Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун аймыыр улахан быһылааннар тахса тураллар. Эчэйии киинин исписэлиистэрэ түүннэри-күнүстэри бу быһылааннарга эчэйбит дьон доруобуйата тупсарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Тиксиигэ сөмөлүөт саахалыгар түбэспиттэргэ кинилэр көмөлөрө тугунан да сыаналаммат.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Булуҥҥа байыаннайдары быыһыы
Ааспыт сыл ахсынньы 19 күнүгэр Булуҥ улууһун Тиксиитигэр Ил-18 байыаннай сөмөлүөт сууллубутун туһунан иһитиннэрии Саахал медицинатыттан киирбитэ. Сөмөлүөккэ эчэйиигэ ханнык быраастар наада буолуохтарын учуоттаан, нейрохирург, травматолог, хирург быраастартан, I категориялаах исписэлиистэртэн турар биригээдэлэр уонча мүнүүтэнэн тэриллэ охсубуттара. Cалайааччынан Гаврил Собакин анаммыта. Эмчиттэр сарсыарда симиэнэлэригэр хайдах үлэлии кэлбиттэринэн, эпэрээссийэҕэ турбут нейрохирурдар эпэрээссийэттэн тахсаат да, кыл-мүччү таҥастарын эрэ уларыттаат кинилэри күүтэн турар массыынаҕа олорсубуттара. Онтон буурҕаны буурҕа диэбэккэ, Тиксиигэ көппүттэрэ…
Төһө да балачча бириэмэ ааспытын иһин, дьоруойдар умнуллуо суохтаахтар диэн санааттан, Тиксиигэ тиийбит биригээдэлэри салайбыт Гаврил Собакинтан кэпсииригэр көрдөстүм.
Гаврил Григорьевич, бастатан туран, Тиксии олохтоох быраастарыгар махталын биллэрдэ:
— Cаамай улахан көмөнү олохтоох быраастар номнуо оҥорбут этилэр. Биһиги тиийэн баран улаханнык соһуйбуппут. Кылаабынай быраастара, солбуйааччылара бары муста охсон, уоппускаҕа сылдьар, бэл уурайбыт эмчиттэри суһаллык ыҥырбыттар этэ. Ол түмүгэр бастакы көмөнү сыысхала суох, сатабыллаахтык оҥорбут, ыарыһахтар туруктарынан көрөн, биһиэхэ бэлэмнээбит этилэр. Онон тиийээт да, эпэрээссийэлэри оҥорон барбыппыт, – диэн Гаврил Григорьевич дьоруойдуу быһыыны оҥорбут киһи курдук санаммакка, бэрт холкутук кэпсиир. – Биһиги күннээҕи үлэбит буоллаҕа, туох да дьоруойдуу быһыы буолбатах. Арай, икки күн устата биир да эмчит утуйбатаҕа. Санитаркалар, сиэстэрэлэр, быраастар бары атахтарыгар туран, тигинэччи үлэлээбиттэрэ. Онон, эмсэҕэлээбит дьон бары тыыннаах хаалбыттарыттан олус үөрбүппүт. Биллэн турар, ыарахан ыарыһахтар бааллара. Эпэрээссийэ оҥорорбутугар хас биирдиилэриттэн сөбүлэҥнэрин ылан эрэ баран эпэрээссийэлээбиппит. Ыарыһахтар сотовай төлөпүөннээх, сибээстээх буоланнар, маннык балаһыанньаҕа туох миэрэ ылыллыахтааҕын, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр тугу суруйалларын барытын ааҕар, билэр этилэр. Үчүгэйэ диэн, эмсэҕэлээбит байыаннайдары балыыһаҕа аҕалбыттарын кэннэ көмө оҥоһулларыгар бигэ эрэнэн, арыый уоскуйа быһыытыйбыттара. Уолуйа куттаныы, айманыы суоҕа.
Гаврил Григорьевиһы ситэрэн эттэххэ, төһө да «айылҕаҕа куһаҕан күн суох» диэтэллэр, хаһан баҕарар күүтүллүбэтэх соһуччу түгэннэр, мэһэйдэр тахсыахтарын сөбө. Көмөҕө кэлиэхтээх сөмөлүөт күн-дьыл көнөрүн кэтэһэн, Иркутскай туһаайыытынан байыаннай чааска кэтэһэн олорбута. Балаһыанньа үчүгэй өттүгэр уларыйа быһыытыйбытыгар, Москваттан, Новосибирскайтан, Екатеринбургтан 57 быраас уонна сиэстэрэлэр көтөн кэлбиттэрэ. Кинилэр күн-дьыл уларыйарыттан сэрэхэдийэн төннөргө ыксыахтара диэн, биһиги эмчиттэрбит эпэрээссийэлээбит ыарыһахтарын барыларын эрдэттэн бэлэмнээбиттэрэ. Сэрэйбиттэрин курдук, «көтөр госпиталь» кэлээт да, кими да хаалларбакка барыларын илдьибитэ.
Гаврил Собакин Тиксиигэ буолбут саахал содулун туоратыыга эмсэҕэлээбиттэргэ көмө ситиһиилээхтик оҥоһуллубутугар СӨ бырабыыталыстыбата, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ыраах сытар балыыһалары сабан кэбиспэтэхтэрэ (федеральнай нуорма ирдэбилинэн) улахан суолталааҕын бэлиэтиир. Ону сэргэ, Тиксиигэ санитарнай авиация салаата баар буолан, манна ыксаллаах быһыыга-майгыга хайдах көмөлөһөргө үөрэммит исписэлиистэр үлэлииллэр, анал медицинскэй тэриллэринэн хааччыллыылаахтар.
х х х
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Арассыыйа бырагырааматыгар үс сылы быһа кимиилээхтик киирсэн уонна ону итэҕэтэн федерацияттан көмө үп көрүллүбүтэ – Эчэйии I таһымнаах киинэ (травматологический центр) аһыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа базатыгар аһыллыбыт Киин кылаабынай бырааһынан доруобуйа харыстабылын үгүс салаатыгар үлэлээбит үөрүйэхтээх, соторутааҕыта Мырыла с. 30-с бочуоттаах гражданинынан буолбут Гаврил Собакин анаммыта.
Онтон II таһымнаах кииннэр биэс улууска: Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Майаҕа, Ньурбаҕа уонна Мирнэйгэ аһыллыбыттара. Кинилэр федеральнай уонна региональнай суолларга тахсар саахаллар содулларын туоратыыга эппиэтинэстээхтик үлэлии олороллор. Бэйэлэриттэн чугас суолга-иискэ саахал таҕыстаҕына эмсэҕэлээбит дьону түргэн үлүгэрдик балыыһаҕа аҕалаллар. Эчэйиигэ үөрэхтээх анал исписэлиистэр бастакы анал көмөнү оҥорбутунан бараллар. Балаһыанньа олус ыарахан буоллаҕына, Дьокуускайдааҕы Киин нейрохирурдара, травматологтара уо.д.а. исписэлиистэрэ көмөҕө тиийэллэр.
Эчэйии I таһымнаах киинэ ону сэргэ «Суһал көмөнү», Саахал медицинатын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Киин исписэлиистэрэ улуустары кытары үлэлииллэригэр үс хайысханы тутуһаллар. Бастакытынан, телемедицина көмөтүнэн ыарыһахха туох эпэрээссийэни уонна хайдах оҥоһулларын сүбэлээн-амалаан биэрэллэр. Иккиһинэн, санитарнай авиация саахал тахсыбыт сиригэр көтөр, наада буоллаҕына, ыарыһаҕы сөмөлүөтүнэн Дьокуускайга аҕалаллар. Үсүһүнэн, санитарнай авиацияҕа көмө курдук хирургия этэрээттэрэ тиийэллэр.
Гаврил Григорьевич этэринэн, араас ыксаллаах балаһыанньа уонна суолга эчэйии ахсаана, урукку сылларга холоотоххо, эмискэ элбээбитэ бэлиэтэммэт. Ол эрээри, быраастар суол туруга тупсубутун түмүгэр эчэйии элбиэҕиттэн уонна ыарыһахтар туруктара олус ыарахан буолуоҕуттан куттаналлар.
СҮБЭЛЭР:
Кутталтан харыстыыр курдар:
Үгүс дьон куру да бааммакка массыына приборнай панелыттан тутуһан, муостаҕа атаҕынан тирэнэн олорон быыһаныахха сөп диэн сыыһа саныыр. Син биир төбөҕүн өлөрөҕүн. Онон, олорсон иһэр тырааныспарыҥ харсыһан эрэрин биллэххинэ, төһө кыалларынан кэнниҥ диэки тирэн уонна олорор сириҥ сиһигэр күүскэ сыста сатаа, атаххынан муостаҕа тирэнимэ. Илиилэриҥ төбөҕүн харыстыахтаахтар.
Төбөҕүн уурар сир (подголовники):
Хайаан да баар буолуохтаах. Айан кэмигэр төбөҕүн уурарга аналлаах буолбатах. Эмискэ кэнниттэн анньыыга моойгун тоһуппаккар наадалаах.
Кутталтан харыстыыр сыттык:
Итинник сыттык куру эрэ кытта туһалыыр. Курун баамматах киһиэхэ туһалаабат.
Итирик туруктаах уруулга олорума:
Уруулга чөл өйдөөх, нус-хас сынньаммыт, холку туруктаах эрэ олор. Бу барыта суолга хайдах айанныыргар, ыксал буоллаҕына, түргэнник уонна табатык быһаарынаргар көмөлөһөр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru