Буоста биэнсийэни, аһы-үөлү да дьиэҕэ аҕалан биэрэр

Бөлөххө киир:

Арассыыйа буостатын управлениета уонна Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата социальнай төлөбүрдэри уонна биэнсийэни олохтоммут кыраапыктан арыый эрдэ, муус устар 12 күнүгэр диэри дьиэҕэ илдьэн биэрэргэ быһааран, номнуо тиэрдэ сылдьаллар.

edersaas.ru

Интэриниэт мөлтөҕүнэн уонна нэһилиэктэргэ банкоматтар суохтарынан, үгүстэр биэнсийэлэрин уруккулуу, буостаҕа баран ылаллар. Билигин Ил Дархан ыйааҕынан, сааһырбыт дьон дьиэҕэ олороллорунан, барыларыгар илдьэн биэриэхтэрэ. Биэнсийэлээх дьиэтигэр суох буолан биэрдэҕинэ, муус устар 15 күнүгэр диэри иккиһин төхтүрүйэн илдьиэхтэрэ.

Буоста үлэһитигэр атын өҥөнү эмиэ сакаастыахха сөп. Холобур, почтальон касса терминалын илдьэ кэлэн, суотабай сибээс, хомунаалынай өҥө, интэриниэт төлөбүрдэрин оҥорон ыытар, чегин тута туттарар. Бу курдук хаһыаттарга, сурунаалларга суруйтарыахха сөп.

Ону тэҥэ, бытовой химияны, социальнай суолталаах бородуукталары (чэйи, куруппалары, мокоруону, о.д.а.) эмиэ сакаастаан аҕалтарыахха сөп. Аҕалбыттарын иһин эбии төлөбүрү ылбаттар. Бу ханна да тахсыбакка, дьиэҕэ хаайтаран олорор сааһырбыт дьоҥҥо ордук тоҕоостоох. Буоста үлэһиттэрэ күн аайы кыраадыстарын кээмэйдэнэллэр, харыстанар ньымалары тутуһаллар. 

Биэнсийэни ылбакка хааллахха, 444-680 эбэтэр 89248748848 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.

Манна даҕатан эттэххэ

Саха сиригэр 433 буоста отделениета баар. Манна 2500 киһи үлэлиир. 21 отделениеҕа сөмөлүөтүнэн эрэ тиэрдиллэр кыахтаах.

УФПС Республики Саха (Якутия) включает в себя 433 отделение почтовой связи, объединяет около 2500 человек. 30 928 килэмиэтир уһуннаах 59 авиационнай маршрут үлэлиир. Оттон сайыҥҥы кэмҥэ 10 330 килэмиэтир уһуннаах уу суолунан буоста тиэрдиллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0