БУЛТ СОНОРО (САЛГЫЫТА)

Ааптар: 
28.06.2022
Бөлөххө киир:
Hunter Shooting a Shotgun

Бултка арааһынай буолааччы

Мэхээлэ аҕата Дарыбыан оҕонньор булка элбэх киһини уһуйан дьон махталын ыллаҕа. Булт сындалҕаннаах соноругар уһуйуллуу туспа үөрэҕи эрэйэр. Бултуурга үөһэттэн үөттэриллэн төрөөбүт киһи тута сөрөөн булт абылаҥар ылларан түргэнник үөрэҕи ылынар. Суох киһитигэр туох кэлиэй — суох аата суох. Оннук дьон тоҥору-хатары, аччыктааһыны тулуйбакка тохтууллар. Онон саа чэҥкээйилэммит киһи барыта булчут буолбат. Мэхээлэ да үөрэҕи сырсыбакка, тыа оскуолатын уустук, мындыр аартыгын тэлэн идэмэрдээх, идэтийбит булчут буоллаҕа.
Сорох дьон, булчут кутаатын тула кэрэ, киэргэтиилээх, умсугутуулаах кэпсээни истэ-истэ тыаҕа тахсаат бултуйар курдук саныыллар. Баай Барыылаах Байанай маанылаах уһун сотолооҕун, адаархай муостааҕын си дьүгээр куду аспат. Кинини сонордоһорго сыра-сылба баранар, мутук тостор бытарҕан тымныыга аһаҕас халлаан анныгар үгүстүк кутааҕа сыраллан, сулустары ааҕа хонноххуна тоҥон «аны хаһан да саа тутуом суоҕа» диэн ийэ-аҕа ырыатын ыллаатаххына Байанайын «мичик» гынар.
Биир кэмҥэ Мэхээлэ аҕата улахан дуоһунастаах тойону ыттары, бэйэлэри хас да сыл бииргэ илдьэ сылдьан булка үөрэтэр. Тойон уһуйуллан, туһунан хампаанньа тэринэн, бултуур адьынаттанар. Оҕонньор кырдьан сындалҕаннаах сырыыны кыайбат кэмэ эбит. Арай биирдэ, күһүҥҥү тайах хаамыытыгар, Мэхээлэ аҕатынаан үүтээҥҥэ олордохторуна, хараҥаҕа ыҥыыр аттаах дьон сиэллэрэн сикситэн кэллилэр. Кэлии ыттар олохтоох, баайыылаах ыттары тутаары тиистилэр. Күһүҥҥү уу-чуумпуну ыттар «ар-бур» дэһиилэрэ, дьон ыттары буойар саҥаларынан тыа баһа сатараан олордо. Миисэ ыстанан турбутун аҕата:
— Олор! Кэлбит дьон киириэхтэрэ! — диэн кэбистэ. Кэлээччилэр үүтээн аанын тоҥсуйдулар. Онуоха аҕата:
— Ок, үчүгэй дьон кэллилэр. Байанайдара биэрбит. Бар Миисэ, ааны ас, — оҕонньор үөрэн өрө өгдөҥөлүү түстэ. Бултуйбут дьон үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ, хардарыта эҕэрдэлэһии. Чуҥкуйбут үүтээни өрө сүгэн кэбистэ. Харчыматтан адьырҕаны бултаабыттар. Хамандыырдара били дуоһунастаах тойон эбит. Эдэр киһинэн, Миисэнэн эһэ иһиттэн, этиттэн ыгыччы күөс буһаттараллар. Булт малааһына саҕаланар. Аал уоту аһатыы, Байанайга сүгүрүйүү сиэрэ-туома оҥоһуллар. Эһэни хайдах бултаабыттарын эбэ-саба кэпсээһин буолар. Кэлбит дьон ыксыыр аатыран хоммокко бараары тэринэллэр. Манна эттэрин уураары кэлбиттэр эбит. Онуоха Дарыбыан оҕонньор тойоҥҥо туһаайан:
— Үөрэппит уолум Байанайдаах булчут буолбуккун үөрэ көрдүм. Бу, мин оҕом Миисэ сүрэхтээх, булка сыстыыһы курдук көрөбүн. Уолбун ыттары илдьэ сылдьаҥҥын булка үөрэппэккин дуо? — диир. Онуоха тойон киһи кырдьаҕас көрдөһүүтүн «ымыр» да гыммакка, өһүөнү одуулаан көрөн туран:
— Бэйэм да булка үөрэтиэм диэн тыаҕа илдьэ кэлбит кырдьаҕас буолуоҥ, — диэн сөҥөдүйдэ. Эмискэ, үүтээн иһэ хам баттыахтыы иһийдэ. Чуумпу айа кирсинии тыҥаата. Оҕонньор хомойдо. Миисэ остуолтан буспут эһэ этин ылбытын, илиитин таһынан хаһыйда уонна ыар, нүһэр куолаһынан:
— Дьон өйүөтүн сиэмэ! — дириҥник өрө тыынна. — Дьэ, буоллаҕа.
Кэлбит дьон кэри-куру туттан тахсан истэхтэринэ:
— Мин да уолум Байанайдаах булчут буолан, дьонун-сэргэтин булт этинэн күндүлүө диэн эрэнэбин.
Кырдьык оҕонньор кыһыйыы-абарыы ис туругар киирэн эппит алгыһа туолбута. Мэхээлэ булт сиэрин-туомун тутуһар, ыллам-дьэллэм булчут буола сиппитэ.

* * *

Дьэ, арай биирдэ, тыаҕа сылдьан килиэптэрэ бүтэн хаалан, эдэр киһини аҕата дэриэбинэҕэ ыытар. Бэйэлэрэ төрдүө буолан бултуу хаалаллар. Миисэ килиэбин ылан, атынан айаннаан иһэн, сопхуоһун дириэктэрин көрсөр. ГАЗигынан сылдьаллар. Иккиэлэр, холуочуктар, ол саҕана куобах элбэх. Куобахтыы сылдьаллар эбит. Миисэ сопхуос каадырабай булчута буоллаҕа, дириэктэр булчутун билбэттээх буолуо дуо, хайа уонна элбэхтэ бииргэ бултаһан нэмнэрин билсибит дьон буоллахтара.
— Оо, Миисэ дорообо! — дириэктэр массыынаттан түһэ эккирээт, илии тутуһан дорооболосто, эйэргээн кууспаҕалаан ылла, — хайа бу, дьоҥҥор баран иһэҕин дуо?
— Ээ, дьоммор. Өйүө таһааран иһэбин.
— Миисэ дьэ, төрөппүт уолум тэҥэ буоллаҕыҥ. Кэһии арыгылаах буолуохтааххын, ону биһиэхэ аҕал. Биһиги Абаҕа үүтээнигэр оҕонньоттор сыттыктарын анныгар үс буокка хааллардыбыт. Олору ылан аас. Эн, тугу да сүтэрбэккин, атастаһыы курдук буолар буоллаҕа, — дириэктэр мас-таас курдук этэр.
— Эс, хайдах буоллуҥ. Анаан-минээн илдьэ иһэр кэһиибин хайаан биэриэхпиний.

Онуоха массыынаҕа олорооччу:
— Хайа бу, хайдах буолбут киһигиний?! Тойонун тылын истибэт.
— Ээ, пошшел! — диэн баран Миисэ атын тиҥилэхтээн кэбиһэр. Кэнники биллибитинэн, массыынаҕа олорооччу олох даҕаны, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ эбит.
Үүтээҥҥэ тиийбитим дьонум суохтар. Бултаан кэлэ иликтэр. Ампаарга кыыл этэ элбэх. Соҕотохпун диэн тутахсыйбатым, оһоҕу тигинэччи оттон кэбистим. Аҕалбыт өйүөбүттэн сиэн мотурҕатан кэбистим. Ол аайы абааһыттан куттаммаппын, таах ырыанан анньа сылдьабын. Киэһэ аҕам аах кыыл өлөрбүттэрин ындан кэллилэр. Соһуйдулар:
— Хайа бу, тоҕо эт буһарымматыҥ?
— Дьон этэ буолуо диэн тыыппатым, — диибин. Дьонум күлсүү бөҕө. Онтукайым баара, үүтээҥҥэ кэллиҥ, ким да этэ буоллун, буһарынан сиир бырааптаах эбиккин.
— Ким эрэ тайах этин бүтүннүү тиэйэн барар, ким эрэ биир кырбас эти сиэбэт, — дэһэ-дэһэ хаадьылаан күлсэллэр. Дириэктэргэ биир эрэ бууту ыларын көҥүллээбиттэр. «Биһиги элбэхпит. Биир бууттан ордугу биэрэр кыахпыт суох,» — диэбиттэрин үрдүнэн киһилэрэ бүтүн тайаҕы тиэйэн илдьэ барбыт. Тойон буоллаҕа.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах,

Суотту, Уус Алдан

Уруһуй istockphoto.com ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0