хара харахтара чаҕылыспыттарыан! Төһө да ыарыыланнар, хаан-сиин оҕуолаатар, кыайбыт кыайбыт курдук, кыайтарбыт, өлөрдүү эмсэҕэлээбит утарылаһааччыта сааттаахтык тыас хомуммут суолун диэки чирэччи тэбинэн туран моонньун ууннаран, хабыр хапсыһыыга биир лабаата тостубут туруору муостардаах баһын ньолотон: “Аны манна мин хаһаайыммын!” — диэн суос бэринэн көҥдөйдүү көөҕүнээн лоҥкунаппыта. Саҥа Бас-көс Атыыр модун куолаһын истэн, тула им бара, иһийэ түспүккэ дылы буолбута. Бэл, ахсаабакка чырыктаһар чыычаахтар хам барбыттара. Элэгэлдьигэс, тэбэнэттээх Бурҕаам тута дьоһумсуйбут, модьураабыт көрүҥнэммитэ. “Аны эйигин ким да былдьаспат. Боруоба, холоон көрдүннэр эрэ… Сэгэртэйим, самыыгынан оонньоон хааман-сиимэн тамалдьытан, ыыгынан-дьааргынан тунуйан убай лөкөйдөрү уйулҕаларын хамсатарыҥ тохтуур. Аны эн миэнэҕин. Күөммүнэн күөйүөм, өттүкпүнэн бүөлүөм. Кимиэхэ да тыыттарыам суоҕа. Мин Тамалдьыйам буолаҕын!” — Бурҕаам итинник “бириигэбэрдээн”, ааттаан сыҥааҕын моонньубар ууран, күөнүгэр сыһыары тардыбытыгар сүрэҕэ “миэ-нэ-ҕин, миэ-нэ-ҕин” дии-дии биллиргэччи тэбэрэ иһиллибитэ.

Үчүгэйдик да сайылаабыппыт. Тулабытыгар биһигиттэн ордук дьоллоохтор суох курдуктара. Ол уодаһыннаах охсуһуу кэнниттэн Бурҕаам бэйэтэ эрэ билэр ыллыктарынан, туйахтарбыт элэйиэхтэригэр диэри уолбут үрэхтэр хайыр таас омооннорунан, үрдээн, модьураан иһэр лиҥкинэс мастардаах систэринэн, харыйа, хатыҥ быыстарайдаах, үөтүнэн, талаҕынан, хойуу сэппэрээгинэн саба үүммүт алыыларынан дугуйданан, аҥаат-муҥаат алаастар куулаларынан, күөллэр-үрэхтэр билиилэринэн сыта-тура айаннаан, эргиччи хата куурбут оттоох-мастаах, амырыын сытынан аҥылыйан бүллүгүрүү хабаҕырар, чугаһынан биир эмит тыынар тыыннаах баара биллибэт, иһийэн-ньимийэн сытар маар-кута дойдуга кэлбиппит. Бурҕаам бааһын-үүтүн оһоруна, алларыйбыт туругун тупсарына, күүс-сэниэ киллэринэ кэлбитин биллэрбитэ.

Харах курдук чөҥөрүйэ, буруолуу-тыына сытар сып-сылаас бадарааҥҥа таныыта, харахтара эрэ харааран, муоһа адаарыйан бүтүннүү тимирэн күнү күннээн сытара, угуттанара. Мин да тулуйбатаҕым. Бурҕаам манньыйа, сылаанньыйа угуттанарын, санаабар тулатын, бэйэтин да туһунан умнан кэбиһэр, көтө сылдьар курдук турукка киирэрин ымсыыра көрөн, көҕүйэн хабаҕыра-хабаҕыра тэстэн бүллүгүрүү сытар, таныыбын, харахпын аһытар чааннаах бадарааҥҥа ыстанан кэбиспитим. Испин-үөспүн, көбдөхпүн ип-итиинэн хам ылларан, эмискэччитэ бэрдиттэн соһуйан-уолуйан, тыын быһаҕаһынан тыына-тыына, тимирэр аакка бардым. Тумсум эрэ быган хаалыыта, атахтарым кытаанахха үктэннилэр. Ыччуу, мууһунан хаарыйан тымныытыан! Хайдах да хамсыыр кыах суох. Балайда таалан, хам ылларан турдум.

Чоҥкуларым тоҥоннор, сылаас оборчоҕо да буккулуннарбын, этим-сииним дьагдьайан киирэн барбыта. Устунан баһым ыараан, сүнньүм сылайан нукаай буолан, таныыбынан ууну эҕирийэн тумнастан киирэн барбытым. “Бүттүм…”, —диир санаа охсуллан иһэн, биирдэ өрө баһылла түспүппүн өйдөөмүнэ да хааллым быһыылаах. Элигим, Бурҕаам кыл мүччү агдам анныгар киирэн оборчоттон өрө сүгэн таһааран, кытыыга таралытан кэбистэ. Көлөттөн хаалан, тыын ыла сатыы сытыахпын үөс-батааска биэрбэккэ, үтэн-анньан туруоран адаарытан, түҥ-таҥ түһэрэн аттынааҕы чөҥөрүккэ умса анньан кэбистэ. Өлөр өлүү айаҕыттан субу сулбу тардан таһаараат, эмиэ тоҕо төттөрү үҥүлүттэ: “Сиэтээ!”— диэн кыланан иһэммин өйдөммүтүм, булдьугуруур-балдьыгырыыр бадарааҥҥа өрөҕөбүнэн турар эбиппин.

Бурҕаабыныын ыкса күһүҥҥэ, хаар хаһыҥнар хаарыйыыларыгар диэри эмтээх бадарааннаах сирбититтэн арахсыбатахпыт. Хабах алла, “оргуйа” сытар ып-ыраас чүөмпэ тарыҥнарга эппитин-сииммитин имиттэрэн суунарбыт-сайҕанарбыт. Дьэбин аллыбыт, араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур ньалахайдаах, аҥылыйар хабаххай ууну тумнаста сыһан, тыын ыла-ыла уулуурбут. Кута, бадараан саҕатыгар тутумунан үүнэр үс кырыылаах сүмэһиннээх оту кирдиргэтэрбит. Куруҥу кэрийэн тэлгэнэ сытар болчуохалаах сүрэхтээх сэбирдэҕинэн харыммытын толоро эмсэхтэнэрбит. Иккиэн даҕаны уойан-тотон, сэниэлэнэн, быһыыбыт-таһаабыт тупсубута. Бурҕаам бааһа-үүтэ оһон, хааннааҕынан холлоро уурайан, биримээнэ икки илии тастанан, түүтэ-өҥө ньалҕаарыйан-мөлбөөрүйэн лөкөй гиэнэ аарымата буолбута. Бэйэ-бэйэбитигэр ымсыырсарбыт, көҕүйсэрбит, оонньоһорбут, сыллаһарбыт-сытырҕалаһарбыт, аалынан-салаһан ыларбыт элбээбитэ.

Биирдэ, уу хаһыҥ сарсыарда, лиҥкинэс тииттэр үрдүлэринэн көмүс сардаҥаларынан ыһыахтанан күһүөрү күн тэмтэйэ ойуута, сылаанньыйа, сыламныы сытаммын түүл түһүүр курдукпун. Арай, өндөл мэҥэ халлаантан күлүбүрүү умайар күн тооромоһо быстан түһэн эрэр эбит. “Тыый”…— диэн соһуйан өрө чөрбөс гына түспүтүм, Бурҕаам бүүс бүтүннүү сиик таммахтарын бүрүнэн күн сардаҥаларыгар күндээрэн, муоһуттан туйаҕар диэри кустук өҥүн түһэрэн, күлүмүрдээбитинэн үөһэттэн нөрүйдэ. Илдьэ кэлбит сөп-сөрүүн сиик таммаҕа “ардаҕын” үрдүбэр тоҕо дьигиһийэн, илгистэн кэбистэ. Тэбэнэттээхтик тэһитэ көрүтэлээн, адаарыйбыт муоһунан оонньоон, киппэ быһыытынан-таһаатынан көөчүктэнэн, ахтатын аннынан толунньаҥ уҥуоҕун курдугу таһааран, субурутан үрдүбүнэн ойуолаата.

Сиик сөрүүн ардаҕынан саба ыстаран сэргэхсийэн, Бурҕаам баар-суох маанылааҕынан үрдүбэр үҥүлүтэ көөчүктэнэн тыһыбын уһугуннарда. Кыдьыгыран-кыйытталанан ойо эккирээн, самыыларбынан, быттыкпынан сылаанньыта ньүөлүйэн, кэнним ыараан хаалбыт курдук буолла. Такымнарым “уулланнар”, сууллумаары атаралыы тирэнэн иэҕэҥнии турдахпына, Бурҕаам ииктиир сирбиттэн хатыылаах сып-сылааһынан салаан, туймаарталаан ыллым. Эмискэ баҕайы кэннибэр күөнүнэн саба түһэн, илин атахтарынан ойоҕосторбун хам кууһан, ньахчас кыныахпар диэри абытай минньигэһинэн батары биэрэн кибилиннэрдэ. Испин-үөспүн ороон эрэдии дьөлүтэ-тоҕута сууппайдаан, өйө-мэйэ суох баран тобуктуу түспүппэр, хам баттаан сапта сытан, көхсө тиҥиргээн дьигиһийтэлээн ылла. Элигим, ийэ буолар аналбын оҥорон, тыыннаах сиэмэбитин сиэһиннэрэн аан бастаан иссэн турабыт. Онтукайбыт, оҕоккооммут барахсан, күн сирин көрөн, атаҕар тура сатаан эрдэҕэ.

Тохсунньу томороон тымныыларын диэки оһоҕостонон сылдьарым биллибитэ. Бурҕаам, атыырым барахсан, иннигэр укта сылдьан үтэн-анньан көмөлөһөрө, тибиигэ-хомурахха суол үктээн батыһыннарара. Тиийбэт лабаабын муоһунан тардан, хам баттаан намтатан биэрэрэ. Арҕаһым, самыым хаарын сэбирийэн эрэр бытыгынан садьыйа сотон ыраастыыра. Тыалга-кууска, силлиэҕэ-хахсаакка бүөлүү турунан, дурда-хахха буолара. Эрэйдээҕим, бэйэтэ тоҥоохтуурун-хатаахтыырын дьыалайдаабат этэ. Иэдээн ааҥныан, букатыннаахтык арахсыахтаахпытын сүрэҕинэн сэрэйэрэ быһыылаах. Тугу эрэ кэтии, кэтэнэ-иһиллии сылдьар курдуга.

Биир дьыбардаах сарсыарда, халлаан илин хаппаҕа дьааһыйа аһыллыыта алыы сиргэ хойуу сэппэрээгинэн саба үүммүт маарга адаарыйбыт үөттэр быыстарыгар турдахпытына, үрдүбүтүнэн бэрт намыһаҕынан туртайа кырыарбыт хара суор чаҥыргыы-чаҥыргыы “сур-сур” дайбанан көтөн ааспытын тоҕо эрэ сөбүлээбэтим. Өр-өтөр буолбата, аны утары бөлкөй ойуур үрдүнэн уһулу ойон тахсыбыт аар хатыҥнарга хаастара кытаран, кутуруктара тэрэһэн улардар көтөн лаһыгыраһан кэлэн хороспутунан олорунан кэбистилэр. Хамсаабакка иһийэн турдубут. Тыыммыт эрэ бурҕаҥныыр, үрдүбүтүнэн үөттэр төбөлөрүнэн туман буолан ыйанна. Бурҕаам кыламаннара, хоҥоруута кылабачыйа кырыаран, санаабар моонньо уһаабытыан, модьу муостара үөттэр үрдүлэринэн адаарыйан, кыһыҥҥы күн тымныы сардаҥаларын кэтит күөнүнэн тэйитэн, кылабачыйа сырдаан, Аарыма Атыыр ааттааҕа буолан кынталлан турар. Барахсаным, сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх, уҥа-хаҥас олоотоон, тэпсэҥэлии- эргичиҥнии түһэн иһэн, эмискэ хатан тыас өрө хабылла түһээтин , ньахчас гынан, байааттаҥнаан иһэн: “Куот!”— диэн кыланан, илин туйахтарынан самыыбын сиирэ-халты табыйан хаалла. Туох ааттаахха түбэспиппит дьүүлүн-дьаабытын быһаарбакка, инним хоту ыстанан иһэн, кэннибин хайыспытым, Бурҕаам барахсан атахтара адаарыһан эрэллэрэ. Моонньубун, арҕаспын туох эрэ тыбыс тымныынан хаарыйан, салгыны хайа тыыран чыһыыран ааһыталаата. Хойуу үөттэринэн хаххаланан, маары туораан, хара тыабын былдьаспытым. Бурҕаам, элигим, ол алыыга охтон хаалаахтаабыта… Сүрэх баастанаммын, кэтэнэ-манана, ол-бу тыаһы иһиллии-кирийэ сылдьар буолан хааллым. Бэл, иһийэн турар чуумпуга үрдүбэр тоҥсоҕой тоҥсуйан тобугураттаҕына, ходьох гына түһэбин. Туох эрэ биллибэт, Бурҕаабын былдьаабыт, илдьэ хаалбыт хабыллар тыас миигин мэлдьи кэтиир-маныыр курдук. Аны бу кырачааннанан, баайыыланан хааллым. Барахсаммын этэҥҥэ араҥаччылаан, харыстаан илдьэ сылдьыам, атаҕар туруоруом дуо. Элигим, Бурҕаам баара буоллар…

Тамалдьыйа санаатыгар оҕустаран, ыҥаахчаана атахчааннарыгар дыраччы тэбинэн турбутун дьыалайдаабакка да хаалла. Окко-маска түһэ-түһэ тэлээрэ көтөр дьэрэкээн үрүмэччини батыһа тэмтээкэйдээн ыла-ыла хааман тойтооруҥнуурун дьэ сэргии, ымманыйа көрөн, оҕуннаҕына өйүөм диэн аргыый батыһа хаамта. Оҕо оҕо курдук, үрүмэччилиин оонньоһон ойуоккалыыбын диэн хатыйа үктээн хойуостан эрдэҕинэ хоҥоруутугар түһэрэн, сымнаҕастык сытыарда, сүүһүттэн салаан ылла. Кырачаана таллайбытынан туран кэлэн, эмсэхтэнэр минньигэс манна баар диэн өйдөөн кэлбиттии, эмиийигэр хам хатанан оборбутунан-соппойбутунан барда.

Күҥҥэ көрдөрбүт көмүсчээнин сиһин, самыытын салыы-салыы, минньигэстэн-минньигэс сып-сылаас тыынын ылан, эҕирийэн, ийэ дьоло, үөрүүтэ таһынан бычаалыйан туймаарталаан ылла. Бу сырылата, сыдьаайа тыгар аламай маҥан күн анныгар, айгыр силик айылҕа, күөх торҕо быыһыгар киниттэн ордук дьоллоох ама ким баар буолуой! Бурҕаа, элигим барахсан, истэҕин дуо?! Кыппай да былыта суох өндөл мэҥэ халлаан курдук ыраас, сырдык санааҕа куустарбыт, сэрэҕин-сэппэнин умна быһыытыйан иэйэ-куойа турар Тамалдьыйа эрэйдээх сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн бэрдьикэ лабаатын быыһынан кинини өлөр өлүү өһүөннээх хараҕа — тиэрбэс саҕа дьөлөҕөс тыбыс-тымныынан тэһэ көрөн, тобулу одуулаан чөҥөрүйэн турарын билээхтээбэтэ, сэрэйээхтээбэтэ. Оо, абатын! Эмискэ ойоҕоһун диэкиттэн билэн көрө илик аһыы, хабархай сыты ылан, “дьик” гынаат, харахтара чыпчылыйан да көрбөккө чөҥөрүйэн турар дьөлөҕөскө хатана түстүлэр. “Бурҕаабын сиэбит, аны миигин сиэри… Оҕобуун…”, — субу аҕай итии хаанынан бычаалыйан дьолунан туолбут сүрэх, бөлүөхсүбүт хаанынан бөтө бэрдэрэн хайа ыстаныах буолуталаата. “Бурҕаа, куот!”— Тамалдьыйа муҥнаах күөнүнэн бүөлүү түһэн, оҕотун хойуу бэрдьикэлэр быыстарыгар эмэһэтин сыыһыттан умса анньан кэбистэ уонна кулгаахтара эрэ чуҥкунаан хааллылар. Ийэ дьолун билбит, тыһы кыыл мааныта, Тамалдьыйа барахсан хаанымсах- сиэмсэх икки атах аһылыга буолаахтаатаҕа… Үөрүйэх адьырҕалар өр гыныахтара дуо, алыкыылаан-кулукуулаан, байанайдаан-маанылаан, сүлэн-тиэрэн, быһан-отон, эттээн биллиргэтэн уһун кутуруктаах, төгүрүк туйахтаах, бүгүйэхтээн тыбыыран тырдырҕатар кыылларыгар ыадаччы бэрэмэдэйдэнэн хаамтаран лэппэрдэтэ турдулар.

… Оттон, сабыс-саҥа күн сырдыгын көрбүт Бурҕаачаан барахсан, суох буолаахтаабыт ийэтин өссө да сүтэ илик үүтүнэн илгийэр итии тыынын күндүттэн күндү сытыттан тэйбэккэ, ол быыһыгар өйүн-мэйиитин туймаардар, сүрэҕин-быарын чаалытар окко-маска бырдаҥалаабыт, атахтарын анныгар халыйа сытар сылаас инчэҕэйтэн тыына-быара ыгыллан, ханна да барыах-кэлиэх сирин билбэккэ иһирик, бэрдьикэлэр быыстарынан кыбылла-кыбылла, бүдүрүйэ-бүдүрүйэ элэҥнии, эргийэ сырытта.

Ыҥаахчаан эрэйдээх, уоһаҕыҥ да куурбакка сылдьан биирдэ тулаайахсыйа түһэн, халыҥ тыа быыһыгар, сир-халлаан икки ардыгар ардай аһыылаах, дэгиэ тыҥырахтаах, томороон тумустаах аһылыга буолар дьылҕаланан чороҥ соҕотох туран хаалаахтаабыккын бэйэҥ да билээхтээбэккин. Чэмэлкэй ыраас бэйэҥ чараас таныыларгын тартаҥнатан, түгэҕэ көстүбэт ыас харанан уу-хаар аллан, кулгаах, харах иччитэ буолан таллайан, сууллан түһүөх айыылаах иэҕэҥнии тураахтыыгын. Маанылаах кыыллар Бурҕаалаах Тамалдьыйа тулаайахтара Бурҕаа муҥнаах…

Уйбаан СИЛИГИ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0