Улуу Кыайыы 75, Кэриэстэбил уонна Албан аат, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылларынан, Нам улууһун кытыы учаастагар, «Буойуҥҥа», өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна.
edersaas.ru
Бу туһунан Нам II Хомустааҕын олохтооҕо Мария Габышева кэпсиир:
— Суолталаах тэрээһини сэрии кыттыылаахтарын оҕолоро көҕүлээн тэрийдилэр. «Буойунтан» төрүттээх Дмитрий Шелковников харчы хомуйан өйдөбүнньүк бэлиэни туруорарга сүүрдэ-көттө, дьону-сэргэни түмтэ.
«Буойун» — нууччалар Саха сиригэр аан бастаан үктэнэн, «Якуцкай» диэн ааттаан остуруок маҥнайгы олоҕун туппут сирдэрэ. Онон Саха сирин историятыгар олус дириҥ силистээх-мутуктаах дойду.
«Буойун» холкуостан сэриигэ барбыт дьоҥҥо анаммыт өйдөбүнньүк бэлиэ ааптарыгар, биир дойдулаахпытыгар, убайбытыгар Дмитрий Григорьевичка улахан махталбытын тиэрдэбит. Аны сайын манна сэрии сылын оҕолоро сибэкки үүннэриэхтэрэ, былаһаакка тулатын тупсарыахтара.
«Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн санаанан салайтаран, «Буойунтан» төрүттээхтэр туруорбут өйдөбүнньүк бэлиэлэрэ үйэ-саас тухары эйэлээх олоҕу турууласпыт дьону санатыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru