“Мин аҕам, Алексей Спиридонович Бродников, биир саха киһитин уустук, ол эрээри дьоллоох олоҕун олорбута дии саныыбын. Норуот муудараһа этэринэн, киһи бу Орто дойдуга оҕо төрөтөн, дьиэ туттан, мас олордон ааһыахтаах. Маныаха эбэн этиэхпин сөп – аҕам ийэ айылҕатын кытта ыкса ситимнээҕэ, айар үлэ абылаҥын баһылаабыта, оҕотугар, үгүс эдэр дьоҥҥо олох суолун булларбыта. Кини талан ылбыт идэтигэр олус бэриниилээҕэ, олоҕор күүстээх таптал аргыстааҕа, үтүө-мааны доҕоттордооҕо уонна уоттаах сэриигэ Аҕа дойдутун чиэстээхтик көмүскэспитэ. Биир уолан киһи эҥкилэ суох, чиэһинэй, ытыллыбыт ох курдук көнө, инникигэ эрэллээх олоҕо диэн ити этэ. Мин аҕам сырдык мөссүөнэ, кэрэ дууһата –мэлдьи сүрэхпэр…”.
Кыыһа Саргылаана Бродникова.
Буойун-суруйааччы, поэт, прозаик, публицист, үтүөлээх учуутал, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Алексей Спиридонович Бродников (1917-1998) быйыл олунньу 26 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Кини 1942-1945 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1-кы Ударнай Армия кэккэтигэр Арҕааҥҥы фроҥҥа 20-с хайыһар биригээдэтигэр снайперынан, 1117-с стрелковай полкаҕа автоматчигынан, 307-с аэродрому хааччыйар батальоҥҥа сулууспалаабыта. Хорсуннук кыргыспыта, атаҕар иккитэ ыараханнык бааһырбыта. Госпиталга сытан, “Бааһырыы” диэн хоһоонун суруйбута. “Албан аат” уордьан 3-с истиэпэнин, “Аҕа дойду сэриитэ” уордьан 1-кы истиэпэнин кавалера. Бойобуой уонна бэлиэ мэтээллэрдээх. ССРС, РСФСР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Чурапчы оройуонун бочуоттаах гражданина.
“Күөх чараҥҥа” диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга 1959 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Онтон ыла сыыйа поэзията, прозата, оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ утуу-субуу бэчээттэнэн испиттэрэ.
1997 с. “Үчүгэйиэн, дойду сирэ!” кинигэтин С.А.Попов-Тумат хомуйан таһаартарбыта. Бу кинигэҕэ “Олоҥхо сирин хотойо” диэн саха биллиилээх артиллериһын, Дьоруой Г.И.Протодьяконов туһунан документальнай сэһэнэ киирбитэ.
Үгүс айымньыларын ааттарынан — “Этигэн хомус” (1967), “Кыырайа көт, Кынаттаах атым” (1984), “Үчүгэйиэн, дойду сирэ!”, “Олоҥхо сирин хотойо” (1997) – поэт бренд буолар өйдөбүллэри олохтоон кэбиспит эбит!
“Талаҕа мускуллан,
Таатта күөх хонуута,
Сүрэхпэр кутуллар
Сүүрүктээх да уута,
Кырыымпам кылларын
Кыҥкырдан биэрэр дии,
Көмүстээх ырыатын
Көтүтэн эрэр дии!..”
Хайдах курдук кэрэ тылларый?! Хайдахтаах курдук истиҥ иэйии, күүстээх таптал дойдуга, айылҕаҕа, олоххо иһиллэрий бу поэт Алексей Бродников (кини Таатта күтүөтэ, таптыыр кэргэнэ Мария Харлампьевна Баайаҕаттан төрүттээҕэ) “Таатта” диэн хоһоонугар айыллыбыт ырыаҕа!
Лирик-поэт Алексей Бродников тылларыгар уопсайа 40-тан тахса ырыа айыллыбыта. Христофор Максимов поэт-доҕорун тылларыгар элбэх ырыалаах, Марфа Данилова, Виталий Андросов, Күннэй о.д.а. композитордар, мелодистар бэртээхэй ырыалары суруйбуттара. Күн бүгүҥҥэ диэри саха мелодистара Алексей Бродников тылларыгар ырыа айаллар эбит. Холобур, аҕыйах хонуктааҕыта Уус Алдантан дьонугар телефоннаабыттар – поэт “Сайын” хоһоонугар Михаил Конников сабыс-саҥа ырыа айбыт!
Быйыл поэт кыыһа, Дьокуускай куорат 2N-дээх национальнай политехническэй оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччыта, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Саргылаана Алексеевна Бродникова аҕатын үбүлүөйдээх сылыгар “Таптыыр эбээт, сүрэҕим” диэн ырыанньыгы хомуйан, бэчээккэ бэлэмнээтэ.
Ырыанньыкка, поэт Алексей Бродников ырыаларын күн бүгүн ыллыы-туойа сылдьар артыыстар интервьюлара эмиэ баар. Онтон кылгастык быһа тардан билиһиннэриэҕиҥ.
Владимир Татаринов, СӨ норуодунай артыыһа:
— 1970 сыллаахха мин Тааттаҕа Харбалаах агро-городогу тутуһа айаннаабытым. Элбэх ыччат мустубут сиригэр, биллэн турар, күүстээх үлэ кэнниттэн тэриллэр сынньалаҥ киэһэлэригэр үҥкүүгэ сөптөөх музыка, ырыа наада буолбута. Ыччаттар оччолорго сөбүлүүр үҥкүүлэрэ вальс, танго, твист, шейк этэ. Дьэ онон, үҥкүүгэ сөптөөх ырыалары айар баҕа санаа дьөлүтэ кэйбитин түмүгэр, үлэ саҕаламмыта. Ол курдук, Василий Гольдеров тылларыгар “Умнуллубат онус кылаас” – вальс, “Алтан от, тимэх от” – танго уонна Алексей Бродников тылларыгар “Саҥа хаар” — твист баар буолбуттара! Бу ырыалар күн бүгүнүгэр диэри ылланаллар. Онтон мин үөрэбин эрэ.
Сорох ырыа эйигин кытта олоҕуҥ устун тэҥҥэ айаннаһар, араас куонкурустарга, кэнсиэрдэргэ буһар-хатар… Ол курдук, чопчу “Саҥа хаары”этэр буоллахха, бу ырыа Москваҕа үөрэнэр эрдэхпинэ ССРС Эстрада улахан тыйаатырыгар комсомол ХVII съеһин делегаттарыгар аналлаах 8 кэнсиэргэ ылламмыта. Сэбиэскэй-Венгерскэй доҕордоһуу биэчэригэр Малай тыйаатырга, о.д.а. бэлиэ сирдэргэ элбэхтик толоруллубута. Италияҕа, Кытайга, о.д.а. омук сирдэригэр ылламмыта. 1976 сыллаахха Сочига Бүтүн Россиятааҕы сэбиэскэй ырыа куонкуруһугар ылланан, биһирэммитэ. Оттон 80-с сылларга “Карат” ВИА “Шире круг” телевизионнай куонкуруска бу ырыаны ыллаан, лауреат буолбута. Онон, поэт Алексей Бродников “Саҥа хаар” хоһоонугар, мин айар үлэбэр, ситиһиилэрбэр төһүү буолбутун иһин, махталым муҥура суох!
Варя Аманатова, СӨ үтүөлээх артыыһа:
— Биирдэ Алексей Спиридонович Уус Алдаҥҥа үөрэнээччилэр «Степановскай ааҕыылар» научно-практическай конференцияларыгар ыалдьыт буолан кэлбитин үчүгэйдик өйдүүбүн. Онно кинини аан бастаан чугастан көрбүтүм, хоһооннорун ааҕарын истибитим. Кэлин, 1996 сыллаахха Дьокуускайга устудьуоннуу сылдьан, биллиилээх мелодист Марфа Данилова «Хатыҥнардаах, чараҥнардаах алааспар» диэн ааптарыскай кэнсиэригэр Алексей Бродников «Туйаарыма» диэн хоһоонугар суруйбут ырыатын ыллаабытым. Бу ырыаны поэт Саха сиригэр аан бастаан ыытыллыбыт «Туйаарыма Куо» куонкурус кыайыылааҕар, Чурапчы кыыһыгар Ира Федороваҕа анаабыт дии санаабытым. Тоҕо диэтэххэ, хоһоон биир күппүлүөтүгэр «Ити курдук абылаатыҥ, Ира кыыс — Туйаарыма» диэн тыллардаах эбит этэ. Бу ырыа билигин даҕаны бэйэм репертуарбар биир саамай киэн туттар ырыам. Бу ырыанан мин Улан-Удэҕа буолбут Норуоттар икки ардыларынааҕы эстраднай ырыа куонкуруһугар өрөспүүбүлүкэ эдэр ырыаһыттарыттан бастакынан кыттан, лауреат үрдүк аатын ылбытым. Ол түгэн миэхэ кыайыы өрөгөйө, үрдүк үөрүү буолан сүрэхпэр сөҥөн, сылааһынан сыдьаайа сылдьар. Онон бу ырыа миигин норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарбыт, улахан куонкурустарга кыайыыны аҕалбыт ырыам буолар.
Уля Сергучева-Күннэй, композитор, ырыаһыт, СӨ култууратын туйгуна:
— 2010 сыллаахха биһиги, Сергучевтар дьиэ кэргэн, “Утум” диэн бырайыакпыт чэрчитинэн Эдьиий Марыына ырыаларынан кэнсиэр оҥорбуппут. Онно анаан “Таатта” уонна “Доҕоччугуом, тоҕо маннык” диэн ырыаларын Николай Михеевка доҕуһуол оҥотторон, саҥа тыыннаан ыллаабытым.
Бу“Таатта” ырыа, мин санаабар, Эдьиий Марыына репертуарыгар саамай чаҕылхаҋ ырыаларыттан биирдэстэрэ буолар.
2012 сыллаахха Тааттаттан төрүттээх урбаанньыт Геннадий Мамин “Таатта” ырыаҕа клиптэ устуоҕуҥ диэн этии киллэрбитэ. Мин мэлдьи үлэлэһэр режиссербун Константин Тимофеевы кытта сүбэлэһэммит, идиэйэтин толкуйдаабыппыт. Ол сайын Чөркөөххө тиийэн клиппитин нэдиэлэ кэриҥэ болдьоххо устубуппут.
Алексей Бродников тылларыгар бэйэм “Чурапчыга” диэн ырыалаахпын. Ону Сылаҥнааҕы “Алиса” ансаамбыл сөбүлээн толорооччу.
Виталий Очиров, эстрада артыыһа:
—Алексей Бродников тылларыгар “Үчүгэйиэн, алааспар” ырыаны 2011 сыллаахха сольнай кэнсиэрбэр аан бастаан толорбутум. Олус күүстээх, иччилээх, саха тыллааҕы долгутар ырыа. Тыыннаах доҕуһуолунан ыллаан дуораһыттахха, “мин –сахабын!” диэн киэн туттуу сылаас салгына кэлэр!
Буойун-суруйааччы аатын үйэтитиигэ Чурапчы улууһа, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, төрөөбүт нэһилиэгэ Төлөй, доҕотторо, кыыһа, хаан-уруу аймахтара, чугас дьоно үгүһү оҥороллор. Ол курдук, Төлөйдөөҕү Култуура киинигэр Алексей Бродников аата иҥэрилиннэ, кини аатынан уулусса баар буолла. Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат “Айылҕа туоналаах суруйааччы тэлбит суола” диэн Алексей Бродников олоҕун, айар үлэтин туһунан саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. Манна суруйааччы төрүччүтэ киирдэ, ону Алексей Бродников сиэн-быраата, суруйааччы Павел Федоров-Сомоҕо кыһаллан оҥордо. Уонна Чурапчы улууһун киин библиотекатын үлэһиттэрэ суруйааччы биобиблиографическай ыйынньыгын оҥорбуттара эмиэ бу кинигэҕэ киирдэ.
Оттон сарсын, олунньу 28 күнүгэр Төлөйгө уочараттаах VIII “Бродниковскай ааҕыылар” НПК буолуоҕа. Үбүлүөйдээх тэрээһин улуус баһылыга Андрей Ноговицын, култуура, үөрэх управлениеларын, киин библиотека кыһамньыларынан Чурапчыга “Айылгы” Култуура киинигэр ыытыллыаҕа.
Бу сыл кулун тутар бастакы күннэригэр П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” диэн уоланнар ааҕыылара ыытыллар. Онно үбүлүөйдээх суруйааччылар Семен Данилов, Петр Тобуруокап уонна Алексей Бродников айымньыларынан дьүһүйүү күрэҕэ буолуоҕа.
Буойун-поэт ырыалара күн бүгүн уостан түспэккэ ыллана сылдьаллар. Ол аата поэт “Кынаттаах ата” чахчы да үөһээ да үөһээ кыырайа көтөр! Ол аата суруйааччы дьон кутугар, өйүгэр-санаатыгар өрүү тыыннаах.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru