Буоста дьааһыгын «атаакалыыр» түөкүннэртэн сэрэниҥ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ханнык информацияны электроннай буостаҕа илдьэ сылдьар сэрэхтээҕий?

Биллэн турар, электроннай буостанан туһанар бары өттүнэн табыгастаах, ол эрээри үгүс түөкүн дьон тус, ону ааһан үлэҕэ туттар уопсай буостаны «алдьата» сатыыр эбит. Маны сатаатахтарына, кинилэр эһиги ааккытыттан дьоҥҥо суруйуохтарын, суолталаах докумуоннаргытын көрүөхтэрин, бэйэлэрин тус сыалларыгар туһаныахтарын сөп.

Мантан харыстыыр араас ньымаларга, технологияларга эрэниэххэ сөп, ол эрээри түөкүннэртэн, этэргэ дылы, ким даҕаны «страховката» суох. Онон буостаҕытыгар атын дьоҥҥо көрдөрүөххүтүн баҕарбат наадалаах иһитиннэриилэри, информациялары харайымаҥ.

Бастакы уочарат тугу сотторобут?

Аутентификация дааннайдарын

Тэрилтэлэргэ үлэһиттэр араас саайтарга, сервистэргэ киирэр паролларын буостанан ыытыһаллара баар суол. Маны ааһан, үлэһиттэр дааннайдары умнубат туһуттан бэйэлэрин буосталарыгар эмиэ ыыталлар. Маннык ис хоһоонноох суруктары түөкүн бастакы уочарат көрдүүр.

Үлэлиир сервистэргититтэн кылгас иһитиннэриилэр

Онлайн-сервистэр регистрацияны ааһарга, паролу уларытарга, конфиденциальность бэлиитикэтин туһунан иһитиннэриилэри элбэхтэ ыыталлар. Бу суруктарга ардыгар болҕомтобутун уурбаппыт даҕаны буолуо. Ол эрээри, бу барыта биһиги ханнык сервискэ киирэрбитин көрдөрөр. Онон буостаҕытыгар баар дааннайдары туһанан, түөкүн ол сервискэ паролгутун, логиҥҥытын таах уларытар кыахтанар.

Тус докумуоннар куопуйалара

Билигин үгүс киһи хаартыскаларын, видеоларын, докумуоннарын «облакоҕа» харайар буолла. Тус докумуон куопуйаларын, дааннайдарын үчүгэй шифрдээх харайар сиргэ эрэ тутуҥ.

Үлэҕэ туһанар конфиденциальнай докумуоннар

Үлэҕитигэр туһанар үп-харчы отчуотун, ону-маны атыыласпыккыт, төлөөбүккүт туһунан кумааҕылары уо.д.а. буостаҕа харайымаҥ. Түөкүттэр маны туһанан эһиги ааккытыттан, үлэлиир тэрилтэҕититтэн суруктары тарҕатыахтарын сөп.

Тус дааннайдар

Эһиги буостаҕыт дьааһыгар бэйэҕит эрэ буолбакка, атын дьон дааннайдара эмиэ баар буолуохтарын сөп: резюмелар, килийиэннэри кытта үлэ туһунан иһитиннэриилэр, анкеталар… Туора дьон бу дааннайдар тарҕаныахтарын баҕарбаттара чуолкай.


Мантан хайдах харыстанабыт?

  1. Түөкүттэр интэриэһиргиэхтэрэ диэбит информациялары тута сотторон иһин.
  2. Сыаналаах информацияны буостанан ыытымаҥ. Маныаха шифрдары туһаныҥ.
  3. Пароль, логин, докумуон куопуйата курдуктары маныаха туһуламмыт эрэ сервискэ илдьэ сылдьыҥ.
  4. Көмпүүтэри, төлөпүөнү түөкүнтэн харыстыыр быһаарыныылары эрдэттэн хааччыйыҥ.

Бу туһунан сиһилии билиҥ, ааҕыҥ:

Информацияны сөптөөхтүк харайыы туһунан саайт: https://infobez.sakha.gov.ru/
«Защита информации Якутии» Youtube-ханаал: https://m.youtube.com/channel/UCI7wagC-9ml8yUERfm1Pgkw
Защита информации Якутии «Instagram» социальнай ситимҥэ: https://www.instagram.com/infobez.yakutia/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0