Ыам ыйын 7 күнүгэр сибээс бары салааларын үлэһиттэрэ идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтиэхтэрэ.
Бу бырааһынньык чэрчитинэн 2015 сылтан “Саха” НКИХ салалтата буойун-суруналыыс Николай Кондаков пааматынньыгын иннигэр бастыҥ үлэлээх үлэһиттэрин анаан эҕэрдэлиир. Ыам ыйын 5 күнүгэр араадьыйа, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ сибээс бары салааларын идэлээх күннэрин уонна Кыайыы күнүн көрсө үөрүүлээх миитини тэрийдилэр.
— Сибээс салаата – Саха сирин төрүттэниитин саҕана сайдан барбыта. Бастакы араадьыйа ыстаансыйата өрөспүүбүлүкэҕэ 1920 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон уон сыл буолан баран, “Саҥарар Дьокуускай” диэн аан бастакыттан этиллибит этии күн бүгүҥҥэ диэри Саха сиригэр араадьыйа биэриилэрин саҕалыыр. 100-тэн тахса сыл сибээс уонна араадьыйа үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар күннээҕи сонуну иһитиннэрэн, дойду устуоруйатын тиһэллэр, — диэн бэлиэтээтэ СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларын миниистирэ Анатолий Семенов. Миниистир сэттэ айар үлэһиккэ Махтал суруктары, кырааматалары туттарда.
Быйыл үс суруналыыс Бочуоттаах аакка тигистилэр. Ол курдук, “Тэтим” араадьыйа эрэдэктээрэ Индира Софронова, «Якутия 24» телеханаал шеф-эрэдээктэрэ Афанасий Сивцев уонна бырагыраама сулууспатын эрэдээктэрэ Сардана Баланова «СӨ тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа туйгуна” бэлиэнэн наҕараадаланнылар.
Үгэс быһыытынан, Николай Кондаков аатын сүгэр Бүлүү улууһун Дьөккөн орто оскуолатын 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Аэлита Кондакова «Саха» НКИХ сыллата бэриллэр бириэмийэтин стипендиатынан буолла.
“Саха” НКИХ генеральный дириэктэрэ Олег Марков кэлэктиипкэ Николай Алексеевич Кондаков оруола олус суолталааҕын бэлиэтээн туран:
— Сэбиэскэй сойуус Дьоруойун аатыгар тиксибит соҕотох буойун-суруналыыс Николай Кондаков биһиги тэрилтэбитигэр сэрии кэнниттэн 30 сыл олоҕун анаабыта. Бүгүн кини аатынан хампаанньа хас биирдии үлэһитэ киэн туттар уонна холобур оҥостор. Махтал буоллун биһиги аттыбытыгар өрүү күлэ-үөрэ сылдьар бэтэрээннэрбитигэр.
Эһиги үтүөҕүтүнэн, сайдыыны түстээбит суолгутунан биһиги бүгүн тахсыылаахтык айабыт, тутабыт. Махтал буоллун эһиэхэ, күндү дьоммут! — диэн махталын тиэртэ.
Үөрүүлээх миитин “Саха” НКИХ үлэһиттэрэ Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа, буойун-суруналыыс Николай Кондаков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууларынан түмүктэннэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сиэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Мария Васильева.