Булт туһунан кэпсээннэр (САЛГЫЫТА)

Ааптар: 
24.11.2020
Бөлөххө киир:

Кутуруктаах эбитиҥ буоллар!

Сергей Третьяковтан кулун тутар ыйга Айталыын сурук туппута. Сергей суругар Мухтаар нэһилиэнньиктэрэ этэӊӊэ күн сирин көрбүттэрин туһунан суруйбут этэ.

Бэртээхэй сурахтаах илдьити тутаат, Айталин отгул ылан Орто Халыматыгар барбыта. Орто Халыматтан Березовкаҕа самолет да, вертолет да сырыыта суох буолан, вездеходу кэпсэтэн, сиринэн тигинэппитэ. Суолу хаар тибэн кэбиспит этэ. Онон бэрт эрэйдээхтик айаннаан тиийбитэ.

Мухтаар биэс ыамайыттан үһэ тыһы, иккитэ атыыр этилэр. Ыт оҕолоро биир ыйдарын туолбут этилэр. Биир атыыр ыт оҕото кутуруга суох этэ. Мууска хам сыһыаран, үлүтэн кэбиспит.

Таларыгар сыныйан чинчилээбитэ. “Кутуруга суох” ураты этэ. Кини атыттары киэр анньа-анньа астаах миискэҕэ бастакынан кэлэр этэ.

“Кутуруктаах эбитиҥ буоллар”, — Айталыын лэӊкэллибит ыт оҕотун имэрийбитэ. Онтон, саараан баран, кутуруктаах атыыр оҕотун талбыта. Онтун илдьэ Дьокуускайга төннүбүтэ.

Ыт оҕото ааттаах мэник-тэник эрээри, өйдөөх этэ. Араас хамаанданы дэбигис ылынара. Аҕатыгар Мухтаарга майгынныыр буола улаатан испитэ. Онтон ыам ыйыгар парвовируснай энтеритинэн ыалдьан, «өбүгэлэригэр айаннаабыта». Айталыын бииргэ устудьуоннаабыт табаарыс уолун кытта куорат таһыгар таһааран ол Мухтаар оҕотун уку-сакы  «кистээбиттэрэ»…

Биир сайын Айаал Данилов уларсан Мухтаары бэйэтин булчут тыһы ытын кытта иссиһиннэрбитэ. Ол эрээри, ийэлэрин курдук хара өӊнөөх ыт оҕолоругар Силиппиэнтэптэр «Мухтаар оҕолоро ээ» диэн бэһирбэтэхтэрэ.

Мухтаар хойут Маалыкайга чугастыы олорор ыал тыһы ытын кытта сыбаайбалаабыта. Хас да оҕоломмута эрээри, бэйэтин курдук улахан булчут ыт тахсыбатаҕа. Мухтаар биир оҕотун Тыасытовтар ылбыттара. Саһыл курдук дьүһүннээх, улаатан дырайбыт Көтүппэт булка сыһыаннаах буолар чинчилээҕэ. Кыдаан “Мухтаарбыт оҕото” диэн, уулуссаҕа сырыттаҕына ыӊыран ылан, аһатан баран, куска илдьэ сылдьыбыта. Көтүппэт ууттан хас да куһу таһааран биэрэн, дабыдаллаппыт халбаны ирдээн от быыһыттан тутан биэрэн, булка дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. Маны таһынан, Мухтаар курдук, уулуссанан ааһар матасыыкыллары үрэ-үрэ сырсара.

Мухтаар тиһэх булда

(Айталин ахтыыта)

“Тиһэх төгүл Мухтаары кытта мин 1997 сыл сэтинньитигэр, ийэбин ыарыылаһа бара сылдьан, бултаабытым. Ийэм рак буолан сытара. Киниэхэ сарсыарда уонна киэһэ алта чааска тымырыгар укуол биэрэрим. Ити кылгас кэм икки ардыгар (укуоллар быыстарыгар) Мухтаары “Иж Юпитер – 5” матасыыкыл кэлээскэтигэр олордорум уонна чугас эргин тииӊнии барарым.

Кэнники сырыыбар, Мухтаар, мөлтөхтүк да көрдөр, уон үс тииӊи үрэн биэрбитэ. Сыты ылара ааттаах этэ. Дьиэбэр уон икки тииӊнээх кэлбитим. Биир тииӊ үөһэ, тиит лабаатыгар иӊнэн, тыаҕа хаалбыта. Төннөрбүтүгэр Мухтаар дьиэлиэҕин отой баҕарбат этэ. Кэлээскэттэн ыстанан түһэн баран, лоӊкуначчы үрэ-үрэ тыа саҕатын диэки сүүрэрэ. Кэриигэ тохтоон, эргиллэн мин диэки одуулаһара, кэтэспиттии көрөрө. Ити кэмӊэ кини уон икки аӊаар саастаах этэ.

Саас, 1998 сыллаахха, кулуг тутар ыйга ийэм сырдык тыына быстыбыта… Кини 63 саастааҕа… Икки сыл буолан баран, уон биэһигэр, Мухтаар «өбүгэлэригэр барбыта».

1997 дуу 1998 дуу сыллаахха, булчуттарга аналлаах республиканскай “Кыраһа” диэн сурунаалга биллиилээх кинолог, саха лаайкатын заводчига Айаал Данилов бэйэтин Нэк диэн бастыӊ ытын туһунан суруйбут ыстатыйата бэчээттэммитэ. Онно Нэктэн ордук булчут ыттана илигин суруйбут этэ. ОЛл эрэн, Нэккэ тэӊнээх биир эрэ ыт баар диэн ахтыбыта. Ол Мухтаар диэн Маалыкай ыта диэн суруйбута. Улахан булчута суох ыал ыта буолан, бюэйэтин кыаҕын ситэри арыйбата диэн бэлиэтээбитэ.

Нэк булка сылдьан дэӊнэниэҕиттэн, Айаал кыһын аайы Мухтаары уларсан булка илдьэ сылдьара. Ыты төттөрү аҕаларыгар “Мухтаар атаҕын хамнаһа” диэн тайах чиэппэрин кэһиилэнэн кэлэрэ».

Түмүк оннугар

“Бу түү мээчик курдук төгүрүк сир үрдүгэр тулох барыта эргийэ-саамылана турар эбээт!” — диэн Иван Гоголев – Кындыл эппитинии, дьоннор уонна кинилэр эрэллээх доҕотторо – ыттар – дьылҕалара араастаан саамыланан, сааһыланан устан ааһаллар.

Павел Шелопугиннаах врач кыыстарын Уляны кытта Дьокуускайга олороллор, сиэннэрин биэбэйдииллэр. Улахан уоллара Алексей Павлович Читаҕа олорор, улахан тэрилтэҕэ топ-менеджер. Кыра уоллара Ростислав Покровскайга баар. Онно күтүөт. Кыыстара Аля Эмиэрикэҕэ, Лос-Анджелеска олохсуйбута аҕыйах сыл буолла.

Айаал Данилов Ньурба Малдьаҕарыгар олорор, саха лаайкаларын иитэр питомниктаах.

Маалыкайга Көтүппэт (Мухтаар оҕото) Афанасьевтар Наайдаларын кытта “сыбаайбалаабыта”. Наайда биэс оҕотуттан биирэ эрэ атыыр эбит. Ол ыт оҕото, Түргэн, улаатан, ситэн-хотон улахан булчут буола сылдьар. Бөдөӊ, саһархай хойуу түүлээх, түөһүгэр маҕаннаах, кутуруга харалаах ыты нэһилиэк кырдьаҕастара Мухтаарга маарыннаталлар, отур-ботур хайҕаан кэпсэтэллэр.

Дьэ, Фокин-Шелопугин, Саха Чапаайын, Силиппиэнтэптэр уонна кинилэр маанылаах ыттара Мухтаар тустарынан кэпсээним итинник. Эһиэхэ тус олоххутугар хаһан баҕарар, эмиэ бу айымньы геройдарыгар курдук, үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэр баар буолуохтара. Олохпут оннук лоскуйдартан турар. Ону Эһиги, ытык-мааны ааҕааччыларым, айылҕа маанылаах оҕолоро, сиэрдээхтик ылынаргытын умнумаӊ. Олоххо дьулуургутун сайыннарыӊ, аар айылҕалыын ситимӊитин быһымаӊ, дьону кытта үтүө сыһыаӊӊытын харыстааӊ. Оччоҕо хайа да хамсык олоххут отуорун дьалкытыа суоҕа, кэлэр кэм сылаас сыһыаны, эрэли, сырдык тапталы аҕала туруоҕа. Үөрүүгүт үксүү турдун, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиигит элбээтин, туруккут тубустун.

М. Ксенофонтов

Уруһуй

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0