Үүтээн дьиктитэ
Мэхээлэ Бэтэкээҥҥэ сааһын тухары бултаатаҕа. Өссө хос эһэтин саҕаттан кинилэр аймах бултуур сирдэрэ.
Киһи анаан оҥорбутун курдук бэс чагданан тулаламмыт, тыатын саҕата хатыҥ чараҥынан иилэммит, алаадьы курдук төгүрүк күөллээх, икки-үс от кэлэр дьоҕус алаастаах сир. Бөтүҥтэн сэттэ көс ыраах, суол-иис мөлтөх. Кэбээйи ыпсыыта буолан Кэҥкэмэ үрэх Гуорунайынан кэлэн Өлүөнэҕэ түһэр. Үрэх баһа дойду буолан, булт бэйэтин дьаалатынан үөскүүр. Мэхээлэ оҕо эрдэҕиттэн аҕатын Дарыбыаны батыһан, сайынын кыһын ат сииригэр оттоон, борбуйун көтөҕүөҕүттэн кырдьаҕас булчуттардыын кыылга хааман. Бэйэтэ каадырабай булчут буолан, үүтээни иччилээн олоҕун үтүө кэмнэрин бараатаҕа.
Үүтээн утары ас уурар ампаардаах. Сылгы аһыыр кыбыыта, отун дала, олохтоохтук оҥоһуллубут ыттар уйалара барыта булчут олоҕун кэрэһилииллэр. Мэхээлэҕэ үүтээнэ чугас, истиҥ. Соҕотоҕун бултуу сылдьан, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыларга үүтээнин тимир оһоҕо чачыгыраччы умайан, сылааһынан угуттаан, куһаҕан дьайтан араҥаччылаан, чугас доҕор кэриэтэ буоллаҕа. Булчут диэн төһө да судургу баҕайытык иһилиннэр, ис иһигэр киирдэххэ, ылбычча киһи булчут буолбат. Хас да ый кимниин да айах атан кэпсэппэккэ, мутук тостор томороон тымныыга, түҥ балай хара тыаҕа соҕотоҕун сылдьыах диэтэххэ, булгуруйбат модун санаа, куттаммат эр сүрэх наада. Тыаҕа эрэнэрин эрэ бэйэҕэр. алҕас дэҥҥэ-оһолго түбэстиҥ — бүтүүтэ. Бытырыыстаах да быыһаабат. Айылҕаҕа сылдьар киһи итэҕэлэ күүһүрэр. Куруук аал уоккун айах тута, көрдөһө-ааттаһа сылдьаҕыҥ. Түүлүн иччилэнэн, Байанайыҥ тосхойорун, араастаан биллэрэр. Тоҥору-хатары тулуйбат, куттанан дьигиҥнии сылдьар, кыра ычалаах киһи дьарыгырбат дьарыга. Ол да иһин, былыр-былыргаттан булчуттары араас уос номоҕо оҥорон, кэрэ кэпсээн тиһэллэрэ. Бүтүн аҕа ууһун иитэр-аһатар булчуттарыгар сүгүрүйэн үрдүктүк туталлара. Оннук ээ, булт соноро мындыр өйү, тулууру эрэйэр.
Өрдөөҕүтэ, Бэтэкээҥҥэ Мэхээлэ аҕата Дарыбыан, Уйбаныап Бүөтүр-Бөрдөкө уонна Сиипсэп Бүөтүр буолан бултуу тахсыбыттар. Булчут сиэринэн оһохторун аһатан, бэйэлэрэ тото-хана аһаан, кыратык баллыгыраһа түһэн баран утуйбуттар. Арай, оҕонньоттор уһуктубуттара Бөрдөкө Бүөтүрдэрэ малын хомуммут, атын ыҥыырдаабыт уонна барардыы таҥнан баран олорор үһү. Онуоха Дарыбыан:
— Хайа, Бүөтүр туох буоллуҥ?
— Ээ доо, мин төннөр буоллум.
— Бай, ол тоҕо? Саҥа кэлээт, — оҕонньоттор соһуйаллар.
— Ээ, барабын, — Бөрдөкөлөрө тоҕо барарын олох эппэт үһү. Кулук-халык туттар, мух-мах барар. Оҕонньоттор төннөр киһини туох диэн тутуохтарай. Сатахха малын барытын хомунан, таҥнан айанныырга бэлэм олордоҕо. Бөрдөкөлөрө барбытын кэнниттэн Дарыбыан сэмээр Бүөтүртэн ыйытар:
— Бэйи эрэ Бүөтүр, бэҕэһээ аһаан баран киһибитин туох да диэн өһүргэппэтэхпит дуо?
— Эс, туох диэтэҥий. Үчүгэй баҕайытык аһаан баран утуйбуппут дии.
Дьэ, оннук оҕонньоттор үчүгэй баҕайытык бултаан дэриэбинэҕэ киирэллэр. Дарыбыан Бөрдөкөнү көрсөн ыйытар:
— Бэйи эрэ Бүөтүр, ити бултуу тахсан баран, сиртэн тоҕо төнүҥҥүн? — оҕонньоттор да төннүү ис кистэлэҥин билиэхтэрин баҕаран эрдэхтэрэ. Саастарын тухары эн-мин дэһэн бултаабыт үөлээннээхтэр буоллаҕа.
— Дьэ доо, эһиги итинник үүтээҥҥэ хайдах олорон бултуугут? Көр, түүн утуйа сыттахпына, дьахтар киирэн атахпыттан ылан, наараттан сиргэ кэтэхпинэн «лос» гына түһүөхпэр диэри, иккитэ ылан бырахта уонна өссө саҥалаах: «Бар мантан, үһүс кэлиибэр олох куһаҕан буолуо» диэн саанна. Онтон ороһуйан, куттанан сыппатаҕым даҕаны. Хомуммутунан бардаҕым дии. Хата, үһүстээн кэлбэтэҕэр махтал. Ону эһиэхэ, бултуу хаалар дьоҥҥо, туох диэн кэпсиэхпиний?.
Аны Сахаарап Мэхээлэ диэн баара, аҕам үөлээннээҕэ. Ол киһи эмиэ олох хоммот үһү. Бэтэкээҥҥэ тиийбэккэ Абаҕа диэн сир үүтээнигэр хоноро, эбэтэр ааһа баран Харбаайыга хоноро. Онуоха Дарыбыан сөбүлээбэккэ:
— Саатар тохтоон кэпсэппэккэ ааһаҕын, — диэбит.
Онуоха Мэхээлэтэ судургутук:
— Үүтээнин улаханнык куттаабыта, — диирэ үһү. Кэнники биллибитинэн, эмиэ дьахтар атаҕыттан соһон холдьохпут эбит.
Мэхээлэ үүтээнин туһунан араас кэпсээни истэн улааттаҕа. Уон аҕыс саастааҕар аҕатынаан бултуу тахсарыгар, үүтээҥҥэ соҕотох хаалыан куттанар этэ. Төһө да Сэбиэскэй кэмҥэ абааһыны, таҥараны итэҕэйбэт буола сатааталлар, айылҕаҕа киһи кута уларыйан, биллибэт күүскэ сүгүрүйэриҥ, үҥэриҥ бэйэҕиттэн тутулуга суох үөскүүр. Аҕата Дарыбыан үүтээннэрин оһоҕун, ис сүрэҕиттэн өр алҕаан аһатара, айах тутара. Ол быыһыгар: «Уолбун араҥаччылааҥ, арчылааҥ», — диирин Миисэ истэн ааһара.
Сир-дойду барыта иччилээх, бэл, киһи биирдэ хонон ааспыт отуута иччилэнэр. Куруук дьон ортотугар сылдьар киһи ону баардыылаабат. Онтон, хайдах соҕотох хаалан айылҕалыын биир ситим буоллаххына, биллибэт эйгэни итэҕэйэҕиҥ, араастаан баалларын биллэрэллэр даҕаны… Аны, үүтээн сорох дьону тоҕо үүрэрин Мэхээлэ маннык саныыр:
— Араас сирдэр баар буолаллар, ардыгар көҥөс сирдэр. Бу эбэлэргэ булт баар да — бултаппат. Сыыһа-халты харбаталлар. Ол курдук, сорох сирдэр иччилэрэ сөбүлээбэт дьоннорун холдьоҕоллор. Сэрэтиини истибэтэҕинэ куһаҕанынан да түмүктэниэн сөп. Арааһа, бу дьон, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, алҕас да диэххэ сөп, булт суруллубатах сокуонун, сиэри-туому кэспит буолуохтарын эмиэ сөп. Тыаҕа соҕотох сырыттахха, ким эрэ, туох эрэ куруук кэтии-маныы сылдьарын эккинэн-хааҥҥынан билэҕин. Айылҕа таайыллыбатах өрүтэ элбэх буоллаҕа.
Аны бултуу сырыттахха түүлүҥ иччилэнэр. Байанайым тосхойор буоллаҕына, мин сарыы-оһуордаах таҥастаах эбэҥки кыыһын көрдүм эрэ, тайах бултуубут. Дьиктитэ баар, бултаан бүтүөхпүттэн, бу кыыһым, түүлбэр киирбэт буолан хаалла.
Дьэ, арай биирдэ, Махно Русланныын Бэтэкээним үүтээнигэр сытан тайахтаатыбыт. Үчүгэй баҕайы күһүҥҥү ылааҥы күннэр тураллар. Алтынньы саҥата этэ. Биирдэ хаардаан баран, ситэри ууллубакка, хаар эриэн суорҕан курдук буолан сытар.
Арай түһээтэхпинэ, өлбүт киһини Русланныын иинтэн хостуубут. Бокуонньукпут сип-синньигэс илиилээх диибин. Олох куттаммаппын. Илиититтэн тутан, иинтэн сулбу тардан таһааран, сүгэн кэбиһэбин уонна мыраан үрдүнэн туох да кыһалҕата суох бара турабын. Махно Русланым куттанан, сыыр аннынан барар, олох чугаһаабат. Сарсыарда киһибэр түүлбүн кэпсиибин. Онуоха киһим:
— Өлбүт киһи туох аанньаҕа көстүбүт үһү, — диэн сөҥүдүйдэ уонна бүгүн бултууруттан батынна. Мин икки эдэр уоллуун, ыҥыыр аттарынан тыалаатыбыт. Үүтээнтэн соччо ырааппатыбыт, ыттар үрэн бардырҕастылар. Дьэ биһиги, иһиттибит-истибэтибит диэт бэс чагданан хатыс ууннардыбыт. Ыттар үрэллэрэ сүтэ-сүтэ иһиллэр. Олох чугаһаатыбыт. Ол быыһыгар ырдьыгыныыр саҥа иһиллэр. Уолаттарга эттим:
— Уолаттар киирэн ытыалааҥ. Сэрэниҥ! Кырдьаҕас быһыылаах, — уолаттар аттарын миэхэ туттараат, тилир гыннаран хааллылар. Оччоттон сатаан сүүрбэппин, онон аттары холбонон, аа-дьуо сиэтэн, чугаһаан истим. Русламмыт үүтээҥҥэ сылдьан, ыттар үрэллэрин истибит. Быһах суох, ыксаан килиэп арыыланар быһаҕа ылбыт. Харабыын суох, аҕыйах сүнньүөхтээх доруоп сааны сүгээт, булчутун хаана оонньоон, ыттар үрэр сирдэрин диэки тэбинэр. Аара, дьоно бэс чагданан атынан элээрдэн эрэллэрин көрөн төннөр.
Дьэ, онтон эмискэ, ыт моргуорун быыһыгар, уолаттар ытыалаан тиҥиргэтэллэр. Ыт орута-сарыта, эһэ часкыыра, саа тыаһа тыа иһин ылан кэбиһэр. Онтон уу-чуумпу буолар. Арай , Мэхээлэ тиийбитэ, уолаттара алталаах-сэттэлээх аарыма кырдьаҕаһы боҕутуннарбыттар. Улахан аҥаара арҕахтан тахса сытар. Ыттар кырдьаҕаһы ытыра-ытыра тардыалыыллар. Мэхээлэ өйдөөн көрбүтэ, бэйэтин икки ыттара суохтар.
— Хайа, бу мин ыттарым?! Ыттарбын эмиэ ыттыгыт дуо?! — Булчукка ыта буоллаҕа, баар-суох күндүтэ. Уолаттар эргим-ургум көрдүлэр, мух-мах бардылар.
— Билбэтибит ээ, — дэһэллэр буруйдаах оҕолуу. Оттон хайыахтарай, суох аата суох. Кэри-куру адьырҕаларын астаан баран үүтээннииллэр. Арай үүтээҥҥэ кэлбиттэрэ Мэхээлэ атыыр ыта бу кэлэн сытар. Үөрүү бөҕө буолар. Ыт сыҥааҕа баллаччы иһэн хаалбыт. Иччитэ тутан-хабан көрбүтэ — этэмэт, уҥуох алдьамматах. Кыратык эт быһа охсон биэрбиттэрин, аргыый сиэн кэбиһэр. Бэттэхтэтииһи диэн буолар. Кырдьык, үс хонугунан кыылы бултатар. СКС суптугур буулдьата эһэни курдаттаан ыты таппыт. Бу ыт буулдьаҕа табыллыаҕыттан, бултуур уота-күөһэ мөлтөөн, кэхтэр аакка барбыта.
Арай, эһэни бултаабыттара үһүс күннэригэр, сарсыарда бултуу бараары сырыттахтарына, таһырдьаттан Уйбааскы саҥата:
— Миисэ, Миисэ, көр эрэ, — бэрт сэргэх куолас иһиллэр. Мэхээлэ «туох буолла?» диэн тахсан көрбүтэ, арай тыһы ыта илин хаҥас атаҕын соһон бу сыһыллан иһэр эбит.
— Хайоо, ытым барахсан, — Мэхээлэ үөрэн ытыгар ыстанан тиийэр… Ыт барахсан «бу айылаах буоллум,» — диэбиттии сүүлэ испит атаҕын саламмахтыыр, киһи уйадыйыах ыйылаамахтыыр, кутуругун куйбаҥнатан ааттаһардыы иччитин көрбөхтүүр. Разрывной буулдьа ыт хаҥас атаҕын үөһэ өттүн олох хайа тэбэн тахсыбыт. Мэхээлэ ытын имэрийэ-имэрийэ «хайыыбыт!» диэн ыйытар. Тыаҕа бастаан тахсарыгар, бэриинэ курдук эмис ыт хайа охсор аҥара хаалан, уҥуохха тириини саба бырахпыт курдук ыран кэлээхтээбит.
Бааскам олох хаһыыра түстэ:
—Хайдах буоллун доҕор! Өлөр өлүүнү кыайан, «абыраатаҕына иччим абырыа» диэн кэлбит ыты, харабыын буулдьатынан көрсөөрү гынаҕыҥ дуо?! — саба саҥаран кэбистэ. Ботуччу эт быһа охсон бырахпыппытын, хара-хара сиэн кэбистэ.
— Дьэ, бэрт. Үчүгэй буолсу, — дэстибит. Атаҕын бааһа ынырык. Разрывной буулдьа иҥиирдэрин тоҕо тэбэн тахсан, үөһэ-аллара салыбырыы сылдьаллар. Ыты аһынан, дэриэбинэҕэ төннөн иһэр булчуттарга биэрэн ыыталлар.
Үнүргү эһэни бултаабыттара маннык буолбут. Уолаттар ыттарга сүүрэн тигинэһэн тиийбиттэрэ, ыттар аарыма кырдьаҕаһы үрэн туналдьыта сылдьаллар эбит. Адьырҕа дьону көрөөт, сүүрэн түүтэхтэнэн тиийээт арҕахха сылыпыс гыммыт. Уолаттарга тыын ылларар бокуой биэрбэккэ, арҕахтан ойон тахсаат, дьоҥҥо ыстанар. Уолаттар эһэни икки харабыынынан ытан тиҥиргэтэллэр. тыын-тыыҥҥа харбас, ыт эрэ, эһэ эрэ! Адьырҕа таптаран арҕаҕар төттөрү ыстанар. Ол тухары ыттар эһэҕэ иилиҥкэйдэһэ сылдьаллар. Адьырҕа «аны синим биир» диэбиттии часкыйбытынан ыттары бурайаат тахсан истэҕинэ — уоскуталлар.
Дьэ итинник, адьырҕа кыыл киһи түүлүгэр араастаан дьүһүн кубулуйан киирэр.
Үүтээним дьону моһуоктуурун истэ улааппыт буолан, уон аҕыстаахпар соҕотоҕун бастакы түүммэр хонуум саллыы этэ. Күһүҥҥү тайахха аҕам аах Кэҥкэмэҕэ эрдэ аттаммыттара. Мин тардыллан, хойутаан айаннаатым. Сирим ортотугар биир хонон киэһэ сөпкө Бэтэкээҥҥэ тиийдим. Арай үүтээммэр чугаһаан истэхпинэ, ыт да үрбэт, буруо да унаарбат, уу-чуумпу. Дьонум баран хаалбыттар. Остуолга сурук сытар: «Миисэ, биһиги кыыл өлөрдүбүт, онон үөһэ үүтээҥҥэ бардыбыт», — диэн суруйбуттар. Эмискэ курус гына түстүм. Бэл, үүтээним дьиппиэрэн, хараҥаран хаалла. «Абаҕаҕа хонон хаалбаккабын» диэн кэмсинним. Онно баар хампаанньаҕа холуочуктарын сөбүлээбэккэ уонна дьоммор кэһии гынан таһааран иһэр испиирбиттэн көҥөнөн бысталаннахпын. Аппын көрбүтүм, уу чоккурас буола тириппит, төбөтүн хоҥкутан, баҕанаҕа аспыт. Сылайбыт бэлиэтэ. Оччолорго «жук» диэн, баттыалаатахха тыгар, жу-жу-жу улахан баҕайытык хомурдуостуу тыастаах фонарик баара. Хараҥарбытыгар абааһыны куттаан журдьугунатабын, ийэм астаабыт алаадьытынан оһохпун аһаттым, санаабар «абааһыны чугаһатыма» диэн алҕаабыта буоллум. Спидолабын буолунай улаханыгар туруоран кэбистим. Уһун күнү быһа акка мискиллэн, сылаам таайан утуйан хааллым. Эмискэ «Хоох» диэн улахан баҕайы саҥаттан «абааһы» диэбитинэн олоро түстүм. Харахпын аспытым, халлаан сырдаан ырааппыт, күһүҥҥү күн илин саҕахтан кылайа тахсан эрэр эбит. Үөрэн өлө сыстым. Үүтээн таһыгар мустубут суордар саҥаран уһугуннарбыттар эбит. Эдэр буоллаҕым. Кытаанахтык утуйан сылаам тахсыбыт. Ити алтынньы саҥата этэ. Сир хара. Дьогдьоот дьыл эбитэ буолуо. Күөлтэн уу баһа киирдим. Арай көрбүтүм кустар уста сылдьаллар. Саабын ылан, киирэн түөрт хаас курдук көҕөнү өлөрдүм. Оччолорго куобах элбэх. Тыаны кэрийэн, биир бүтэй бүөрдээх бэйэ куобаҕы өлөрдүм. Айахпынан тутахсыйбаппын. Ийэм буһарбыт бэрэскитэ, алаадьыта элбэх. Аҕам аах ол күн эмиэ кэлбэтилэр. Бөлүүн хоммут буолан, эрэх-турах сананан, үчүгэй баҕайытык утуйан хааллым. Кэнники соҕотох сылдьа үөрэнэн, хата үүтээммин ахтар буолан хаалбытым. Дьоннорум киэһэ Байанайдара биэрэн, эт-ас бөҕө ындан кэлбиттэрэ. Үөрүү-көтүү, булт чалбараҥа саҕаламмыта.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах,
Суотту, Уус Алдан
Хаартыска ru.dreamstime.com ылылынна