Буор Хайа тумулугар уонна Дьааҥы хомотугар муус киирэн суудуналарга мэһэйдээтэ
«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, хампаанньа 2017 сыл сэттэ ыйын түмүгүнэн, 800 тыһ. т хаһаайыстыбаҕа туһаныллар таһаҕаһы, 210 тыһ. т ньиэп бородууктатын уу суолунан наадалаах аадырыска тиэрдибит. Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы 70 тыһ. тоннанан элбэх. Уу суолунан тутуу матырыйаалын тиэрдии былаанын толоруу атыттардааҕар инникилээн иһэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ уу суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ икки улахан кыһалҕа баар. Өлүөнэ өрүс өрө өттүгэр уу таһыма кыра. Бэс ыйын 19 күнүттэн уу таһыма түһэн, өрүс дириҥэ 175 см буолуохтааҕын билигин 145 см буолан турар. Бу, биллэн турар, таһаҕаһы тиийиигэ мэһэйдэри үөскэтэр. Итиннэ төһө даҕаны дьоҕус суудуналар баалларын үрдүнэн итиччэ уу таһымыгар кыайан үгэстэр үлэлиир кыахтара суох. Иккис кыһалҕа Арктика кытылыгар үөскээбит. Тустаах хампаанньа таһаҕас уопсай кээмэйиттэн 50 %-нын Дьааҥы өрүһүнэн тиэрдэр. От ыйын 20 күнүттэн Өлүөнэ өрүстэн Дьааҥы өрүскэ диэри уу суола аһыллыбыта. Ол гынан баран, бу күннэргэ Буор Хайа тумулугар уонна Дьааҥы хомотугар муус киирэн мэһэйдээн турар. Билиҥҥи туругунан онно суудуналар үлэлиир кыахтара суох. Быков Тумулга «Капитан Бабичев» ледокол, «Сибиир» теплоход уонна «Ленанефть» танкер усулуобуйа тупсарын күүтэн турбуттара икки нэдиэлэттэн ордубут.
Дьааҥыга билиҥҥи туругунан 60 тыһ. т таһаҕас уонна 50 тыһ. т таас чох ыытыллыбыт. Онон билигин тустаах хампаанньа суудуналара Буор Хайа тумулугар уонна Дьааҥы хомотугар муус суох буоларын күүтэн тураллар.