СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх Булуҥ улууһугар үлэтин салгыыр. Бастакы күн Тиксиигэ нэһилиэнньэни кытта көрсүбүт буоллахтарына, нөҥүө күнүгэр Быыкапка уонна Ньайбаҕа сырыттылар. Үһүс күн Сииктээх-Күһүүр хайысхатынан үлэлээтилэр. Бүгүн Бороҕон уонна Таймылыыр былааннаммыта даҕаны, күн-дьыл туран биэрбэккэ, кыраапык сыҕарыйда. Билигин күүстээх тыал үрэ турар.
Быыкапка социальнай объектары тутууну туруорсаллар
Мин Быыкапка барса сырыттым. Манна архитектура уонна тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов салайааччылаах бөлөх 2016 сылга бырабыыталыстыба ыыппыт үлэтин отчуоттаата. Кини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсай сайдыы туһунан кэпсээн баран, быыкаптар тус олохторугар-дьаһахтарыгар сыһыаннаах үлэлэргэ тохтоото. Ол курдук былырыыҥҥы маннык тэрээһин кэмигэр олохтоохтор дьыссаат, ФАП, култуура дьиэлэрин, водовод, причал тутууларын уонна киин ититэр ситимҥэ биирдиилээн дьиэлэри холбуур туһунан туруорсубуттарын тула туох-ханнык дьаһаллар ылыллыбыттарыгар тохтоото.
“Билигин өрөспүүбүлүкэ салалтата ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга ФАП-тары тутууну күүскэ ыытар. Быыкапка эмтиир сири тутуу туруорсуллубута ыраатта. СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2017 сыллааҕы бюджетыгар Быыкапка ФАП тутуутугар 9 мөл.солк. көрдө. Онон бу күһүн тутууну ыытыахпыт. Өссө манна саҥа оҕо саадын тутуу наадата боротокуолга киирэ сылдьар. Араас быһаарыыны ырытан көрөбүт. Өскөтүн саҥа тутуллубут ФАП дьиэтэ Арктика айылҕатын усулуобуйатыгар сөп түбэһэрин дакаастаатаҕына, аны оҕо саадын эмиэ итинник матырыйаалтан тутар туһунан үлэни саҕалыахпыт”, — диэтэ Павел Аргунов.
Санатар эбит буоллахха, ФАП уонна “Золотая рыбка” дьыссаат “Арктика” холкуос туппут дьиэтигэр кыттыгас үлэлииллэр. Кыараҕас дьиэҕэ 35 оҕо иитиллэр, үөрэнэр. Дьыссаакка наадыйар өссө 17 оҕо дьиэтигэр олорор. Сылын аайы оҕо төрөөһүнэ эбиллэр. “Биһиги хаһыс да сылбытын 50 миэстэлээх оҕо саадын тутуутун туруорсабыт. Билиҥҥи усулуобуйабыт оҕоҕопрограмма быһыытынан толору дьарыгы биэрэрбитигэр эппиэттээбэт. Биир кыра хоско 15 оҕо утуйар, аһыыр, оонньуур”, — диэн кэпсиир сэбиэдиссэй Александра Генерова.
Нэһилиэк баһылыгы Наталья Селляхова иһитиннэрбитинэн, саҥа тардыллыбыт теплотрасса билигин даҕаны ититэр ситимҥэ холбоно илик. “Дьон ол күнү олус күүтэр. Оттук маһы булунууга ыарахаттардаах дойдуга сылааска олоруохтарын баҕараллар. Былаан быһыытынан холбонуохтаах 25 чааһынай дьиэ хочуолунай кыамтатыгар сөп түбэһиэ дуо диэн эмиэ толкуйдуубут”, — диэтэ кини. СӨ ОДьКХ ГУТ сүрүн дириэктэрин бастакы солбуйааччы Юрий Сутемьев объегы көрөн баран маннык быһаарыы оҥордо: “Магистраль биир салаатыгар баар 10 дьиэни холбуохха сөп курдук көрөбүн. Муус устар ыйга кылаабынай инженер кэлэн үлэлиэ. Ол кэннэ холбонуу үлэтин ыытыахпыт. Ол кэмҥэ дьон дьиэлэрин иһигэр итиини киллэриигэ бэлэмнэниини толору ыыппыт буолуохтаахтар”.
Теплоход кэлэн биэрэккэ тохтууругар анал сир суоҕун туһунан этиллибитэ эмиэ ыраатта. Сылын аайы отчуот кэмигэр олохтоохтор туруорсаллар. “Быйыл причал тутуллубат. Улууска 15 мөл.солк. суумалаах муора катерын ылан биэриэхпит. Ол катер теплоход кэлэр күнүгэр Быыкапка кэлэн дьону төттөрү-таары таһар буолуоҕа. Бу бүгүҥҥү күҥҥэ саамай эрэллээх уонна сөптөөх быһаарыы буолар”, — диэтэ Аргунов.
Манна сөп түбэһиннэрэн биэрэги бөҕөргөтүү туһунан эмиэ кэпсэтии таҕыста. Олохтоохтору ордук кытылга турар эргэ киһи уҥуохтарын дьылҕата дьиксиннэрэрин этинэллэр. Василий Бурцев сир ириэриитэ сыллата бэлиэтэнэрин, ол аайы биэрэк сиҥнэ турарын, уунан элбэх от-мас, кир-хох устан кэлэн мустарын этиннэ. “Биһиги оннук ууну иһэ олоробут”, — диэтэ кини.
Бөһүөлэккэ банкоматы туруоруу, чэпчэки сыаналаах бородууктанан хааччыйыы, дьаһалтаҕа уопсай туттууга вездеход наадатын боппуруостара эмиэ олус дириҥ ис суолталаахтара этилиннэ.
Маны сэргэ, Уһук Илиҥҥэ биир гектары биэрии туһунан сокуон киириитигэр тахса сылдьыбыт сүпсүлгэн быһаарыллан, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар сирдэрэ бүүс-бүтүннүү бэйэлэригэр хаалбытыгар махтаналларын биллэрдилэр.
“Билигин эһиги сиргит төрүт дьарык сиринэн биллэриллэн, бигэргэнэн турар. Онон өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит таба иитиитинэн, балыктааһынынан, бултааһынынан өссө күүскэ ылсан дьарыктанаргытыгар кыах үөскээтэ. Оскуолаҕыт оҕону кыра сааһыттан балыксыт буоларга иитэн-такайан таһаарарын олус сэргиибит. Эбэҥки диэн статустааххытын өрө тута сылдьыахтааххыт, ханна да киир омуккут тыына баар буолуохтаах. Айылҕаҕытын харыстааҥ, уопсастыбаннай инспектордар буолуҥ. Билигин бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэр эһиги территорияҕытыгар кэлэн үлэлииллэригэр эһигиттэн көҥүл ылыахтаахтар”, — диэтэ СӨ гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын миниистири солбуйааччы Лена Иванова.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар сайдыыларыгар өссө биир интэриэһи үөскэппит кэпсэтиинэн хоту уонна Арктика улуустарын оҕолоро устудьуоннуур кэмнэригэр бэриллэр социальнай төлөбүрдэр, стипендия туһунан ыйытыы киирдэ. Лена Иванова билигин ХИФУ-га 450 аҕыйах ахсааннаах омук бэрэстэбиитэлэ үөрэнэрин, кинилэргэ 2016 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри астарыгар, таҥастарыгар, айаннарыгар төлөбүр олохтоно сылдьыбытын, ити эрээри РФ сокуонугар бу хайысхаларга туох да көмүскэл суоҕунан, тохтотуллубутун иһитиннэрдэ. Билигин оҕолорго көмө оҥоһуллуутун сөргүтэр туһугар үлэ ыытылларын эттэ. Онтон стипендияны устудьуон ситиһиилээхтик үөрэнэр буоллаҕына ылар.
Быыкап – балыксыттар бөһүөлэктэринэн биллэр. Манна 70-тан тахса сыл “Арктика” холкуос үлэлиир. Бэрэссэдээтэл солбуйааччыта Ирина Шумилова балык олус аҕыйаабытын, ити төрүөтэ туохха буоларын үөрэтэр уолдьаспытын эттэ. Итиэннэ “Рыба Арктики” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҥорон таһаарар кооперативтан ылыахтаах 5 мөл.солк. иэстэрин өссө да ыла иликтэрин иһитиннэрдэ. “Сылын аайы балык аҕыйыыр. Дохуот кыччыыр. Кооператив иэһин төннөрөрүн туһугар сөптөөх миэрэ ылыллар кэмэ кэллэ”, — диэтэ кини.
Бырабыыталыстыба бөлөҕө хас биирдии ыйытыыга эппиэт биэрэн, санааларын истэн, этиилэри сааһылаан боротокуолга киллэрдэ.
Дьон тус ыйытыыта болҕомтоҕо ылыллар
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезников улуус дьаһалтатын дьиэтигэр Тиксии олохтоохторун кытары тус көрүстэ. Маннык көрсүһүүлэри СӨ судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын салайааччылара эмиэ ыыттылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Алексей Засимовичка 9 киһи киирэн бэйэтин тус санаатын этиннэ. “Миэстэтигэр салалта кэлэн кыһалҕабытын истэрэ, сүбэ-ама биэрэрэ олус наадалаах уонна туһалаах дии саныыбыт. Сылын аайы ыытыллар отчуоту биһиги күүтэбит”, — диэн олохтоохтор кэпсээтилэр.
Людмила Горохова, Тиксии олохтооҕо:
— Мин ыйытыыларбар толору хоруйдары ылан, олуһун сүргэм көтөҕүллэн таҕыстым. Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт миниистирин бастакы солбуйааччытыгар Иван Павловка киирэ сырыттым. Мин кыыһым Горохова Мария агроном үөрэхтээх, онон Тиксиигэ теплица тутуохпутун баҕарарбытын киниэхэ этинним. Ону кини өйүөх уонна бу бырайыагы программаҕа киллэриэх буолла.
СӨ Бырабыыталыстыбата төһө даҕаны дойдубутугар ыарахаттар баалларын, кириисис кэмэ буола турарын үрдүнэн олус үчүгэйдик үлэлии олорор дии саныыбын. Тус хоту олохтоохторугар улахан өйөбүл баар.
Полина НИКОЛАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru